Олунньу 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 58-с күнэ. Сыл бүтүө 307 күн (ордук хонуктаах сылга 308 күн) баар.
- Европа Европа — Түмэт тэрилтэлэр аан дойдутааҕы күннэрэ
- Үрүҥ эһэ дойдулар ардыларынааҕы күнэ
- Арассыыйа Арассыыйа — Туспа аналлаах сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Вьетнам Вьетнам — Быраас күнэ
- Доминика Өрөспүүбүлүкэтэ Доминика Өрөспүүбүлүкэтэ — Тутулуга суох буолуу күнэ (Гаититтан, 1844 сыллаахха, бастаан тутулуга суох буолуу)
- Ираан Ираан — Ислаамныы иитии күнэ
- Ииндийэ Ииндийэ (Махараштра) — Маратхи тылын күнэ
- Соҕуруу Африка Соҕуруу Африка — Маджуба күнэ. 1881 сыллаахха бу күн Бастакы Англия-Буурдар сэриилэрин сүрүн кыргыһыыта буолбут
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Олунньу тиһэх баскыһыанньата — Чөл турук күнэ (Национальный День Здоровья), СӨ бэрэсидьиэнин N 945 ыйааҕынан 2000 сыл тохсунньу 17 к. олохтоммута
- 425 — кэргэнин Элия Евдокия көҕүлээһининэн Феодосий II ыраахтааҕы Константинополь университетын олохтообут.
- 907 — Кидань басхана Өлүүй Амбагай (Тайцзи уонна Абаоцзи диэн ааттарынан эмиэ биллэр, 872–926 сс.) Хотугу Кытайга Ляо династиятын олохтоон импэрээтэр буолбут.
- 1617 — Швеция уонна Арассыыйа Столбовтааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар, Ингерманландия сэриитин түмүктээбиттэр, бу сөбүлэҥинэн Арассыыйа Балтикаҕа тахсыбат буолбута.
- 1918 — Дьокуускайга контрреволюционнай Уобаластааҕы Сэбиэти утарар почта-телеграф үлэһиттэрин забастовката саҕаламмыт, кулун тутар 20 күнүгэр түмүктэммит. Забастовкаҕа типография, бэчээт үлэһиттэрэ, оспуоччуктар (извозчиктар), тимир уһаарааччылар уо.д.а. кыттыспыттар.
- 1921 — Хомсомуол Саха уобаластааҕы кэмитиэтин уоргана «Хотугу ыччат» хаһыат бастакы нүөмэрэ «Автономная Якутия» хаһыакка сыһыарыы быһыытынан тахсыбыт. Бу хаһыат аатын хаста да уларытан (“Хотугу ыччат”, “Эдэр бассабыык”, “Эдэр коммунист”, “Сахаада”) 1990 сыллаахха дылы тахсыбыта. 1993 сыллаахха “Эдэр коммунист” сэбиэдиссэйэ Иван Ушницкай “Эдэр саас” хаһыаты тэрийбитэ.
- 1923 — Чурапчыттан Аммаҕа айаннаан иһэр Ефим Курашов кыһыл этэрээтэ генерал Ракитин уонна полковник Худояров үрүҥ этэрээтин 3 чаастаах кыргыһыы түмүгэр кыайбыт.
- 1932 — Англия учуонайа Джеймс Чедвик нейтрону арыйбыт.
- 1933 — Берлиҥҥэ Рейхстаг умайбыт. Бу кэмнэ Германияҕа Рейхстагка быыбар айдаана буола турбут, онно нацистар коммунистары утары киирсибитэр. Баһаарга коммунист Маринус ван дер Люббе буруйдаммыт, ол кэнниттэн Хомуньуус баартыйата бобуллубут.
- 1937 — Саха АССР саҥа конституциятын бырайыага бигэргэммит.
- 1940 — Мартин Кеймен уонна Сэм Рубен углерод-14 арыйбыттар.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Голландия Ост-Ииндийэтигэр (Индонезия) Ява байҕалын кыргыһыыта буолбут. Дьоппуон флота Нидерланды, Британия уонна АХШ кыттыгастыы флоттарын үлтүрүппүт. Сарсыныгар дьоппуоннар Ява арыытыгар тиксибиттэр.
- 2006 — Саха сирин дьахталларын XII сийиэһэ саҕаламмыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ 500-тэн тахса дьахтар тэрилтэтэ баар, 332 нэһилиэккэ женсовет баар диэн буолбут, 138 дьахтар түмсүүтэ (кулууба) баар эбит.
- 2010 — Чиили киин оройуоннарыгар 8,8 бааллаах сир хамсааһына буолбут, 500-тэн тахса киһи ҕлбүт, тыһыынчанан дьон эмсэҕэлээбиттэр. Бу сир хамсааһыныттан саҕаламмыт цунами сотору кэминэн Гавайи арыыларыгар тиийбитэ.
- 2015 — уруккута Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлэ Борис Немцову Москубаҕа уулуссаҕа ытан өлөрбүттэр.
- 1903 — Григорий Семенов (16.06.1970 өлб.) — геолог, 1957-1969 сылларга Саха сиринээҕи Геология сулууспатын сүрүн геолога. Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- 1905 — Aлексей Петров — геоботаник учуонай, Саха АССР үтүөлээх агронома.
- 1914 — Гавриил Макаров - Дьуон Дьаҥылы (06.03.1956 өлб.) — бэйиэт уонна тылбаасчыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1945).
- 1936 — Николай Андросов — 1990—2002 сылларга Анаабыр улууһун баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2001).
- 1941 — Анастасия Оконешникова — психология билимнин дуоктара, ХИФУ профессора. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун биир улахан көхтөөх суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2006).
- 1958 — Алексей Романов — СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа бочуоттаах кинематографииһа. Кини көҕүлээһининэн 1990 с. ТО «Северфильм», онтон 1992 с. онно олоҕуран «Сахафильм» судаарыстыбаннай национальнай киинэ хампаанньата тэриллибиттэрэ.
- 1962 — Сергей Колодезников — этнограф учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1936 — Иван Павлов (1849 төр.), нуучча физиолога, физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин лауреата (1904).
- 1943 — Александр Матросов (1924 төр.), стрелковай полка рядовойа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 2015 — Борис Немцов (1959 төр.), Арассыыйа бэлиитигэ уонна судаарыстыба диэйэтэлэ.