Сиһилии Сыллар, Уоннуу сыллар ...
Сап

Туох буолбута

Тохсунньу

Олунньу

  • Олунньу 16 — ССРС НКВД-тын Саха АССР-дааҕы управлениета Саха АССР ис дьыалатын народнай комиссариата буолбут. Өрөспүүбүлүкэ НКВД-тын бастакы наркомунан Андрей Коростин анаммыт, кини бастакы солбуйааччытынан Иван Дорофеев (кэлин кини наркомнаан олордоҕуна репрессия Саха сиригэр уһук чыпчаалга тиийбитэ). НКВД сүрүн салааларынан Госбезопасность управлениета (УГБ) уонна Оробуочай-бааһынай милиисийэ управлениета (УРКМ) этилэр.
  • Олунньу 16Америкаҕа Уоллес Х. Карозерс нейлоҥҥа патент ылбыт.
  • Олунньу 21Наассыйалар Лигалара тас дойду «волонтердара» Испания сэриитигэр кытталларын боппут.
  • Олунньу 27 — Саха АССР саҥа конституциятын бырайыага бигэргэммит.

Кулун тутар

  • Кулун тутар 9 — Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр суһал ыҥырыылаах IX сийиэстэрэ САССР саҥа Көнүстүүссүйэтин бигэргэппитэ. Манна автономнай өрөспүүбүлүкэ анал туруга, бырааба уонна боломуочуйалара чопчуламмыттара.
  • Кулун тутар 22Максим Аммосов Киргизия обкуомун VIII пленумугар обкуом бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу күннэргэ V Суһал бүтүн киргиистэр Сэбиэттэрин сийиэһэ түмүктэнэр. Бу сийиэскэ Максим Кирович салалтатынан Киргизскай ССР Конституцията ылыллар. Онон Аммосов Киргизия судаарыстыбалаах буолуутугар сүдү улахан суолталаах киһинэн ааҕыллар.

Муус устар

  • Муус устар 20 — Нам, Горнай уонна Бүлүү оройуоннар уһук сэбиэттэрин сирин холбоон туспа Кэбээйи оройуона тэриллибитэ. Киинэ Кэбээйи сэлиэнньэҕэ.
  • Муус устар 26Испанияҕа гражданскай сэрии кэмигэр генерал Франсиско Франко көрдөһүүтүнэн ньиэмэс люфтваффета Герника куораты буомбалаабыт. 3 чаас тухары буомба түспүтүн түмүгэр кырачаан куорат суох буолбут.
  • Муус устар 28Саддам Хусейн (2006 өлб.), Ираак бэрэсидьиэнэ (1979—2003).

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 1 — Москуба—Волга ханаал тутуута түмүктэммит.
  • ыам ыйын 6 — Нью-Йорк таһыгар Лейкхорст куорат аттыгар ниэмэстэр «Гинденбург» дирижабллара сааххаллыыта.
  • Ыам ыйын 10ССРС-ка ЦИК уонна совнарком быһаарыыларынан аармыйаҕа хамыһаардары төннөрбүттэр. Бу аармыйаҕа барбыт репрессия кэмигэр баартыйа хонтуруолун күүһүрдэр ньыма этэ.
  • Ыам ыйын 11 — маршал Михаил Тухачевскай Клим Ворошиловтыын сатаспакка оборуона наркомун бастакы солбуйааччытын дуоһунаһыттан босхоломмут. Уон хонон баран хаайыллыбыта, бэс ыйыгар таҥнарыыга буруйданан ытыллыбыта.


  • ыам ыйын 21 — «Северный полюс» диэн мууһунан уста сылдьар экспедиция үлэтин саҕалаата.
  • Ыам ыйын 27Сан-Франциско куоракка аан дойдуга биир саамай кэрэтинэн биллэр Көмүс Аан күргэ аһыллыбыт. Күргэ уһуна 1280 миэтэрэ, алта эрээт массыына сылдьар, сатыы киһи хаамарыгар аналлаах икки суоллаах. Икки 93 см модьулаах канаакка ыйанан турар, ол канааттар 227 миэтэрэлээх ыстаал тирээбиллэргэ ыйаммыттар.
  • Ыам ыйын 28 — Билиҥҥи кэмҥэ (2019 с.) аан дойдуга саамай бөдөҥ массыына оҥорооччу хампаанньа Фольксваген тэриллибит.
  • Ыам ыйын 30Чикаго полицията (АХШ) уон оробуочай демонстрааны ытан өлөрбүт.

Бэс ыйа

  • Бэс ыйын 11 — «Тухачевскай дьыалата» түмүктэммитэ. Буруйданааччылар: Советскай Союз маршала М. Н. Тухачевский, 1-кы рангалаах командарм, И. Э. Якир, 1-кы рангалаах командарм И. П. Уборевич, Р. П. Эйдеман, А. И. Корк, Б. П. Фельдман, В. М. Примаков уонна комкор В. К. Путна ытыллыыга быһаарыллыбыттар уонна бэс ыйын 12 күн түүнүгэр ытыллыбыттар. Интэн саҕалаан РККА кэккэтигэр улахан репрессиялар саҕаламмыттар.

От ыйа

  • от ыйын 7 — Дьоппуон сэбэлэниилээх күүстэрэ Кытайга саба түспүттэр. Пекин уонна Тяньцзинь куораттары ылбыттар.
  • От ыйын 30 — ССРС Ис дьыалатын наркома Николай Ежов 00447 нүөмэрдээх оперативнай бирикээһэ тахсыбыт: "Урукку кулаактары, угловниктары уонна атын антисоветскай элэмиэннэри репрессиялыыр эпэрээһийэни бары өрөспүүбүлүкэлэргэ, кыраайдарга уонна уобаластарга саҕалыырга". «Тройкалар» «бастакы категориялаах норуот өстөөхтөрүгэр» өлөр бириигибэри таһаарар уонна тута өлөрөр бырааптаммыттар. Эпэрээһийэни атырдьах ыйын 5 күнүгэр саҕалыырга бирикээстээбит. Бу бирикээс от ыйын 2 күнүгэр буолбут КК политбюротун мунньаҕын И. Сталин илии баттааһыннаах 51 № боротокуолугар олоҕурбута.

Атырдьах ыйа

  • Атырдьах ыйын 4 — "Правда" хаһыакка Максим Аммосов салайар Кыргыыс ССР-гар өрөспүүбүлүкэ баартыйатын киин кэмитиэтэ репрессияҕа утарылаһарын, силиэстийэлиир уорганнар үлэлэрин атахтыырын туһунан бастакы ыстатыйа тахсыбыт. Барыта үс ыстатыйа тахсыбыта: Не считаются с сигналами коммунистов, Буржуазные националисты (атырдьах ыйын 31), Гнилая политика ЦК КП(б) Киргизии (балаҕан ыйын 13)

Балаҕан ыйа

Алтынньы

Сэтинньи

  • Сэтинньи 5 — НКВД анал үс киһиллэх суутунан Владимир Амбарцумов иэрэй ытыллыбыт. Кэлин сибэтиэйдэр ааттарыгар киллэриллибит сибэтиэй өлүк Владимир Московскай (Амбарцумов).
  • Сэтинньи 11 — дьоппуоннар Шанхаайы сэриилээн ылбыттар.
  • Сэтинньи 16Киргизия өрөспүүбүлүкэтин Хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин бастакы сэкиритээрин Максим Аммосовы сымыйанан буруйдаан хаайбыттар.
  • сэтинньи 18 — Коминтерн утары Үһүс рейх уонна Япония сүбэлэһиилэригэр Испания холбоспут.
  • сэтинньи 25 — Ленинград уобалаһын анал үс киһиллэх НКВД суутунан нуучча биллиилээх философа уонна учуонайа, свящ. П. А. Флоренский, ытыллыыга ууруллубут. Ахсынньы 8 күнүгэр ытыллыбыт.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 4 — ВКП(б) КК пленумугар НКВД тойоно Николай Ежов Н. И. Бухарины уонна А. И. Рыковы сэбиэттэри утарар тэрилтэҕэ сыаннаахтарыгар буруйдуур.
  • ахсынньы 5 — Дьоппуоннар кытайдар киин куораттарын Нанкины былдьаабыттар.
  • ахсынньы 20 — Степан Некрашевич ытыллыбыт (Сцяпан Некрашэвіч), Беларусь учуонайа -тыл үөрэхтээҕэ уонна общественнай үлэһит, белоруссия культуратын институтун тэрийээччитэ, (билигин — Белоруссия Национальнай Академията). 1957 сыллаахха реабилитацияламмыт.
  • Джон В. Атанасов (John V. Atanasoff) Атанасов-Берри (АВС) компьютерынан үлэтин саҕалаабыт. Кэлин бастакы ааҕар-суоттуур массыынан биллибит.
  • Жорж Бошам аан дойдуга бастакынан электрогитараны («хобордооҕу») патеннаабыт.

Төрөөбүттэр

Эбии маны көр.: Category:1937 сыллаахха төрөөбүттэр

  • Ыам ыйын 9 — СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, архивист М. М. Степанова.

Өлбүттэр

Өссө маны көр.: Category:1937 сыллаахха өлбүттэр

Нобель бириэмийэтэ

  • ФизикаКлинтон Джозеф Дэвиссон и Джордж Томсон — «Эксперимиэннээн кристалларга электроннар дифракцияларын аспытын туһугар».
  • ХимияУолтер Норман Хоуорс «С битэмиини уонна углеводтары чинчийии туһугар». Пауль Каррер «Каротиноидтары уонна флавиннары, ону таһынан А уонна В битэмииннэри чинчийбитин туһугар2».
  • Медицина уонна физиологияАльберт Сент-Дьёрди «За открытия в области процессов биологического окисления, связанные в особенности с изучением витамина C и катализа фумаровой кислоты».
  • ЛитератураРоже Мартен дю Гар «Киһини ойуулаан көрдөрүүгэ уус уран күүһүн уонна кырдьыгын туһугар уонна билиҥҥи аан дойду олоҕун сүрүн хайысхаларын көрдрүүтүн туһугар».
  • Эйэ бириэмийэтэРоберт Сесил «Нациялар Лигаларыгар үтүөтүн туһугар».

Өссө маны көр

  • 1937 сыл спортка
  • 1937 сыл Арассыыйа устуоруйатыгар
  • 1937 сыл Саха сирин устуоруйатыгар
  • 1937 сыл киинэ устуоруйатыгар
  • 1937 сыл тимир суол устуоруйатыгар
  • 1937 сыл литератураҕа
  • 1937 сыллаахха өлбүттэр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.