From Wikipedia, the free encyclopedia
Петров Василий Тимофеевич (1939—1991) — саха учуонай, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, фольклорист, литературовед.
Петров Василий Тимофеевич — филологический наука доктора. Ньурба оройуонун Маалыкай сэлиэнньэтигэр учуутал кэргэнигэр 1939 сыллаахха атырдьах ыйын 30 күнүгэр төрөөбүтэ. Маалыкай орто оскуолатын бүтэрэн, Саха государственнай университетыгар үөрэнэ киирбитэ уонна университеты ситиһиилээхтик үөрэнэн 1963 сыллаахха бүтэрбитэ. 1963—1967 сс. Өлүөхүмэ оройуонугар бастаан учууталынан, кэлин оройуоннааҕы комсомол комитетын секретарынан үлэлээбитэ. Кини өссө университекка үөрэнэ сылдьан литература уонна фольклор сибээстэрин проблематынан дьарыктаммыта. Ол үлэтин салҕаары 1965 сыллаахха ССРС Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Дьокуускайдааҕы филиалын аспирана буолбута. 1967 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыл, литература институтугар бастаан лаборанынан ылыллыбыта, кэлин младшай, старший, 1980 сылтан ведущий научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
Василий Тимофеевич научнай үлэлэрин сүрүн хайысхатынан Саха бастакы суруйааччылара А. Кулаковскай, Н. Неустроев, А. Софронов айымньылара фольклору кытта сибээстэрин, хардары-таары дьайсыыларын, фольклор саха литературата үөскүүрүгэр оруолун, фольклор, литература художественнай-эстетическэй сибээстэрин, фольклорга олоҕурбут проза, поэзия, драма айымньыларын национальнай стилин үөскэтии, саҥа үөскээн, сайдан эрэр литературалар бэйэ бэйэлэригэр дьайсыыларын, сибээстэрин туһунан буолаллар. Василий Тимофеевич Петров фольклор литератураны кытта сибээһин, дьайсыытын дириҥник үөрэппит учуонай.
Василий Тимофеевич 4 монография автора буолар: «Роль фольклора в зарождении якутской литературы» (Дьокуускай, 1992 сыл), «Фольклорные традиции в якутской советской литературе» (Москва, 1978 сыл), «Традиция эпического повествования в якутской прозе» (Новосибирскай, 1982 сыл), «Взаимодействие традиций в младописьменных литературах» (Новосибирскай, 1987 сыл). «Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока» диэн улахан хомуурунньук Саха сиригэр сыһыаннаах өттүн бэлэмнээһиҥҥэ улахан үлэни ыыппыта.
Научнай үлэтин тас өттүгэр Саха государственнай университетыгар фольктор курсугар лекция ааҕара, студеннар сэҥээриилэрин ылара, Учуонай В. Т. Петров норуот көлүөнэттэн келүөнэҕэ салҕаан айбыт, мунньуммуг айымньыта — фольклор туһунан элбэҕи аахпыт, дириҥник үөрэппит биир улахан специалист быһыытынан республикаҕа эрэ буолбакка, атын да дойдуларга тиийэ биллэн испитэ.
Кини научнай үлэлэрин иһин «Россия Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын үтүөлээх ветерана» буолбута. В. Т. Петров наукаҕа ситэн-хотон үлэлиир кэмигэр — 52 эрэ саастааҕар олохтон туораабыта. Бэрт элбэҕи оҥоруоҕа, айыаҕа хааллаҕа диирбитигэр эрэ тиийэбит.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.