From Wikipedia, the free encyclopedia
Аартык — Өймөкөөн улууһун бөһүөлэгэ.
Улуус кииниттэн 130 км илин диэкки турар Халыма суолугар.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 722 киһи (2007 сыл), ол иһигэр Аартык — 600, Победа — 118 уонна Дэлэҥкир — 4.
Аартыкка сир хамсааһына 1971 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр буолбута. Саха сирин аныгы устуоруйатыгар буолбут икки бөдөҥ сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ. М = 7,1. Эпицентра Черскэй сиһин уонна Үөһээ Ньара впадинатын кирбиилэригэр этэ., 22 км дириҥҥэ сытара. Эпицентрга күүһэ 9 баалтан итэҕэһэ суоҕа. 250 тыһ. кв. км иһинэн сир үрүт араҥатыгар алдьаныылар буолбуттара (грунт сыҕарыйыыта, оползень, таастан уонна уулаах бөхтөн турар сель). Эпицентртан хотугулуу-арҕаа сытар Аартык бөһүөлэккэ киин хочуолунай турбатын төбөтө 3 м амплитудалаах биэтэҥнээбитэ. Автобаза сыахтарын вентиляциятын турбалара 3 м үрдүктэн сууллубуттара. Дьиэлэр эркиннэрэ курдары хайыта бараттаабыттара, оһохтор хайдыбыттара. Хамсааһыны Саха АССР, Магадаан уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай киэҥ сирдэригэр билбиттэрэ[1].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.