Сэтинньи 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 321-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 322-c күнэ). Сыл бүтүө 44 күн баар.
- Аан дойдутааҕы Устудьуоннар күннэрэ
- Аан дойдуга болдьоҕун иннинэ төрөөбүт оҕолор күннэрэ. Сылын ахсын 15 мөлүйүөн кэриҥэ оҕо болдьоҕуттан эрдэ төрүүр, ол аата быһа барыллаан уон оҕоттон биирэ.
- Арассыыйа Арассыыйа — Полиция участковайын күнэ
- Азербайджан Азербайджан — Национальнай саҥалыы сайдыы күнэ
- Ииндийэ Ииндийэ (Одиса штаат) — Британия бас билиитин утары хамсааһын салайааччыта Лала Ладжпат Рай (1865–1928) өлбүт күнэ. Бу «Пенджаб хахайа» диэн ааттаммыт киһи эйэлээх демонстрация кэмигэр полиция бааһырдыбытыттан сылтаан өлбүтэ
- Италия Италия — Хара куоска күнэ
- Маршалл арыылара Маршалл арыылара — Бэрэсидьиэн күнэ
- Чехия Чехия, Словакия Словакия — Көҥүл уонна демократия иһин охсуһуу күнэ
- 1792 — Саха уобалаһын баһылыгын быыбара буолан ааспыт. Быыбары Хаҥалас улууһун баһылыга Софрон Сыранов кыайбыт, ол эрэн сотору кэминэн кырыйдым диэн солотуттан батыммыт.
- 1804 — Казань уонна Харьков куоарттарга университеттар олохтоноллор.
- 1869 — Эгиипэккэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга Средиземнай уонна Кыһыл байҕаллары холбуур Суэц ханаала аһыллыбыт. Ханаалы Франция хампаанньата 1859 сыллаахха тутан саҕалаабыта уонна 10 сыл буолан баран бүтэрбитэ. Ханаал уһуна 163 километр, кэтитэ ордук кыараҕас сиригэр 300 миэтирэ.
- 1922 — Читааҕа кииннээх Уһук Илин Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Сэбиэскэй Арассыыйалыын сойуустаһар туһунан быһаарыныы ылыммыт. Бу бутуурдаах соҕус түгэн, тоҕо диэтэххэ, икки хонук иннинэ сэтинньи 15 күнүгэр Сэбиэскэй Арассыыйа бырабыыталыстыбата (ВЦИК) өрөспүүбүлүкэни бэйэтигэр уобалас бырааптаах ылар туһунан уураах таһаарбыта. Бу судаарыстыбаҕа Чита куорат таһынан билиҥҥи Бүрээтийэ сирдэрэ, Хабаровскай кыраай (ол иһигэр сахалар олорор Үттэрэ), Приморскай кыраай сирдэрэ киирэллэрэ, оттон былыргыттан Саха сирин кытта ситимнээх Охуоскай, Айаан байҕал пуортара уонна билиҥҥи Магадаан уобалаһын байҕалын кытыла бу өрөспүүбүлүкэ "хонтуруоллуур" сирдэрин быһыытынан ааҕыллаллара.
- 1924 — ЯЦИК иһинэн хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кэмитиэттэрэ тэриллибит. Кэмитиэт өрө турбут Ньылхан тоҥустарыгар бэринэргэ ыҥырыы ылыммыт.
- 1927 — Москубаҕа ЦК ВКП(б) Политбюротун мунньаҕар Саха сиригэр конфедералистар хамсааһыннарын туһунан дакылаат истибиттэр уонна хамсааһыны түргэнник эһэргэ быһаарбыттар.
- 1942 — АлСиб устуоруйатыгар саамай улахан авиакатастрофа буолбут: Красноярскайтан Киренскайга лүөччүктэри төттөрү илдьиэхтээх Ли-2 сөмүлүөт саахалламмыт, сүүрбэттэн тахса киһи өлбүт.
- 1950 — Лхамо Дондруб 14-c Далай Лааманан, о.э. Тибет буддистарын өйдөрүн-санааларын сирдьитинэн, биллэриллибит. Кини 1989 сыллаахха Нобель эйэ бириэмийэтин ылбыттаах.
- 1970 — Ыйга Самыыр Байҕалыгар ССРС «Луна-17» станцията ситиһиилээх сымнаҕас посадкатын кэнниттэн «Луноход-1» Ый ньуурун устунан айанын саҕалаабыт. Бу аан дойду устуоруйатыгар бастакы планетоход буолар. Кини Ыйга 10,5 ый үлэлээбит, ол тухары 10,5 км ааспыт.
- 2000 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйыытынан өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтэ Саха сирин оскуолаларыгар саахымат уруоктарын киллэрэр туһунан быһаарыныы ылбыт.
- 2019 — COVID-19 бастакы бигэргэммит түбэлтэтэ. Кытайга Ухань куоратыгар ырыынакка сылдьыбыт 55 саастаах эр киһи балыыһаҕа тиийбит. Мантан саҕалаан күн аайы бииртэн биэскэ дылы ахсааннаах дьаҥҥа сутуллуу түбэлтэтэ тахсар буолбут. Ахсынньы 15 күнүгэр 27 түбэлтэ бэлиэтэммит, оттон ахсынньы 20-тигэр — 60. Ахсынньы бүтүүтүн диэки медиктэр саҥа вирус үөскээбитин өйдөөбүттэр.
- 1858 — Роберт Оуэн — Англия бөлүһүөгэ, XIX үйэ биир бастакы социальнай информатора. Төһө даҕаны XIX үйэҕэ “түмэт урбаана” диэн тиэрмин суох буоллар, Роберт Оуэн түмэт урбаанын бастакы саҕахтарын сахсыбыт, түмэт урбаана урбаан биир салаатын быһыытынан сайдан барарыгар олук уурсубут үтүөлээх киһи.
- 1929 — Герман Холлерит — Америка инженерэ, бастакы электромеханика ааҕар массыынатын айааччы (табулятор), IBM фиирмэ иннинээҕи фиирмэни төрүттээбит киһи.