From Wikipedia, the free encyclopedia
Өксөкүлээх Өлөксөй — Алексей Елисеевич Кулаковскай (16.03.1877 (эргэ халандаарынан 4 чыыһылаҕа), Уус-Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа — 06.06.1926, Москва) — саха литературатын төрүттээччи, поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ.
Өксөкүлээх Өлөксөй | |
Төрөөбүт аата: |
Кулаковскай Алексей Елисеевич |
---|---|
Төрөөбүт күнэ: |
16 кулун тутар 1877 |
Төрөөбүт сирэ: |
Учай алаас, Уус-Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа |
Өлбүт күнэ: |
6 бэс ыйын 1926 (49 сааһыгар) |
Өлбүт сирэ: | |
Дойдута: | |
Дьарыга: |
поэт |
1877 сыллаахха урукку ааҕыынан кулун тутар 4, саҥа истиилинэн кулун тутар 16 күнүгэр Амма өрүс үрдүгэр турар «Учай» алааска (билигин Таатта улууһун Уус-Амма нэһилиэгин сирэ) төрөөбүт.
1919, кулун тутар 11 күнүгэр — Саха уобалаһын хамыһаара В. Н. Соловьев Кулаковскайы Булуҥҥа хамыһаар дуоһунаһыттан устар туһунан ыйаах таһаарбыт.
1920, кулун тутар 14 — аата Саха күбүөрүнэтин хамыыһыйата А. Е. Кулаковскайы амнистия биллэрбит дьонун испииһэгэр киллэрбит.
атырдьах ыйын 14 — Саха күбүөрүнэтин чинчийэр подотделын уус-уран литэрэтиирэҕэ сиэксийэтин сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
Балаҕан ыйын 2 — Илин Хаҥаласка Хачыкаакка учууталынан анаммыт.
1921, тохсунньу саҥата — «Красный север» диэн таһаарыыга «Новая транскрипция якутского языка» ыстатыйата бэчээттэммит.
Олунньу 5 күнэ — А. Е. Кулаковскай доҕоро, биир санаалааҕа уонна киниэхэ үтүөнү оҥорооччу Семен Петрович Барашков ытыллыбыт.
«Куорат кыргыттара» хоһоону суруйар. Сайын Өймөкөөҥҥө матырыйаал хомуйар.
Алтынньы — ахсынньы — «Старинная якутская клятва».
ГПУ-га быраатын Иван Елисеевич Кулаковскайы өлөрөллөр.
1922, тохсунньу 2 күнэ — ийэтэ 84 саастаах Анастасия Николаевна Кулаковская өлөр.
1923, сэтинньи 22 күнэ — Кулаковскай Сэйимчээҥҥэ тиийэр.
1925 сыл ахсынньытыгар Саха АССР аатыттан Бастакы түүр сийиэһигэр Баку куоракка баран иһэн ыалдьан хаалар.
1926 с. бэс ыйын 6 күнүгэр Москуба куоракка өлбүт. Москубаҕа Даниловскай кылабыыһаҕа көмүллүбүт.
Иккитэ[1] кэргэннэнэ сылдьыбыт. Бастакы кэргэниттэн икки, иккиһиттэн үс оҕоломмут.
0
1900 сыллаахха «Байанай алгыһа» диэн хоһоону суруйбута. Бу хоһоону сорох чинчийээччилэр саха суругунан бастакы айымньытынан ааҕаллар. Элбэх хоһооннору уонна поэмалары суруйан хаалларбытыттан ордук дириҥ диэн билиниллэр айымньыта 1910 сыллаахха суруллубут «Ойуун түүлэ» поэма. Бу айымньыга поэт төрөөбүт омугун дьылҕатын анаарар, ол саҕанааҕы олох уонна аан дойду кыһалҕаларын ырытар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.