Сэтинньи 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 324-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 325-c күнэ). Сыл бүтүө 41 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдутааҕы оҕо күнэ
- ХНТ — Африка индустриализациятын күнэ
- Трансгендердэр кэриэстэбиллэрин күнэ
- Арассыыйа — Көлө үлэһитин күнэ
- Аргентина — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Бразилия — Харалары билинии күнэ (Dia da consciência negra)
- Вьетнам — Учуутал күнэ
- Миэксикэ — Өрөбөлүүссүйэ күнэ
- Таиланд — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Украина — Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин күнэ
Түбэлтэлэр
- 284 — Диоклетиан Риим импэрээтэринэн талыллыбыт.
- 762 — Лушань өрө туруутун кэмигэр Тан династия ыраахтааҕытын сэриилэрэ Уйгуур Каганаатын көмөтүнэн Лоян куораты өрө турааччылартан төттөрү былдьаабыттар. Лоян ол саҕана аан дойдуга иккис улахан куорат этэ.
- 1194 — Риим импиэрийэтин ыраахтааҕыта Генрих VI Сицилияҕа Палермо куораты сэриилээн ылбыт.
- 1815 — Парижтааҕы иккис эйэ сөбүлэҥэр илии баттаммыт. Францияҕа 1790 сыллааҕы кыраныыссатын төннөрбүттэр, ол эрээри улахан контрибуция түһэрбиттэр уонна оккупацияны эбии хас да сылга уһатан биэрбиттэр.
- 1910 — Мексикаҕа былаас утары өрө туруу буолбут. Бу түмүгэр генераал Порфирио Диас былааһа сууллубут, кини оннугар Франсиско Мадера бэрэсидьиэн буолбут. Билигин хас сыл аайы бу күн Мексикаҕа Өрөбөлүүссүйэ күнэ бэлиэтэнэр.
- 1917 — ЯКОБ (комитет общественной безопасности, Уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтэ), эсердар кэмитиэттэрэ, Дьокуускай куорат дуумата, байыаннай уонна бааһынай дьокутааттар сэбиэттэрэ, «Саха национальнай кэмитиэтэ», федералистар сойуустарын киин кэмитиэтэ мунньахтаан Өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэти олохтообуттар.
- 1917 — «Якутский голос» диэн ааттаах хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бу хаһыаты Трудовой союз федералистов Киин кэмитиэтэ таһаарар эбит. Барыта 6 нүөмэр тахсыбыт (бастакы эрэдээктэр Широких А. Д., иккис 1918 сылтан Шадрин М. И. этилэр).
- 1945 — Нюрнберг куоракка Нюрнберг Улахан суута саҕаламмыт. Суут биир сыл кэриҥэ 1946 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэлээбитэ, Германия нацистарын сууттаабыта. Бу "улахан" суут кэнниттэн Нюрнберг хас да "кыра" сууттара буолбуттара.
- 1959 — Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ "Оҕо быраабын декларациятын" ылыммыт. ХНТ иннинэ бастаан 1924 сыллааха бу декларацияны Нациялар Лигалара ылыммыта. Декларация биэс тосхоло: 1) Оҕо эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн сөпкө сайдарыгар кыах бэриллиэхтээх; 2) Аччык оҕо аһатыллыахтаах; ыалдьыбыт оҕо эмтэниэхтээх; алҕаһыыр оҕо көннөрүллүөхтээх; тулаайах уонна дьиэтэ суох оҕо кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ хорҕойор сир уонна көмө ылыахтаах; 3) Ыар кэм саҕана оҕо бастакынан көмө ылыахтаах; 4) Оҕо тапталга улаатыахтаах, көлөһүннээһин бары көрүҥнэриттэн көмүскэниэхтээх; 5) Оҕо бастыҥ өрүттэрэ атын дьоҥҥо туһа аҕалыахтаахтарын өйдүүрүн курдук иитиллиэхтээх.
- 1977 — Егиипэт бэрэсидьиэнэ Анвар Садат араб басханнарыттан бастакынан Израильга сылдьыбыт, парламеҥҥа туран эйэ көрдүүрүн туһунан эппит. Араб дойдулара Израиль утары отут сыл тухары хаста даҕаны сэриилэспиттэрин кэннэ Егиипэт бастакынан эйэлэспит. Сотору кэминэн Иордания эмиэ Израили кытары эйэ дуогабарын түһэрсибитэ.
- 1985 — Windows 1.0 (ааҥл. түннүктэр) операционнай систиэмэ атыыга тахсыбыт. 2019 сыллааҕы көрдөрүүнэн Windows араас версиялара аан дойду көмпүүтэрдэрин 88,5 %-гар тураллар.
- 1994 — Анголаҕа 19 сыл тухары барбыт гражданскай сэрии түмүктэммит.
- 1998 — Байконур космодромуттан "Заря" диэн Дойдулар ардыларынааҕы космос ыстаансыйатын (нууч. Международная космическая станция - МКС) бастакы муодула арбыытаҕа таһаарыллыбыт. МКС билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлиир, бырайыакка 14 дойду кыттар, 2020 сыл туругунан станцияҕа 241 космонавт сылдьыбыт. Ыстаансыйаҕа уопсайа 100 миллиард евро бараммыт диэн сабаҕалааһын баар, инньэ гынан куосумас бырайыактарыттан саамай үрдүк сыаналаахтара буолар.
Төрөөбүттэр
- 1927 — Михаил Ульянов — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, режиссёр, ССРС народнай артыыһа.
- 1928 — Алексей Баталов — артыыс, кинорежиссёр, сценарист, педагог, ССРС народнай артыыһа.
- 1939 — Валерий Ноев — саха аатырбыт самодеятельнай хампаһыытара, билигин 50 тахса ырыата биллэр: «Кыракый кыысчааным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын көрсүһүү» (И.Гоголев) уо.д.а.
- 1942 — Джо Байден — АХШ 46-с бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт киһи.
- 1973 — Арсен Томскай, саха урбаанньыта, Саха сирин олохтоохторугар анаан өр сылларга үлэлээбит ykt.ru портаал төрүттээччитэ, хас да ситиһиилээх айти-бырайыактар бас билээччилэрэ. 2013 сыллаахха пассажирдары уонна суоппардары тиксиһиннэртиир InDrive тэрилтэни тэрийбитэ аан дойдуга 3 бастыҥ райдшеринг тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр[1].
Өлбүттэр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.