Ыам ыйын 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 142-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 143-c күнэ). Сыл бүтүө 223 күн баар.
- Саха халандаарынан сайын саҕаланар.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Сайылык күнэ
- Аан дойдуга хамсыыр харамай эгэлгэтин күнэ. ХНТ Генеральнай Ассамблеятын 55-с сиэссийэтигэр Хамсыыр харамай эгэлгэтин Конвенциятын ылыныы кэмигэр биллэриллибитэ (ыам ыйын 22 күнэ 1992 с., Найроби).
- Йемен Йемен — Дойду сомоҕолоһуутун күнэ [1](Соҕуруу уонна Хотугу Йемен холбоһон Йемен Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит).
- 760 — Галлей кометатын сурукка тиһиллибитинэн 14-с төгүл кэтээн көрүү кэмигэр халлаан эттигэ бэйэтин перигелийин ааспыт (ол аата Күҥҥэ ордук чугаһыыр туочукатын).
- 1455 — Сент-Олбанс кыргыһыытынан Англияҕа Аалай уонна Үрүҥ Розалар сэриилэрэ (1455—1485) саҕаламмыт. Кыргыһыыны герцог Йоркскай сэриитэ кыайбыт уонна Англия хоруолун Генрих VI билиэн ылбыт.
- 1856 — Москубаҕа Третьяковскай галерея тэриллибит.
- 1862 — Арассыыйа импиэрийэтигэр «Хайа биистэрин бүтэһиктээхтик бас бэриннэрэргэ … Хапхаас сиһин арҕаа өттүгэр Кубаан казаактарын уонна Арассыыйа атын олохтоохторун олохсутар туһунан» балаһыанньа тахсыбыт.
- 1863 сыллаахха ыам ыйын 22 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 10) күнүгэр Дьокуускайы улахан халаан уута ылбыт. Бастаан куорат соҕуруулуу-арҕаа өттө ууга барбыт. Икки хонугунан намыһах сиргэ турар дьиэлэр сарайдарыгар диэри ууга барбыттар, даллар отой көстүбэт буолбуттар.
- 1927 — Кытайга Синиин куоратын таһыгар 8.3 магнитудалаах улахан сир хамсааһына буолбут. Манна 200 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүт, онон аан дойду историятыгар саамай алдьатыылаах сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ буолар.
- 1939 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Германия уонна Италия Ыстаал паакта диэн ааттаммыт сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- 1940 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан кыһыл көмүс «Сиэрпэ уонна Молот» мэтээл олохтоммут — Социалистыы Үлэ Дьоруойун бэлиэтэ.
- 1943 — Иосиф Сталин Коминтерны ыспыт.
- 1947 — Тымныы сэрии: Туурсуйаҕа уонна Грецияҕа көмөлөһөр туһунан Трумэн доктрината олоххо киирбит.
- 1950 — Кытай бырабыыталыстыбата Тибиэккэ хомуньуустуу былаас олохтонор түгэнигэр автономия биэриэх буолбут.
- 1952 — Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтэ "Дальстройга 200 аты уонна 30 тыһыынча табаны атыылыырга" уураах ылбыта.
- 1960 — "Улуу Чиили сирин хамсааһына" — 9.5 магнитудалаах аан дойду историятыгар саамай модун күүстээх сир хамсааһына буолбут. Мантан үөскээбит цунами Соҕуруу Америка кытылыттан Чуумпу акыйаан бары муннугар диэри тиийбит.
- 1972 — Ричард Никсон Москубаҕа тиийбит. ССРС-ка сылдьыбыт АХШ иккис бэрэсидьиэнэ буолбут.
- 1982 — Баасктар сирдэригэр Иккис коррика ыытыллыбыт - бааск омук тылын өйүүр эстафета. Манна бааск омуктар олохсуйбут сирдэринэн 2 нэдиэлэ тухары тохтоло суох дьон уларытыһа-уларытыһа сүүрэр. Ким да кыайыылаах аатырбат. Бырааһынньык курдук буолар.
- 1990 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ үс киһиэхэ туттарыллыбыт: суруйааччы Рафаэль Баҕатаайыскайга, композитор Валерий Кацка, бэйиэт Михаил Тимофеевка.
- 1990 — Microsoft хампаанньа Windows 3.0 программаны таһаарбыт.
- 2021 — Кытай Ганьсу провинциятыгар 21 сүүрүк спортсмен 100 килэмиэтирдээх ультрамарафон кэмигэр тымныы тыал түһэн тоҥон өлбүттэр. Чжу Кэмин диэн хой көрөөччү элбэх тоҥон нэһиилэ хамсыыр буолбут сүүрүгү өлөр өлүүттэн быыһаабыт, 6 өйүн сүтэрбит киһини хайа хаспаҕар илдьэн ириэрбит.
Ыам ыйын 22 күнэ — Араан Арчы хотун орто дойду түөрт бадьыр баҕанатыгар сүр сардаҥатын түһэрэр кэмэ.
Өбүгэлэрбит этэллэринэн түөрт бадьыр баҕана Орто дойду түөт саҕаҕын тутан тураллар.
Арчы — сүр сардаҥата.
Оттон Араан Арчы хотун — арчыны ыам ыйыгар Орто дойдуга түһэрэр дьөһүөлдьүт.
Бу күн былыр Ыһыахха бэлэмнэнии 40 хонуктаах (эбэтэр 49 хонуктаах - сэттэ төгүл сэттэ) туома салҕанара. Сүрүн туома бүгүн оҥоһуллар эбитэ үһү. Оннук бэлэмнэнэн эрэ баран Улуу Тунаҕы (күн сайыҥҥы туруута, летнее солнцестояние) көрсөллөрө.