Тохсунньу 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 26-с күнэ. Сыл бүтүө 339 күн (ордук хонуктаах сылга 340 күн) баар.
- Таможенник дойдулар ардыларынааҕы күнэ
- Австралия Австралия — Австралия күнэ
- Ииндийэ Ииндийэ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Латвия Латвия — Латвия Өрөспүүбүлүкэтэ дойдулар ардыларыгар билиниллиитин күнэ (1921 сыллаахха Антанта дойдулара Латвия тутулуга суоҕун билиммиттэр.)
- Беларусь Беларусь — Беларусь билимин күнэ
- Украина Украина — Украина хонтуруоллуур-ревизиялыыр сулууспатын үлэһитин күнэ
- 661 — Рашидун Халифат бүтэһик халибын Алины өлөрбүттэр. Бу Али халиф Муһаммет өлбүтүн кэннэ мусульмааннары салайбыт төрдүс халиф этэ (шииттэр билинэр бастакы халифтара). Кини саҕана арааб мусульмааннар ыккардыларыгар гражданскай сэрии буолбута, шииттэр уонна сунниттар бүтэһиктээхтик хайдыспыттара.
- 1500 — Испания байҕалынан айанньыта Висенте Яньес Пинсон Европа дьонуттан бастакынан билиҥҥи Бразилия буоругар үктэммит.
- 1564 — Улуу гетман Микола Радзивилл баһылыктаах Литва улуу княжествотын аармыйата Петр Шуйскай баһылыктаах Нуучча саарыстыбатын аармыйатын Ливония сэриитин Ула аттынааҕы кыргыһыытыгар кыайбыт (Ула диэн Даугава өрүс салаата, билиҥҥи Витебскэй уобаласка баар). Сорох устуоруктар этэллэринэн бу хотторуу Уордаах Уйбаан уйулҕатын хамсаппыта, уонна нөҥүө сылыгар кырыктаах опричнинаны төрүттүүрүгэр тиэрдибитэ.
- 1565 — Ииндийэҕэ Таликота кыргыһыытыгар ислам итэҕэллээх Декан султанаттара бүтэһик индуист итэҕэллээх Виджаянагара импиэрийэтин кыайбыттар. Инньэ гынан мусульманнар Ииндийэ субконтиненын үксүн баһылаабыттар.
- 1699 — Илин Европаҕа Улуу Туурак сэриитин түмүктүүр Карловица эйэтэ түһэрсиллибит. Христианныы дойдулар Австрия, Речь Посполита уонна Венеция сэриини кыайбыттар. Оттон кыайтарыылаах Осмаан импиэрийэтэ Европа диэки кэҥээһинэ тохтоон, бастакытын сири туран биэрбит, сүүстэн тахса сыл Европаҕа айбардаан олорбут саамай күүстээх дойду буолан бүппүт, мантан инньэ Европаҕа Габсбурдар династиялара чорбойбуттар.
- 1788 — Австралияҕа Британияттан хаайыылаахтары тиэйбит Бастакы флот Сидней куоратын олохтообут. Сидней Европа дьонун Австралияҕа бастакы олохтоох сэлиэнньэлэрэ буолбут.
- 1924 — Арассыыйаҕа Сэбиэттэр 2-с сийиэстэрин уурааҕынан Петроград аата уларыйан Ленинград диэн буолбут. Билигин — Санкт-Петербург.
- 1930 — Ииндийэ национальнай конгреһа ол саҕанааҕы Британия Ииндийэтэ толору бэйэни салайыныыны ("Пурна Сварадж") туруулаһыахтаах тустааҕын биллэрбит. Конгресс Ииндийэ олохтоохторун тохсунньу 26 күнүн Тутулуга суох буолуу күнүн быһыытынан бэлиэтииллэригэр ыҥырбыт. Пурна Сварадж 17 сылынан олоххо киирбитэ.
- 1939 — АХШ Вашингтонугар буолбут аатырбыт теоретическай физика конференциятыгар Нильс Бор уран үллэһиллиитин арыйыы туһунан биллэрбит. Физиктэр мунньах бүтүүтүн кэтэспэккэ утуу-субуу арыйыыны хатылыы лабораторияларыгар сүүрбүттэр.
- 1965 — Ииндийэ официальнай тылынан хинди буолбут. Бу түгэҥҥэ ааҥыл тылыттан аккаастанаары гыммыттарын хиндини билбэт Ииндийэ кыра омуктара туруорсан хаалларбыттар.
- 1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ аата уларыйан "Ил Түмэн" диэн буолбут. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар уларытыы киллэриллибит.
- 2000 — Уруккута Бүлүү куоратын горисполкомун бэрэстээтэлэ, Дьокуускай куоратын салайааччыта буола сылдьыбыт Павел Бородин Арассыыйа уонна Беларусь Сойууһун судаарыстыбаннай сэкиритээринэн анаммыт.
- 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Михаил Николаев көҕүлээhининэн Хаҥалас улууhугар "Орто Дойду" зоопарка тэриллибит. Зоопарка 2001 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.
- 1849 — Пётр Алексеев — революционер, ткач, 1886—1891 сылларга көскө билиҥҥи Таатта улууһугар олорбута, дьахтары күүһүлээбитин иһин дьахтар аймахтара өлөрбүттэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ аата өрө тутуллубута, ыраахтааҕы былааһын утаран олоҕун толук биэрбит киһинэн ааҕыллыбыта, Дьокуускайга кини аатынан уулусса ааттаммыта.
- 1880 — Дуглас Макартур — аатырбыт АХШ генерала, Чуумпу далайга дьоппуоннары утары сэриилэспитэ, Кэриэйэ сэриитигэр ХНТ күүстэрин салайбыта. 1945-1951 сылларга Дьоппуону оккупациялыыр сэриилэр баһылааччылара, бу солоҕо кини Дьоппуоҥҥа сэрии кэннинээҕи реформалары ыыппыта.
- 1932 — Павел Никитин — суруналыыс, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1938 — Афанасий Чугунов — селекционер учуонай, РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Билимин акадьыамыйатын вице-бэрэсидьиэнэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара
- 1942 — Людмила Матвеева — 1980—2007 сылларга СӨ оҕо сэллик санаторийын кылаабынай бырааһа, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
- 1947 — Раиса Коробцова — Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи, Саха Сирин партийнай тэрилтэтин устуоруйатын чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1949 — Ирина Абрамова — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыба техникумун уус-уран салайааччыта, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Усуйаана улууһун Ытык киһитэ.
- 1960 — Нина Васильева — Саха Сирин норуоттарын култуураларын уонна итэҕэлин устуоруйатыгар биллибит специалист, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1994 — Василий Яковлев (22.08.1934 төр.) — бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт. Кини «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн аан дойдуга аатырбыт «Тойон кыыл» киинэ уһуллубута.