1939 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 26 — АХШ Вашингтонугар буолбут аатырбыт теоретическай физика конференциятыгар Нильс Бор уран үллэһиллиитин арыйыы туһунан биллэрбит. Физиктэр мунньах бүтүүтүн кэтэспэккэ утуу-субуу арыйыыны хатылыы лабораторияларыгар сүүрбүттэр.
Олунньу
- Олунньу 5 — НКВД Аржаковы С.М. уонна Габышевы А.Г. хаайбыт.
- Олунньу 14 — Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбатын тэрийии туһунан уурааҕы Саха АССР Норуотун Хамыһаардарын Сэбиэтэ таһаарбыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 15 — Чехословакияны Германия оккупациялаабыт.
- "Эдэр бассабыык" хаһыакка Тимофей Сметанин суруйааччы Чаҕылҕан "Ньургуһун туһунан" диэн оҕолорго аналлаах кинигэтин ырытар ыстатыйатын бэчээттээбит[1].
- Кулун тутар 16 — Гитлер Прагаҕа тиийэн Богемияны уонна Моравияны ньиэмэс протектораатынан биллэрбит.
- Кулун тутар 23 — Саха тылын саҥа алфавита уонна орфографията бигэргэтилибит.
- Кулун тутар 28 — генерал Франко сэриилэрэ үс күннээх сэрии кэнниттэн Мадрид куораты ылбыттар.
Муус устар
- Муус устар 1 — Испанияҕа Гражданскай сэрии түмүктэммит. Франко толору кыайыыны ситиспитин биллэрбит.
- Муус устар 7 — Фашистыы Италия Албанияҕа саба түспүт.
- Муус устар 8 — Незаметнай прииска Алдан куорат буолбут.
- Муус устар 8 — Алдан куоракка кииннээх Алдан уокуруга үөскээбит. Уокурукка Алдан, Төмтөөн, Томмот уонна Учур оройуоннара киирбиттэр.
- Муус устар 26 — өрөбөлүүссүйэни утарар үлэни ыыппытын, "өстөөхтөр" Алампа, Күлүмнүүр, Ойуунускай пьесаларын туруорбутун иһин хаайыллыбыт Саха тыйаатырын дириэктэрэ Тарас Местников урут биэрбит көрдөрүүлэриттэн эмискэ батыммыт, силиэстийэ сыыһа ыытыллыбытын, буруйа суоҕун эппит. Ол эрээри баайа-дуола былдьанан, 20 сылга хаайыыга ыытыллыбыта. Уһун унньуктаах үҥсүү-харсыы түмүгэр 1940 сыллаахха буруйа суоҕа дакаастанан босхоломмута. Маны устуоруктар нарком Н.Ежов ууратыллыбытын, онон НКВД сорох дьыалалара хаттаан көрүллүбүтүн кытта ситимнииллэр.
- Муус устар 26 — "Кыым" хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Степан Бордонскай баартыйа обкуомун пропагандаҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 10 — Халыма-Индигир өрүс пароходствота үөскээбит.
- Ыам ыйын 11 — Монголияҕа Халхин-Гол өрүс аттыгар Манчжоу Го уонна Монголия (дьиҥэр Япония уонна ССРС) сэбилэниилээх күүстэрин ыккардыларыгар кыргыһыы саҕаламмыт. Бу саастан күһүҥҥэ диэри барбыт сэбилэниилээх утарыта турсууну сорох устуоруктар Иккис нуучча-дьоппуон сэриитэ диэн ааттыыллар. Икки өттүттэн сүүһүнэн таанка уонна сөмүлүөт кыттыбыта, уончалыы тыһыынча киһи өлбүтэ.
- Ыам ыйын 22 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Германия уонна Италия Ыстаал паакта диэн ааттаммыт сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
Сэтинньи
- Сэтинньи 6 — НКВД-лар Васильевы С.В. хаайбыттар.
- Сэтинньи 26 — Майнилатааҕы түбэлтэ. Майнила диэн сэбиэскэй дэриэбинэ аттыгар сылдьыбыт саллааттары Финляндия өттүттэн пушканнан ытыалаабыттарыгар күтүрээбиттэр. Фииннэр билиммэтэхтэр, кыраныыссаҕа пушкабыт да суох диэбиттэр, силиэстийэ ыытарга модьуйбуттар, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба онтон батыммыт уонна түөрт хонугунан сэриини биллэрбит.
Ахсынньы
- Ахсынньы 4 — сэбиэскэй бырабыыталыстыба Финляндия эйэлэһии кэпсэтиитин саҕалыырга этиититтэн батыммыт.
- Ахсынньы 12 — Фиин аармыйата сэбиэскэй аармыйа сэриилэрин Толваярви аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
- Ахсынньы 14 — ССРС Финляндияҕа саба түспүтүн иһин Нациялар Лигаларыттан таһаарыллыбыт.
- Ахсынньы 19 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
- Ахсынньы 24 — ССРС үрдүнэн олохтоох Сэбиэттэр быыбардара ыытыллыбыт, саҥа 1938 сыллааҕы Төрүт Сокуоҥҥа (Конституцияҕа )олоҕуран судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уларытан тэрийии түмүктэммит.
Төрөөбүттэр
- Борисов Иван Васильевич — суруналыыс, 2001—2008 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэстээтэлэ.
- Максимов Николай Иванович - Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх араадьыйа суруналыыһа.
- Тохсунньу 2 — Лидия Ефремова-Маркова — ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, РСФСР үтүөлээх бырааһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун (1999) уонна Наахара нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- Тохсунньу 9 — Романов Иван Григорьевич — устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Тохсунньу 23 — Ишниязов Ибрагим Михайлович - «Бүтүн Арассыыйатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын» Саха сиринээҕи салаатын бэрэстээтэлэ.
- Олунньу 1 — Сантаев Николай Маркович — кинодокументалист,
- Олунньу 20 — Лазарь Филиппов — Саха сиригэр гаас бырамыысыланнаһын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1965-1969 сылларга Дьокуускайга гаас ситимин тардыытын салайааччыта, 1973-1983 сылларга Ленскэйдээҕи райком сэкиритээрэ (улуус баһылыга), 1983-1988 сылларга Саха АССР Уматык бырамыысыланнаһын миниистирэ. СӨ норуодунай хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, философия билимин дуоктара.
- Муус устар 1 — Федотов Симон Петрович (01.04.1939—2004) — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа.
- Муус устар 7 — Фрэнсис Форд Коппола, кинорежиссёр, сценарист уонна продюсер, «Оскар» 6 төгүллээх, «Көмүс глобус» 4 төгүллээх лауреата.
- Ыам ыйын 20 — Елена Колодезникова — Аммаҕа төрөөбүт киһи организма намыһах температураларга үөрэниитин чинчийэр учуонай, ХИФУ Мэдиссиинэ институтун преподавателэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чэгиэн олоҕу тарҕатыыны саҕалаабыт дьонтон биирдэстэрэ, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, СӨ уонна РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуннара.
- Ыам ыйын 22 — Корнилова Зоя Афанасьевна — биллиилээх саха бэлиитигэ, Госдуума дьокутаата, экономика билимин хандьыдаата.
- Бэс ыйын 11 — Зверев Дмитрий Сергеевич (11.06.1939—08.09.2012) — прозаик-публицист,
- От ыйын 11 — Литвинов Игорь Александрович — СӨ үтүөлээх артыыһа, концертмейстер.
- От ыйын 14 — Л. Р. Боронкина, САССР үтүөлээх бырааһа
- Атырдьах ыйын 30 — Петров Василий Тимофеевич (1939 - 1991), филология доктора, фольклорист, литературовед.
- Балаҕан ыйын 2 — Зыков Федор Михайлович — устуоруйа билимин хандьыдаата, историк, этнограф
- Балаҕан ыйын 17 — Герасимов Николай Афанасьевич (Айталын) — бэйиэт, суруйааччы.
- Алтынньы 4 — Прокопий Яковлев — РФ уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа. 1979-1990 сылларга СГУ Медико-лечебнай факультетын декана, 1994-1999 сылларга СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ. Кэбээйи улууһун Ытык олохтооҕо.
- Алтынньы 7 — Готовцев Юрий Александрович. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI, XII ыҥырыыларын дьокутаата, Ил Түмэн III ыҥырыытын дьокутаата.
- Сэтинньи 17 — Кондаков Владимир Алексеевич, эмчит, суруйааччы.
- Сэтинньи 20 — Валерий Ноев — саха аатырбыт самодеятельнай хампаһыытара, билигин 50 тахса ырыата биллэр: «Кыракый кыысчааным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын көрсүһүү» (И.Гоголев) уо.д.а.
- Ахсынньы 16 — Дуткин Христофор Иннокентьевич (16.12.1939—22.12.2002) — филология билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 19 — Николай Максимов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх араадьыйа суруналыыһа.
- Ахсынньы 24 — Саввинов Дмитрий Иванович — архитектор.
Өлбүттэр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.