From Wikipedia, the free encyclopedia
Неймохов Егор Петрович (30.03.1950—25.06.2011) — саха народнай суруйааччыта.
Айымньылара 1975 сылтан бэчээттэммиттэрэ. Бастакы кинигэтэ, Д. Эверстовы кытта кыттыһан суруйуута, «Жизнь, посвященная борьбе» 1980 сыллаахха күн сирин көрбүт.
Егор Неймохов хас да киэҥник биллибит киинэлэр сценарийдарын суруйбута — «Хара Мааска», «Ильмень күөл үрдүгэр туруйалар», о.д.а. Сорох айымньыларынан тыйаатырдар испэктээкиллэри туруорбуттара: «Хапсыһыы», «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар, о. д. а.
Айымньыларын геройдара — сүнньүнэн аныгы дьоннор, артыыстар, ырыаһыттар, суруйааччылар, спортсменнар, суут-прокуратура үлэһиттэрэ уонна саха ыччаттара[1].
Киэҥ биһирэбили ылбыт айымньыта — «Схватка» (1983) сэһэн.
Кини сценарийынан «Черная маска» уонна «Журавли над Ильменем» диэн киинэлэр уһуллубуттар.
Нууччалыы, атын да омуктар тылларыгар тылбаастаммыт айымньылардаах. Саха тылыгар нуучча суруйааччыта Ю. Сергеев «Царская охота» кинигэтин тылбаастаабыт.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.