Алампа
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Алампа (Cофронов Анемподист Иванович) (14.11.1886—24.10.1935) — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. 1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүт. Ийэтэ суох улааппыт. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбит. 1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка наборщигынан үлэҕэ киирбит
1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүт. Ийэтэ суох улааппыт. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбит.
1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка наборщигынан үлэҕэ киирбит. Онтон Кирилэ Дабыыдап диэн үөрэҕэ суох балыксыт, балыгынан эргинэр киһиэхэ суруксутунан үлэлээбитэ. Сайын аайы Өлүөнэ өрүс төрдүгэр устан киирэн балыксыттары кытта сайылыыр эбит. Бу сылдьан түөрт сыл билсиһэн баран 1913 сыллаахха муус устар 28 күнүгэр Евдокия Яковлеваны кэргэн ылар. 1914 сыллаахха «Громов» борокуотунан Булуҥҥа чугаһаан иһэн алдьархайдаах тыалга түбэһэллэр. Онно тимирэн эрэр баарсаҕа дьону быһыы сылдьан эдэр хат дьахтар дэҥнэнэр, оҕо куотар, онтон сылтаан бу ыал оҕоломмотохторо. Бу сайыны быһа Алампа кэргэнин ыарыылыы-ыарыылыы «Дьадаҥы Дьаакып» диэн пьесаны суруйар.
«Саха саҥата» сурунаалга үлэлээбит, 1912 сыллаахха «Төрөөбүт дойдум» диэн аатырбыт хоһооно бэчээттэммит. Талааннаах драматург быһыытынан биллибитэ, кини драмалара саха театра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара, кини «Дьадаҥы Дьаакып» (1914), «Таптал» (1916) пьесалара киэҥник биллибиттэрэ. 150 ырыа уонна хоһоон ааптардара. Кэпсээннэрэ билиҥҥэ дылы саха литературатыгар холобур буола сылдьаллар. Тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллибит киһи. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха театра бастакы салайааччытынан үлэлээбитэ. ЯЦИК депутатынан талылла сылдьыбыта.
Балыырга түбэһэн, националист диэн ааттанан Саха Сирин таһыгар, Архангельскай уобаласка, көскө ыытыллыбыта. 1962 сыл алтынньы 15 күнүгэр реабилитацияламмыта[1]. Итинтэн барытыттан тэптэрэн, доруобуйата мөлтөөн, 1935 сыл алтынньы 24 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ, Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
2012 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов — Алампа көмүс уҥуоҕа, Таатта улууһун олохтоохторун уонна аймахтарын көрдөһүүлэринэн, Ытык-Күөлгэ Хадаайы диэн сиргэ («Таатта» литературнай художественнай түмэл аттыгар) иккистээн көмүллүбүтэ[2].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.