Ахсынньы 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 346-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 347-c күнэ). Сыл бүтүө 19 күн баар.
- 627 — Ниневия аттынааҕы кыргыһыы — Византия уонна Персия ыккардыларынааҕы сэрии сүрүн кыргыһыыта. Риим импиэрийэтэ уонна Перс импиэрийэтэ 400 сыл тухары тохтуу-тохтуу күөдьүйбүт сэриилэриттэн бүтэһиктэрэ. Византия кыайан Кыра Азияны перстэртэн көмүскээбитэ.
- 1796 — Арассыыйаҕа «О новом разделении государства на губернии» диэн Ыраахтааҕы уурааҕа тахсыбыт. Ол уурааҕынан 1797 сыл кулун тутарыгар Иркутскай наместничество күбүөрүнэ буолбут, уобаластар, ол иһигэр Саха уобалаһа, — уезд буолбуттар, уездтар комиссарство буолбуттар.
- 1905
- Новороссия өрөспүүбүлүкэтэ баар буолбут.
- Харьковка Артём диэн хомуньуус салалтатынан сэбилэниилээх өрө туруу саҕаламмыт.
- 1911 — Оччотооҕу Британия Ииндийэтин киин куората Калькуттаттан Делигэ көһөрүллүбүт.
- 1919 — Деникин сэриитин кыһыллар Харьковтан үүрбүттэр.
- 1939 — Фиин аармыйата сэбиэскэй аармыйа сэриилэрин Толваярви аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
- 1941 — Солнечногорскай уонна Сталиногорскай ньиэмэстэртэн босхоломмуттар.
- 1979 — Соҕуруу Кэриэйэҕэ байыаннай переворот буолбут. Генерал Пак Чон Хи өр сыллаах диктатууратын кэнниттэн гражданскай киһи дойдуну салайыыта уһаабатах, байыаннайдар былааһы бэйэлэригэр төттөрү ылбыттар.
- 1993 — Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Арассыыйа Конституцията ылыллыбыт.
- 1993 — Ил Түмэн бастакы састаабыгар 56 дьокутаат талыллыбыт: Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар — 35, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарыгар — 21.
- 2012 — Хотугу Кэриэйэ Кванмёнсон-3 («Чаҕыл сулус - 3») диэн бастакы спутнигын орбитаҕа бэйэтин ракетатын Ынха-3 («Халлаан Сиигэ - 3») көмөтүнэн таһаарбыт.
- 2015 — Климат сылыйыытын хааччахтыыр сыаллаах Киото протоколун оннугар Парижтааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Сөбүлэҥ сүрүн өрүтэ - 2100 сылга диэри аан дойду климатын сылыйыытын 2°С иһигэр тутуу, ол туһугар CO2 эмиссиятын аччатыы. Парижтааҕы сөбүлэҥҥэ дойду барыта кэриэтэ кыттыспыта.
- 1766 — Николай Карамзин — нуучча суруйааччыта уонна устуоруга, ону кытары нуучча тылын реформатора. Нуучча тылыгар француз тылын грамматикатын уонна синтаксиһин хото киллэрэн литературнай нуучча тылын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах.
- 1886 — Николай Барамыгин — Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1910 — Спиридон Григорьев — сахаҕа бастакы идэтийбит тыйаатыр режиссера, 1933—1961 сылларга Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, сүрүн режиссера, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1915 — Фрэнк Синатра — Америка ырыаһыта уонна артыыһа, «Оскар» бириэмийэтин лауреата, 11 төгүллээх «Грэмми» бириэмийэтин лауреата.
- 1924 — Евдокия Горохова — саха биллиилээх ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ (1980—1985), Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004).
- 1928 — Чингиз Айтматов — кыргыыс уонна нуучча суруйааччыта.
- 1927 — Мария Канаева — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1927 — Александра Захарова — педагогика билимин хандьыдаата, доцент.
- 1937 — Аркадий Алексеев — саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыт, уопсастыба диэйэтэлэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Дьокуускай куоратын (1998, тохсунньу 14), Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Тойбохой нэһилиэгин (2012) ытык киһилэрэ.
- 1938 — Александра Аргунова-Күөрэгэй — Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх 1966 сылтан кэргэнин дойдутугар Исландияҕа олорор саха дьахтара, тыйаатыр үлэһитэ, худуоһунньук, түмэт дьайыксыт.
- 1938 — Дора Васильева — биллэр литературовед, литератураны ырытааччы, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Чинчийиилэрин сүрүн хайысхата - аныгы саха прозатын уонна оҕо уонна эдэр ыччат литэрэтиирэлэрин сайдыыларын кыһалҕалара.
- 1938 — Роман Хобусаров — тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕо.
- 1981 — Александр Контоев — Белоруссия уонна Россия тустууга, Аан дойду түһүлгэтин үһүс миэстэлээх призёра (2001), Европа чемпионаттарын призера (2002, 2005, 2013), Россия чөмпүйүөнэ (2002). Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.