Ыам ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 129-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 130-c күнэ). Сыл бүтүө 236 күн баар.
- Улуу Кыайыы күнэ. Сэбиэскэй Сойуус састаабыгар киирэ сылдьыбыт 10 өрөспүүбүлүкэҕэ, ону таһынан Израильга, Боснияҕа уонна Герцеговинаҕа, Сербияҕа, Хотугу Македонияҕа, уонна Черногорияҕа бэлиэтэнэр. Украинаҕа Нацизмы кыайыы күнэ диэн ааттаах.
- ХНТХНТ ХНТ — Аан дойду иккис сэриитин сиэртибэлэрин бэлиэтиир уонна эйэлэһии күнэ (8-ка уонна 9-ка бэлиэтэнэр).
- Европа Сойууһа Европа Сойууһа — Шуман былааныгар анаммыт Европа күнэ
- Джерси Джерси — Босхолонуу күнэ
- Узбекистан Узбекистан — Өйдөбүнньук уонна Сүгүрүйүү күнэ
- Б.э.и. 53 сыл — Рим полководеһа Красс сэриитин Парфия сэриитэ Карр куорат анныгар үлтүрүппүт. Красс бэйэтэ кыргыһыыга охтубут.
- 1386 — Англия уонна Португалия сойуустаһар туһунан Виндзордааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар. Аан дойдуга баччааҥҥа диэри күүһүн сүтэрэ илик ордук кырдьаҕас дипломатия докумуона буолар.
- 1634 — Хаһаак атамаана Галкин Бөтүҥ улууhугар ыар ыалдыт буолан тиийбит. Ыам ыйын 9 күнүгэр "якольских князцей Бурдуя и Семена Улта" курээри сылдьалларын тохтоппут диэн суруллар. Бу иннинэ, күһүн, Өлүөнэ остуруогар былааһы бирикээсчит Ходыревтан күүһүнэн былдьаабыт, оттон кини дьоно олохтоох сахалары аһара халаан-талаан өрө туруорбуттар эбит. Ол курдук намнар кини 50-ча киһилээх этэрээтин куотарга күһэйбиттэр, сырсан кэлэн остуруогу төгүрүктүү сылдьыбыттар. Төгүрүктээһиҥҥэ бороҕоннор уонна хаҥаластар кыттыбыттар.
- 1901 — Австралияҕа дойду бастакы түмэнэ аһыллыбыт.
- 1915 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Артуа иккис кыргыһыыта саҕаламмыт (бэс ыйын 18 күнүгэр түмүктэммитэ).
- 1917 — Арассыыйа Быстах кэминээҕи бырабыыталыстыбата бэчээт цензуратын букатыннаахтык тохтотор туһунан биллэрбит.
- 1918 — Ижора собуотун оробуочайдарын ытыалааһын — бассабыыктар саата-саадаҕа суох дьону аан бастаан ытыалаабыттар.
- 1920 — Сиинэ оскуолата таҥара дьиэтиттэн араарыллыбыта, таҥара үөрэҕин үөрэтии бобуллубута.
- 1920 — Польша сэриилэрэ Киевы ыланнар Крещатик уулусса устун байыаннай параад оҥорбуттар.
- 1922 — Бүтүн Русь патриархын Тихоны дьиэтигэр хаайбыттар.
- 1925 — Амма Сулҕаччытыгар Михаил Артемьев салалталаах сахалартан уонна тоҥустартар турар бастаанньыстар бөдөҥ этэрээттэрэ кыһыллары кытта эйэлэһэр. Артемьев бу кэнниттэн 1927 сылга диэри сэбиэскэй былааска үлэлээбитэ. Охуоскай волревкомун салайбыта, ЯЦИК-ка аҕыйах ахсааннаах омуктар кэмитиэттэрин чилиэнэ этэ.
- 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: U-110 ньиэмэс подлодкатын Британия сэбилэниилээх күүстэрэ былдьаабыттар. Хараабылга Enigma диэн шифрдыыр аппараат баар этэ, ону кэлин криптографтар ньиэмэс салалтатын бирикээстэрин ааҕарга туһаммыттара.
- 1942 — Саха АССР обкуома бюроҕа «Работник печати» диэн танковай колоннаҕа харчы хомуйар туһунан уураах таһаарбыт.
- 1945 — Танковай рота хамандыыра Дмитрий Оллонов сэриилэспит танковай полката Прага куоракка бастакыннан тоҕу көтөн киирбит. Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүт уол 1932 сылтан Кыһыл аармыйаҕа сулууспалаабыта, өссө 1939 сыллаахха Халхин Голга хорсуннук сэриилэһэн Кыһыл Знамя уордьанын ылбыта.
- 1950 — Роберт Шуман сэрии кэнниттэн Франция уонна Германия салгыы хайдах ыаллыы олороллорун туһунан барылы көрдөрбүт. Бу Шуман декларацията диэн ааттаммыт докумуоҥҥа кэлин Арҕаа Европа атын дойдулара кыттыспыттара. Европа Сойууһун бастакы докумуонун быһыытынан ааҕыллар.
- 1955 — Арҕаа Германия НАТО-ҕа киирбит.
- 1973 — Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар Т-34 таанканы өйдөбүнньүк быһыытынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы буолбут.
- 1985 — Саха Сиригэр Улуу Кыайыы 40 сылын бэлиэтээһин буолбут. V-с өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай сүлүөт буолбут, Аҕа дойду сэриитигэр аналлаах саха худуоһунньуктарын быыстапката аһыллыбыт.
- 1990 — Бүлүү Дьөккөнүтүттэн төрүттээх учуутал Николай Кондаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Бу наҕараада кинини өлбүтүн кэннэ булбута. Дьиҥэр, сэрии кэмигэр артиллерия эдэр лейтенаана взводу хамаандалаан Одер өрүһү туораабытын, плацдарм ылбытын, өстөөх алта пулеметун суох гыммытын иһин өссө ол саҕана дьоруойга түһэриллибитэ.
- 1992 — Армения сэриилэрэ Шуша куораты ылбыттар, бу түбэлтэ Нагорнай Карабах бастакы сэриитин сүрүн түгэнэ буолбута.
- 2010 — Кемерово уобалаһыгар Распадскай шаахтаҕа метан эстибит.
- 1982 — Гаврил Чиряев, баартыйа уонна ил диэйэтэлэ. 1965—1982 сыллардаахха ССКП Саха обкомун бастакы сэкирэтээрэ. Бүлүү Кыадаҥдатыттан төрүттээх, дьоппуон Квантун аармыйатын урусхаллааһыҥҥа кыттыбыт эппиһиэр, аармыйаҕа 7 сыл сулууспалаабыт. Саха сирин 17 сыл устата салайбыт кэмин устуоруктар саамай нуһараҥ кэминэн ааттыыллар. Бу кэми кытта балысхан сайдыыны ситимнииллэр, Бүлүүгэ ГЭС тутуллубута, хостуур промышленность күүскэ сайдыбыта. Кини баар буолан 1979 сыллааҕы саха устудьуоннарын хамсааһыннара сиэллэммэккэ-кутуруктаммакка ааспыта, үөрэх миниистирин Шарины өйөөбүтүн түмүгэр үөһэттэн дьаһал туолбакка, саха тыла оскуолаҕа хаалбыта. 58 сааһыгар сылдьан Москубаҕа ыалдьан өлбүтэ.