From Wikipedia, the free encyclopedia
Сир хамсааһына диэн Сир анныгар баар энергия сир хаҕын алдьаттаҕына Сир үөһээ араҥата түүллэҥнээһинэ.
Сиргэ күн аайы тыһыынчанан ааҕыллар сир хамсааһына буолар, ол эрэн үксүлэрэ биллибэккэ туох да хоромньута суох ааһаллар. Сир хаҕа (хатырыга) иэдээн улахан мозаиканы майгынныыр тектоник билиитэлэртэн турар. Ол билиитэлэр хамнааһыннара кэмиттэн кэмигэр улахан күүрээни үөскэтэр, сир анныгар баттааһын үрдүүр, онтон төлө тэбэр. Оччоҕуна ол энергия долгуна тула тарҕанар, сир хатырыгын хамсатар, сороҕор хайытар даҕаны.
Сиргэ икки сейсмическэй түөлбэ - сир хамсааһына элбэхтик буолар сирдэрэ - баар. Бастакыта Соҕуруу Азияны кыйа Сир ортотунааҕы байҕалынан Илин Африкаҕа дылы тиийэр. Иккис - Чуумпу далайы төгүрүччү.
Сир долгунун сейсмическэй диэн ааттыыллар. Ол долгуннары сейсмограф диэн анал тэриллэринэн кээмэйдиилэр. Долгуннар күүстэрин Рихтер шкалаатынан быһаараллар. Холобур, 7 баалтан ордук күүстээх буоллаҕына сир хамсааһына дьиэлэри алдьатан дьон өлүүтүгэр тиэрдиэн сөп.
Ордук сейсмика өттүнэн көхтөөх сирдэринэн Саха сирин соҕуруу уонна илин өттө буолаллар. Алдан нагорьета уонна Становой сис улахан тектоника хамсааһыннарын мезозойга уонна кайнозойга ааспыта. Саха сирин илин өттүгэр Үөһээ Дьааҥы сирдэригэр хойукку мезозойга имиллии дьайыыта (воздействие складчатости) буола сылдьыбыта, оттон кайнозойга — хайа оҥоруутун хамсааһына буолбута.
Саха сирин соҕуруу өттүгэр саамай улахан сейсмо-көх Өлүөхүмэ өрүс орто сүүрүгэр көстөр. Манна үс күүстээх сир хамсааһына бэлиэтэммитэ: Өлүөхүмэ сирин хамсааһына уонна Нүкдьэ сирин хамсааһына 1958 сыллаахха буолбуттара, уонна Таас Үрэх сирин хамсааһына 1967 сыллаахха буолбута (М = 6,2—7,0).
Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр Черскэй сиһигэр ордук улахан көх бэлиэтэнэр. Иргичээн сирин хамсааһына (1962) М = 6,2, Чыыбаҕалаах сирин хамсааһына (1968), М = 5,0; Айаан Үрэх сирин хамсааһына (1970), М = 5,5; Аартык сирин хамсааһына (1971, М = 7,1; Кулин хамсааһына (1972), М = 5,6.
Хоту саамай улахан көҕү Хара Уулаах сиһэ уонна Өлүөнэ төрдө көрдөрөр. Булуҥ икки хамсааһына 1927 сыллаахха буолбута (М = 6,75), ону тэҥэ 1963 уонна 1974 сыллаахха Өлүөнэ байҕалга түһэр сиригэр икки хамсааһын буолбута (бастакыта М = 7,1, иккиһэ = 5,6).
Таас Үрэххэ 1967 сыллаахха тохсунньу 18 күнүгэр буолбут хамсааһын үөһэ сир анныгар 13 км аллара баар этэ, 900 тыһ. квадратнай км сиргэ биллибитэ, Чита уонна Амыр уобластарыгар тиийбитэ. Эпицентрыгар 9—10 баал буолуо диэн сабаҕалыыллар. Мас бөҕө охтубута, үрэх мууһа хамсаабыта. Эпициентртан ордук чугас сытар Уус-Нүкдьэ бөһүөлэккэ дьиэлэр уонна мастар биэтэҥнээбиттэрэ, оһохторо хайдыталаабыта, дьиэлэр үрдүлэритттэн уонна эркиннэриттэн штукатурка сууллан түспүтэ. Тыас хас да чаас тохтообокко куугунаабыта.
Аартыкка сир хамсааһына 1971 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр буолбута. М = 7,1. Эпицентра Черскэй сиһин уонна Үөһээ Ньара впадинатын кирбиилэригэр этэ., 22 км дириҥҥэ сытара. Эпицентрга күүһэ 9 баалтан итэҕэһэ суоҕа. 250 тыһ. кв. км иһинэн сир үрүт араҥатыгар алдьаныылар буолбуттара (грунт сыҕарыйыыта, оползень, таастан уонна уулаах бөхтөн турар сель). Эпицентртан хотугулуу-арҕаа сытар Аартык бөһүөлэккэ киин хочуолунай турбатын төбөтө 3 м амплитудалаах биэтэҥнээбитэ. Автобаза сыахтарын вентиляциятын турбалара 3 м үрдүктэн сууллубуттара. Дьиэлэр эркиннэрэ курдары хайыта бараттаабыттара, оһохтор хайдыбыттара. Хамсааһыны Саха АССР, Магадаан уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай киэҥ сирдэригэр билбиттэрэ[1].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.