Тулааһынап Пантелеймон Яковлевич
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Пантелеймон Тулааһынап (Туласынов Пантелеймон Яковлевич) (1916—1949) — саха бэйиэтэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1938).
Пантелеймон Тулааһынап хоһоонноро үөлээннээхтэрин айымньыларыттан ураты истиҥ иэйиилээхтэр, киһи тулалыыр эйгэтин, ис санаатын арыйаллар. Поэт норуотун олоҕун, хорсун сэбиэскэй ыччатын долгуйан туран уонна күүрээннээхтик хоһуйбута.
Дойдутун олоҕор буолар уларыйыыларга, хамсааһыннарга чуордук хоһоонун тылларынан хардарара, үлэҕэ килбиэннээх, хорсун быһыылаах норуотун хоһуйбута. Ордук сэрии кэминээҕи лирикатыгар сытыытык, чахчылаахтык оччотооҕу кэм хоһуйуллубут. «Фроҥҥа атаарыы», «Ытаама, ийэкээм, ытаама», «Фронтовик доҕорбор» хоһоонноругар, «Герой Попов кэриэһигэр» поэматыгар сэрии кэминээҕи олох чахчыта, сэрии ыар кэмнэрэ көстөллөр.[1]
Тулааһынап хоһоонноро судургу, намыын тутуулаах буоланнар, кэбэҕэстик ырыа буолан ылламмыттар. Ол курдук, поэт «Сэгэрим», «Даайа», «Кымыс ырыата», «Арахсыы», «Сулустар» хоһоонноругар суруллубут ырыалары норуот сөбүлээн ыллыыр. Биир киэҥник тарҕаммыт, дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэт норуот ырыатыгар кубулуйбут хоһоонноруттан «Сулустар» буолар. Бу ырыа матыыбын суруйбут Владимир Корякин (Индигирский) ахтыытыттан[2]:
«Мин бэйэм Абый Дружинатыттан төрүттээхпин. Этэргэ дылы, "тула өттүм тула хаар", тоҕус ый устата кыһын. Киэһэ ахсын оскуолаттан кэлэрбэр — халлааҥҥа эргиччи сулус сандаарар, дьүкээбил дьиримниир. Хоту дойдуга курдук бөдөҥ, чаҕылхай сулустары ханна да булан көрбөтөҕүм. Кырабыттан сулустары одуулуу улааппытым, ардыгар чааһы-чааһынан кэтиирим … Онон иитиэхтээн кэлбит иэйиим биир үтүө күн ырыа буолан таҕыстаҕа.
… Кэлин билбитим, поэт Абыйга үлэлээн ааспыт кэмнэрдээх эбит. Баҕар, эмиэ кинини хаһан эрэ, миигин курдук, Хотугу сулус кэрэ көстүүтэ абылаабыта буолуо. Хоһооно сырдык, ыраас ауралаах буолан мин, оскуола оҕото, бу көстүүнү ордук чугастык ылыммытым. Итиэннэ кини бу олус истиҥ хоһоонугар ким да матыып айбатаҕын дьиктиргээбитим.
Музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, доҕуһуолбун фортепианоҕа сөп түбэһиннэрэн көрөөччүгэ таһаарбыппын ылыммыттара. Сыыйа ырыам тарҕанан, араас доҕуһуолунан бар дьоҥҥо ылланан барбытыттан сүрдээҕин долгуйбутум. Киэҥ сценаҕа "Сулустары" Нина Чигирева аан бастаан толорбута, Нью-Йорка ХНТ штаб-квартиратыгар ыллаан турардаах. Онон ырыам аны опернай ырыаһыттар репертуардарыгар киирбитэ. Композитор Валерий Шадрин үллэстибитинэн, омук специалистара истэн: «Такую с божественной энергетикой песню мог написать только еврей,»" — диэн эппиттэр. Ол аата кинилэр үрдүк хайҕаллара итинник үһү …».
Халлааҥҥа кэмэ суох сулустар |
Пантелеймон Тулааһынап саха лирикатын сайыннарыыга сыаната биллибэт өҥөлөөх. Саха поэзиятыгар элегия (санаарҕабыллаах хоһоон) сүүрээнин биир бастакы киллэрбит поэтынан биллэр. Анабыл, илдьит формалаах хоһооннору хоһуйара («Поэтка», «Доҕорбор», «Өрүүнэҕэ», «Ыанньыксыкка», «Бырааска» уо. д. а.). Итини таһынан, Тулааһынап санааны-иэйиини этинэр (лирика) поэманы сайыннарбыт үтүөлээх («Саха Сирин туһунан поэма», «Сайын уонна кыһын»,«Саҥа поэматтан» уо д. а.).[1]
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.