From Wikipedia, the free encyclopedia
Суорун Омоллоон (Дмитрий Кононович Сивцев) (14.09.1906—25.06.2005) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа (1991).
Суорун – дьоһуннаахтык, кытаанах, дьулуурдаах, соргулаах.
Омоллоон – Боотуруускай улууһун төрүттээччитэ (уокурук)[1].
«Сордоох суха», «Аанчык», о. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.
Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара.
Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар.
Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр.
Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи.
1932 сыллаахха Суорун Омоллоон Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар учебниктары тэрийэр авторскай бөлөххө үлэлээбитэ. Кинилэргэ үөрэх уонна үөрэтэр-методическай характердаах 40-тан тахса кинигэ бэчээттэммитэ.
1938 с. ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарда.
1990-с сылларга Саха сиригэр Таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэриигэ улахан кыллаты киллэрбитин иһин Нуучча православнай церковь анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт[7].
Биир саамай улахан тиһэх үлэтэ – 2004 сыллаахха түмүктэмммит "Саҥа Кэс Тыл" итэҕэл кинигэтин литературнай редакцията этэ[8].
Т. 1. Драматическай айымньылар. - 616 с. Т. 2. Кэпсээннэр, остуоруйалар, ыстатыйалар, очеркалар уонна хоһоонунан айымньылар. — 448 с.
Т. 1. Драматическай айымньылар. - 560 с. Т. 2. Хоһоонунан айымньылар, кэпсээннэр, ыстатыйалар, ахтыылар. - 496 с.
Т. 1. Драмалар, либреттолар. -576 с. Т. 2. Хоһоонунан айымньылар, кэпсээннэр, опера, балет либреттолара, ыстатыйалар. - 704 с.
- 59 с; М Учпедгиз, 1936. - 43 с.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.