From Wikipedia, the free encyclopedia
Зверев Дмитрий Сергеевич (11.06.1939, Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа — 08.09.2012) — прозаик-публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
Олоҕун кэрчиктэрэ Миитэрэй Сэргиэйэбис Сэргэй Сибиэрэп бастакы кэргэнэ Анастасия Потаповнаттан уола. Барыта 11 оҕоломмуттар. Түөрт оҕо кыра сылдьан суорума суолламмыттар. Аҕалара араҕан барарыгар 8 буолан хаалбыттар. Миитэрэй Сэргиэйэбис кэргэнэ Алла Петровна Өлөөн Дьэлиҥдэтиттэн төрүттээх. Икки уол оҕоломмуттара, элбэх сиэннээхтэр. Дмитрийи кыра сырыттаҕына Юрий диэн ааттыыллар эбит. Ол иһин иккис уолун Юрий диэн ааттаабыт. Юрий улахан уолун эһэтин аатынан Дима диэн ааттаабыт. Кыра сиэн уол төрүүрүгэр Миитэрэй Сэргиэйэбис Түбэй Дьаархаҥҥа баар этэ. Телефонунан уол сиэн кэлбитигэр олус үөрбүтэ. Ким диэн ааттыыбыт диэн ыйыппыттарыгар : «Эн уонна мин ааппытынан Юрий диэххэ » - диэбитэ. Саамай тапталлаах сиэн буолбута, таһыччы таптыыра: «Оҕом бэйэм курдук буолуоҕа, хос эһээтин батан улуу киһи буолуоҕа», - диэн алгыыра. Күн баҕа санаата туоллар ханнык.Уонна кыыл уолга икки кыыс сиэннээх Уля уонна Надя аттаах. Дима кыра эрдэҕиттэн үтүөҕэ, кэрэҕэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһар этэ. Олох оскуолаҕа киириэн инниттэн учуутал буолуом диэн ыра санаалааҕа. Ол санаата туолбута. Кини Сунтаар улууһун Сиэйэ сэттэ кылаастаах, Элгээйи орто оскуолаларын, М.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетын бүтэрэн баран Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаабыта. Тустуунан, боксанан, футболунан, волейболунан, хайыһарынан, чэпчэки атлетиканан, гимнастиканан эмиэ дьарыктанара, саахыматы сэргиирэ. Дьокуускайдааҕы университетка физико-математическай, онтон филологическай факультеттарга үөрэнэн, араас идэлээх учуутал, суруйууга сыһыанынан – тыл үөрэхтээҕэ, суруналыыстыкаҕа эмиэ үлэлиии сылдьыбыта. Суруйааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы Союзтарын чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун уонна Түбэй Дьаархан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буола үүммүтэ. Талаан, суруйар дьоҕур киһи аайы баар буолбат, утум төрөппүттэргиттэн, айылҕаттан айдарыы үөһэттэн иҥэриллэр быһыылаах. Ис киирбэх сэбэрэлээх, олус чэнчис, уурбут-туппут курдук таҥнан, тутта-хапта сылдьар Миитэрэй, кэпсээн-ипсээн бардаҕына, билэрэ-көрөрө элбэҕэ, бэйэтин санаатын толору ыраастык этэрэ, истээччини олус умсугутар талааннааҕа Улуу Сибиэрэптэн утумнааҕын туоһулуура.
Аҕата, Зверев Сергей Афанасьевич — Кыыл Уола, 100-сааһын туолуутугар аҕатын айар олоҕун туһунан кинигэлэри, араас үлэлэри суруйан бэчээттэппитэ: «Аҕам туhунан аман өс», «Алгыс түстэниитэ», «Үйэлэр сүгүрүйэр киhилэрэ», С. А. Зверев — Кыыл Уола олоҕор холобурдаммыт «К вопросу о национальной специфике якутского поэтического творчества» чинчийиилэр, «Кыhыл көмөс ыар тыына» сэһэн.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.