Олунньу 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 48-с күнэ. Сыл бүтүө 317 күн (ордук хонуктаах сылга 318 күн) баар.
- Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйа устудьуон этэрээттэрин күнэ
- Косово Өрөспүүбүлүкэтэ Косово Өрөспүүбүлүкэтэ — Тутулуга суох буолуу күнэ (2008 сыллаахха, Сербияттан, сорох дойдуларынан билиниллибэт)
- Лиибийэ Лиибийэ — Өрөбүлүүссүйэ күнэ (2011).
- 1370 — Хотугу кириэстээх бохуоттар: Литва Улуу княжествота уонна Тевтон рыцардара Кенигсбергтэн чугас бу иннинэ литовецтар урусхаллаабыт тевтоннар кириэппэстэрин Рудау аттыгар кыргыспыттар. Түмүгэ чопчу биллибэт, ол эрээри Тевтон хроникалара кыайыы туһунан кэпсииллэр, литовецтар элбэх сүтүктэнэн уонна тымныыттан сылтаан Литваҕа төннүбүттэр.
- 1411 — Осмааннар ыккардыларыгар былаас былдьаһыы кэнниттэн импиэрийэни Баязид I уола Муса Челеби баһылаабыт, киниэхэ Валахия хоруола Мирча I көмөлөспүт.
- 1598 — Нуучча ыраахтааҕытынан Борис Годунов бэргэһэлэммит. Кини дойдуну 1605 сыл муус устар 13 күнүгэр диэри баһылаабыта. Кини бүрүстүөлгэ олоруон да иннинэ 1587 сыллаахтан ыла Арассыыйаны салайбыта.
- 1600 — бөлүһүөк Джордано Бруноны умата илдьэн иһэн саҥарбатын диэн тылын мас ытарчанан кыбыппыттар.
- 1739 — Маратхилар португалецтар оккупациялаан олорор сирдэригэр кимэн киирбиттэр, Васаи аттынааҕы кыргыһыы саҕаламмыт.
- 1753 — Швецияҕа олунньу 17 күнүн кэнниттэн кулун тутар 1 күнэ буолбут — дойду Юлиан халандаарыттан Григориан халандаарыгар көспүт.
- 1859 — Франция флота билиҥҥи Вьетнам соҕуруу өттүгэр баар Сайгону сэриилээн ылбыт.
- 1863 — Женева гражданнарын бөлөҕө "Бааһырбыттарга көмөлөһөр норуоттар ыккардыларынааҕы кэмитиэт" тэрийбит, кэлин бу тэрилтэ Кыһыл Кириэс кэмитиэтэ диэн ааттаммыта.
- 1867 — Суэц ханаалынан бастакы хараабыл ааспыт.
- 1918 — Иркутскайдааҕы "Центросибиири" утарар Саха уобалаһын сэбиэтэ тэриллибит, бэрэстээтэлинэн уҥа эсер В.В. Попов буолбут[1]. Бу сэбиэт 250 киһилээх сэбилэниилээх көмүскэнэр кэмитиэт (этэрээт) тэриммитэ.
- 1919 — Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ Антантаттан уонна АХШ-тан бассабыыктары утары көмө көрдөөбүт.
- 1924 — Дьокуускайга бастакы пионер этэрээтэ мустубут. Бу күн Саха Сирин пионериятын төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар.
- 1929 — Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр VI сийиэстэрэ саҕаламмыт. Кулун тутар 4 диэри буолбута. Сийиэс бастакы биэс сыллаах былааны (1929-1933 сылларга) бигэргэппитэ. Сүрүн быһаарыларынан суолу күүскэ тутуу, хостуур бырамыысыланнаһы сайыннарыы (көмүс, таас чох) уонна сири хаттаан үллэрии буолбута[2].
- 1930 — "Саха АССР оройуоннаһынын туһунан" уураах тахсыбыт.
- 1979 — Биир ыйдаах Кытай-Вьетнам сэриитэ саҕаламмыт.
- 1980 — Польша альпинистара Кшиштоф Велицкий уонна Лешек Цихы бастакынан кыһыҥҥы кэмҥэ Эверест хайатын дабайан тахсыбыттар.
- 2006 — "Этигэн хомус" муусука бириэмийэтэ сэттистээн туттарыллыбыт. Уһулуччулаах толорооччу номинацияҕа Саина кыайбыт, эр дьоҥҥо Анатолий Бурнашев буолбут.
- 2008 — Косово Сербияттан тутулуга суоҕун биллэрбит. ХНТ Аан дойдутааҕы суута 2010 сыл от ыйын 22 күнүгэр Косово Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин тутулуга суоҕунан биллэриитин аан дойду быраабын кэспэтин билиммитэ. 2017 сыллаахха бу өрөспүүбүлүкэни билиммит дойдулар ахсааннара 114 буолбута. Сербия билигин да Косово сирдэрин бэйэтин сиринэн ааҕар, ол эрээри хонтуруоллуур кыаҕа суох.
- 2011 — «Арааб сааһа»:
- Ливияҕа Муаммар Каддафины утары бырачыастар саҕаламмыттар.
- Бахрейнҥа куттал суох буолуутун сэбилэниилээх күүстэрэ Манаамаҕа бырачыастааччылар утары рейдэ оҥорбуттар, бу түбэлтэ олохтоохторго Хааннаах чэппиэр диэн аатынан биллэр.
- 2023 — Дьокуускайга оҕону сахалыы иитиигэ аналлаах Төрөппүт сугулаана буолбут. Тэрээһиҥҥэ 12 улуустан 117 төрөппүт, оскуолалар уонна уһуйааннар салайааччылара, учууталлар, иитээччилэр кыттыбыттар[3].
Александр Павлов. Пароходы для Рыдзинского // Якутия : газета. — 2022. — 23 От ыйын. — С. 34-35.
И.А. Аргунов, С.Н. Васильев и др. 40 лет Якутской автономии. — Якутск: Якутское книжное издательство, 1962. — С. 35-36. — 191 с.