From Wikipedia, the free encyclopedia
Сэбиэскэй Социалистическэй Республикалар Сойуустара (ССРС) (нуч. Союз Советских Социалистических Республик (СССР)) - Эуразияҕа баар эбит дойду. 1922-с сылга, ахсынньы 30 күнүгэр тэриллибитэ. 1991-с сылга, ахсынньы 26 күнүгэр суох буолбута.
Сэбиэскэй Социалистическэй Республикалар Сойуустара Союз Советских Социалистических Республик |
|||||
---|---|---|---|---|---|
Ыҥырыыта: Пролетарии всех стран, соединяйтесь! (Аан дойду пролетариаттара, холбоһун!) | |||||
Өрөгөй ырыата: "Государственный гимн СССР" |
|||||
Киин куората | Москуба | ||||
Ил тыла | Нуучча тыла уонна атын өрөспүүбүлүкэ тыллара | ||||
Иэнэ | |||||
- | Бүтүн | 22 400 000 km² 8 648 688 sq mi |
|||
Олохтоохторо | |||||
- | estimate | 293 мөл. | |||
Валюта | Солкуобай (RUB ) |
||||
Кэм зоната | UTC +2, +3 ... +11, +12. |
ССРС сир дойду 1/6 чааһын туппута[1], 293 мөл. олохтоохтордаах этэ.
1922-с сылга, ахсынньы 29 күнүгэр[2], Москуба диэн куоракка БССР, ЗСФСР, РСФСР, УССР договор баттаабыттара[3].
Иһинээҕи бэлиитикэҕэ элбэх ситиһии баара. Социальнай неравенство кыччаабыта, грамота таһыма улааппыта. Үөрэх, мэдэсиинэ үксүн босхо буолбута[4][5].
1920-с сыллартан, индустриализация уонна коллективизация ааспыта. Индустриализация түргэнник аастын гынарга, сельхозтар коллективизациялыммыттара.
1930-с сылларга, коллективизацияттан салтаан[6], аччыктааһын саҥаламмыта, саамай эрэйдэммит оройуоннар: Хоту Кавкаас, Поволжье, Соҕуруу Ураал, Арҕаа Сибиир уонна Казахстаан территорияларыгар мөлөһүөнүнэн киһи өлбүтэ[6]. Ол эрээри коллективизация уонна индустриализация үксүн сэбиэскэй экэниэмикэҕэ көмөлөспүтэ.
1930-с сылларга, улахан террор ол эбэтэр сталинские репрессии саҥалыммыттара. Ол иһин 700 тыһ. тахсан киһи өлбүтэ[7]. ГУЛАГтарга, депортацияларга, атын репрессияларга 4-6 мөл. киһи өлбүтэ[8].
1939-с сылга, ССРСы уонна Нацист Германияны кытта элбэх сүбэлэһиилэр суруллубуттара. Ити сүбэлэһиилэр Эуропаны үллэспиттэрэ. ССРС зоонатыгар: Польша илин чааһа, Бессарабия (Молдова), Финляндия, Латвия, Эстония бэрилибиттэрэ[9]. Нацист Германия зоонатыгар: Польша арҕаа чааһа, Чехословакия, Литва уонна Вильно бэриллибиттэрэ[10][11].
1939-с сылга, ССРС Финляндия өттүгэр ультиматум ыыппыта, ол эрээри Финляндия сөбүлэспэтэҕэ[12]. Ол иһин ССРС сэриини саҥалаабыта (1939 с., Сэтинньи 30 күнүгэр - 1940 с., кулун тутар 12 күнүгэр диэри). Сэрии саҥаламмыт кэннэ, ССРСы Лига Нацийтан үүрүлүммүтэ[13].
1940-с сылга, ССРСка Молдова территорията уонна Эстония, Латвия, Литва ааспыттара.
1941-с сылга, бэс ыйын 22 күнүгэр саҥаламмыт[14], аҕа дойду улуу сэриитэ саҥаламмыта. Сайыны уонна күһүнү быһа кыһыл армия элбэхтэ хотторбута, ол иһин Нацист Германия Москуба уобалаһын дылы тиийбитэ, Ленинград диэн куораты блокаадаҕа ылбыта[15].
1941-с сылын, күһүнүгэр "Битва за Москву" саҥаламмыта[15], бу кыргыһыыҕа ССРС кыайбыта, уонна Нацист Германияны Москубаттан 150-200 км. барахпыттара[15].
1942-1943 сылларга, Нацист Германия тостуута буолбута, ол кэнниттэн 1944-с сылга, ССРС Польша, Румыния территорияларыгар баар этилэр[15].
Ыам ыйын 8[16] күнүгэр, ССРС чаастара Берлин куораты ылбыттара, ол иһин Нацист Германия акт о капитуляции баттаабыта.
1945-1949 сылларга, Ураалга көспүт заводтар уонна фабрикалар, төннүбүт территорияларга көспүттэрэ, ол кэмҥэ ССРС экэниэмикэтэ сэрии иннитин курдук буолбута[17].
1946 аччыктаһын саҥаламмыта, засухаттан эбэтэр сэлиэньиэ хаһаайстыбатын коллективазациятын салтаан[18]. Аччыктаһынтан салтаан 1,5 мөл. курдук киһи өлбүтэ[19].
Ялта конференция уонна Потсдам конференция түмүгэр, ССРСка Германия[20] илин чааһа уонна Австрия[21] хоту-илин чааһа аспыытара. Эуропа илин чааһыгар элбэх дойдулар коммунизмҥа көспүттэрэ, ол иһин Варшавский договор диэн альянс тэриллибитэ[22]. Ол иһин Эуропа сир чааһа арҕаа уонна илин чаастарга арахсабыта, ол иһин тымныы сэрии саҥаламмыта.
Сталин өлбүтүн кэннэ Г.М. Маленков былааска кэлбитэ, ол эрээри биир сылынан кини анныгар Н.С. Хрущев былааска кэлбитэ.
1956 сылга, XX ССКП съездыгар, Хрущев Сталины критикалыыр этиилээх тахсыбыта[23].
Хрущев былааска баар кэмигэр, ССРС бастакы исскуственнай спутнигы таһарбыта, уонна бастакы космоска тахсыбыт киһи - Ю.А. Гагарин[24].
1960-с сылларга, үксүн XX ССКП съездтан салтаан, Кытайдын кытта сыһыан куһаҕан буолбута[23][25].
Брежнев былааһын кэмигэр, ССРС экэниэмикэ өттүнэн улаатар этэ, нефть сыаната үс төгүл улааппыта[26].
Брежнев былааһын кэмин - "Застой" диэн ааттыллар эбэтэр "Развитый Социализм", бу кэмҥэ экэниэмикэ уонна культура өттүнэн үксүн сайдыбатах уонна кыччаабатах этэ[26]. Бу кэми, экспертар, "Стабильность үйэтэ" диэн ааттыллар[26].
М.С. Горбачев 1985 сылга, кулун тутар 11 күнүгэр былааска кэлбитэ. Горбачев былааска кэлбитин кэннэ, ССРС "Перестройка" диэн курсунан барбыта[27].
М.С. Горбачев ыыппыт "Перестройка" курса, ССРС экэниэмикэтин, былааһын, бэлиитикэни ыытаһын суох буолан хаалбыта, ол иһин сойуус иһигэр элбэх иһинээҕи иирсэннэр баар этилэр.
1989 сылга, ВДО (Варшавскай договор Организацията) суох буолбута, ол кэннитэн СНГ тэриллиитин туһунан документ баттамыта, ол иһин ССРС суох буолбута.
Должность | Аата | Сыллара |
---|---|---|
ССРС Дьон Народнай Сэбиэтин Бэрэсэдээтэлэ | Владимир Ленин (Ульянов) | 1922-1924 |
ЦК ВКП(б)[28] Генеральнай Секретааря | Иосиф Сталин (Джугашвили) | 1924-1953 |
ЦК ССКП Секретааря | Георгий Маленков | 1953-1954 |
Бастакы ЦК ССКП Секретааря | Никита Хрущев | 1954-1964 |
Леонид Брежнев | 1964-1982 | |
Генеральнай ЦК ССКП Секретааря | ||
Юрий Андропов | 1982-1984 | |
Константин Черненко | 1984-1985 | |
ССРС Бэрэсидиэнэ | Михаил Горбачев | 1985-1991 |
Өрөспүүбүлүкэ | 1922-1923 | 1924-1936 | 1936-1939 | 1940-1956 | 1957-1989 | 1990 | 1991 | Билигин |
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
ЗСФСР | Азербайдьан ССР | Азербайдьан | ||||||
НКӨ | Азербайдьан | |||||||
Грузия ССР | Грузия | |||||||
Соҕуруу Осетия | ||||||||
Грузия | Абхазия | |||||||
Эрмээн ССР | Эрмээнийэ | |||||||
РСФСР | Казах ССР | Казахстаан | ||||||
Тадьик ССР | Тадьикистаан | |||||||
Кыргыс ССР | Кыргыстаан | |||||||
РСФСР | Арассыыйа | |||||||
ЧРИ | Арассыыйа | |||||||
Украина ССР | Украйиина | |||||||
Беларусь ССР | Беларусь | |||||||
Бухаар ССР | Узбек ССР | Узбекистаан | ||||||
Хорезм ССР | Түркмен ССР | Түркменистаан | ||||||
Финляндия | Карел-Фиин ССР | РСФСР | Арассыыйа | |||||
Румыния | Молдова ССР | Молдова | ||||||
Приднестровье | ||||||||
Латвия | Латвия ССР | Латвия | ||||||
Литва | Литва ССР | Литва | ||||||
Эстония | Эстония ССР | Эстония |
ССРС | 1926 | 1939 | 1959 | 1970 | 1979 | 1989 |
---|---|---|---|---|---|---|
146.637.530 киһи | 170.557.093 киһи ↑ | 208.826.650 киһи ↑ | 241.720.134 киһи ↑ | 262.084.654 киһи ↑ | 285.742.511 киһи ↑ |
Сэбиэскэй былаас бастакы сылларга исскуустуба уонна литэрэтиирэ сайдар этэ. Ити кэмҥэ Владимир Маяковскай, Максим Горькай биллэр этилэр. 1920-с сылларга ССРСка киинэ уустааһын саҥаламмыта.[30]
Сталин былааһын кэмигэр, элбэх суруйааччылар репрессиялламмыттара. Бу кэмҥэ күүскэ цензура уонна социализм реализма сайдыбыта.
Сталин өлбүтүн кэннэ цензура кыратык кыччаабыта, ол иһин сэбиэскэй исскуустуба сайдыыта салҕаммыта.
ССРСка элбэх сойуустааҕы хаһыаттар уонна сурунааллар баар этилэр, өссө хас та даҕаны национальнай, өрөспүүбүлүкэлээнскэй хаһыаттар, сурунааллар бааллар.
Саамай биллэр сойуустааҕы хаһыат - Известия.
Араадьыйа ССРСка 1924-с сылтан баара этэ[31]. Сойуустааҕы араадьыйа 12 програамалаах этэ. 1 програама - биллэлиирэр, худуоһустубунай уонна бэлэтиичэскэй програамалар. 2 програама "Маяк" - муусукаальнай. 3 програама - литературнай. 4 програама - муусукаальнай. Атын 8 программа, сойуус ыраах чаастарыгар аналлаах этэ.
Бастакы чааһынай араадьыйа - Радио Ностальгия, Европа Плюс[32].
Телевидение ССРСка 1931-с сылтан баара этэ[33]. Сойуустааҕы телевидение 12 програамалаах этэ. 1 програама - биллэлиирэр, худуоһустубунай уонна бэлэтиичэскэй програамалар. 2 програама - худуоһустубунай. 3 (Москуба) програама - биллэлиирэр. 4 програама - үөрэхтээһин. Атын 8 програама, сойуус ыраах чаастарыгар аналлаах этэ.
Бастакы чааһынай телеканаал - 2х2[34].
ССРС олохтоохторо бастакы кылаастан онус кылааска диэри босхо үөрэммиттэрэ[35].
ССРСка билим биир норуот хаһаайыстыбатын чааһа этэ[36]. Билим тэрилтэригэр 0,3% ССРС олохтоохторо үлэлээбиттэрэ (1 мөл. киһи).
ССРСка маннык билим өттүлэр сайдар этилэр: ядернай энергетика, авиация, космонавтика уонна тиэхиникэ.
9 ССРС учуонайдара нобель премиятын ылбыттара[37].
ССРСка спортунан элбэх киһи дьарыктанар этэ. ССРСка тэриллибит ГТОлар уонна ССРС спорт маастера тэриллибиттэрэ. ССРСка элбэх күрэхтэһиилэр ыытыллар этилэр.
ССРС 1952 сылтан сайыыҥҥы олимпия оонньууларыгар кыттар этэ, 1956 сылтан кыһыҥҥы олимпия оонньууларыгар кыттар этэ. ССРС уопсайынан 1204[38] мэдээл ылбыта.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.