From Wikipedia, the free encyclopedia
Степан Максимович Аржако́в (сэтинньи 10, 1899 — кулун тутар 5, 1942) ил, политика уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ. Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.
Бүлүү куоракка сэтинньи 10 күнүгэр 1899 сыллаахха төрөөбүт[1]. Аҕата Максим Ильич Аржаков уус идэлээх, дьадаҥы киһи эбит, Бүлүү куораттан икки көстөөх Уотту диэн сиргэ Уйбаан Харытыанап диэн баай хаһаакка от оттоон сайылыыр үгэстээх эбит. Уол төрүүрүгэр, ыарахан ойоҕун хаалларан бэдэрээккэ Алдан диэки баран сүтэн хаалбыт. Уол онон Уотту Тыымпытыгар төрөөбүт. Оҕото улааттарыгар ийэтэ Бүлүү куоракка көһөн киирбит. Онно "ииппит аҕата" диэн аатырыбыт Гаврил Михайлович Кондаков көмөлөһөн, Бүлүү приходун училищетыгар үөрэммит[2]. Бүлүүгэ начаалынай училищены бүтэрбит.
Степан Аржаков оҕо сааһын туһунан кинини кытта церковно-приходскай оскуолаҕа уонна Бүлүү начальнай училищетыгар бииргэ үөрэммит Жиркова Дора Самуиловна ахтыытыттан[1]:
Степа бастыҥ үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьара. Туйгун үөрэҕин, көнө-сэмэй быһыытын иһин мэлдьи грамота ылара. Дьиэ кэргэнэ, Аржаковтар, дьадаҥытык олороллоро. Ийэтэ уолунан киэн туттарара: уола элбэхтик аҕара, үчүгэйдик үөрэнэрэ, төрөппүттэригэр көмө буолара.
1915 сыллаахха Дьокуускайга учуутал сэминээрийэтин үөрэнэ киирбит. Семинарияҕа үөрэнэр сылларыгар М. К. Аммосовы, С. В. Васильевы, И. Н. Бараховы, П. А. Ойуунускайы о. д. а. кытта билсиспит, мунньахтарга-миитиннэргэ сылдьар буолбут.
Кэлин Я. М. Свердлов аатынан Коммунист университетыгар уонна А. И. Рыков аатынан промышленность-экономика институтугар үөрэммитэ.
Москубаҕа Наркомнацка үлэлии сылдьыбыт, Ойуунускайдыын уонна да атыттары кытта «Декларация прав и обязанностей трудящихся Якутской АССР» суруйбута. Бу дөкүмүөн сүдү политическэй уонна правовой суолталаах этэ.
ХVI уонна ХVII Бүтүн Арассыыйатааҕы, IV уонна VIII Бүтүн Сойуустааҕы Сэбиэттэр сийиэстэрин дэлэгээтинэн талылла сылдьыбыта. ССРС Киин кэмитиэтинээҕи Омуктар (национальностар) Сэбиэттэрин сэттис ыҥырыылаах састаабын чилиэнэ, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыытын дьокутаата. Саха АССР Киин толорор кэмитиэтин I—VIII ыҥырыыларын чилиэнэ, Саха сирин ВКП(б) обкомун бюротын чилиэнэ, РКП(б) XIII сийиэһин, Сибиир кыраайдааҕы партия I кэмпириэнсийэтин (1924) дэлэгээтэ.
Аржаков С. М. 1939 сымыйанан буруйданан репрессияҕа түбэспитэ. 1939 сыл олунньу 5 күнүгэр тутуллубута. 1940 сыллаахха муус устар, ыам ыйдарыгар «сүүрбэ биэс киһи процеһыгар» эриллибитэ. Өлөрүллэргэ ууруллан, баран ыам ыйын 17 күннээҕи ССРС НКВД-тын Особай сүбэ мунньаҕын Уурааҕынан бириигибэрэ сымнатыллан, аҕыс сылга лааҕырга ыытыллыбыта. Ол гынан баран, дьыалатын хат көрөн баран, 1942 сыл кулун тутар 5 күнүгэр НКВД сэриитин Дальстрой-дааҕы байыаннай трибунаала Аржакову ытан өлөрөргө уурбута. Бириигэбэр тута толоруллубута.
1956 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү суутун Президиумун быһаарыытынан буруйа суоҕа мэктиэлэммитэ[3].
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр С.М. Аржаков аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтэ олохтоммута. С. М. Аржаков аата теплоходка, Дьокуускай куорат, Бүлүү куорат уонна Бүлүү улууһун Чинэкэ сэлиэнньэтин уулуссаларыгар иҥэриллибитэ. Бүлүүгэ уонна Чинэкэҕэ С.М. Аржаков өйдөбүнньүктэрэ туруоруллубуттара. Кини сырдык кэриэһигэр Дьокуускайга стела оҥоһуллубута.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.