From Wikipedia, the free encyclopedia
Аммосов, Максим Кирович (22.12.1897—28.07.1938) — сэбиэскэй государственнай уонна партийнай үлэһит, Сибииргэ Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуһуу кыттыылааҕа. М. К. Аммосов П. А. Ойуунускайдыын и И. Н. Бараховтыын, 1922 сыл муус устарыгар Саха АССР тэрийсибит киһинэн буолар. 1937 с. ЦК ВКП(б) Киин кэмитиэтин ыйыытынан М. К. Аммосов Киргизия киин куоратыгар Фрунзеҕа, Киргизия обкомун VIII пленума буола турдаҕына, тиийэр. Кулун тутар 22 күнүгэр обком бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу күннэргэ V Суһал бүтүн киргиистэр Сэбиэттэрин сийиэһэ түмүктэнэр. Бу сийиэскэ Максим Кирович салалтатынан Киргизскай ССР Конституцията ылыллар. Онон Аммосов Киргизия судаарыстыбалаах буолуутугар сүдү улахан суолталаах киһинэн ааҕыллар. 1937 сыл от ыйыгар Киргизия хомуньуус баартыйатын I сийиэһигэр М. К. Аммосов I Киин Кэмитиэт бастакы сэкиритээринэн талыллыбыта.
М. К. Аммосов аатын Саха государственнай университета сүгэр (1990 сылтан).
Ахсынньы 22 күнүгэр 1897 с. Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр Анастасия Леонтьевна уонна Кир Васильевич Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаҥы буолан түөрт сааһыттан таайыгар (убайыгар, абаҕатыгар?) Д. М. Аммосовка иитиллибит. Дьокуускайдааҕы куорат училищетын, Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын, Москватааҕы Кыһыл профессура Институтун бүтэрбитэ.
М. К. Аммосов 1937 с. репрессияламмыта. Сэтинньи 1937 сыл 16 күнүгэр Фрунзе куоракка сымыйа буруйдааһын түмүгэр хаайыллыбыта. 1938 сыл от ыйын 28 күнүгэр Москва куоракка ытыллыбыта.
Кулун тутар 28 күнүгэр 1956 с. реабилитацияламмыта.
СР Национальнай архыыбын Филиала Ф.2970, Оп.36, Д.З 19, 324, 327.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Бу ыстатыйа талыллыбыт ыстатыйалар ахсааннарыгар киирэр. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.