Ахсынньы 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 348-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 349-c күнэ). Сыл бүтүө 17 күн баар.
- Аан дойдутааҕы эбисийээнэ (моймуун) күнэ. 2000 сыллаахха Мичиган университетын икки худуоһунньук-устудьуона онньуу быһыытынан олохтообуттара, кэлин тэнийэн, кыылы-сүөлү көмүскүүр тэрилтэлэр өйөөн аан дойдуга киэҥник бэлиэтэнэр буолбута. Бу күн дьон зоопаркаларга сылдьаллар, комикстар күрэхтэһиилэрин ыыталлар, эбисийээнэ таҥастаах киэһэлэри, эгэлгэ шоулары тэрийэллэр
- Башкортостан Башкортостан (Арассыыйа) — Башкиир тылын күнэ
- Алабама Алабама (АХШ) — Алабама күнэ
- Баҥладеш Баҥладеш — Кэйгэллэммит интэлигиэнсийэ күнэ. 1971 сыллааҕы босхолонор сэрии кэмигэр Пакистаан сэриилэрэ Бангладеш (ол саҕана Илин Пакистаан) үөрэхтээх дьонун (учуонайдары, суруналыыстары, инженердары, быраастары уо.д.а.) өлөртөөбүттэрэ, соруктара — үөскээн эрэр омугу хам баттааһын. Бу күн буолбут бүтэһик маассабай өлөрүү кэнниттэн икки хонон баран ахсынньы 16 күнүгэр Пакистаан сэриилэрэ бэриммиттэрэ, Бангладеш Ииндийэ көмөтүнэн тутулуга суох дойду буолбута.
- Украина Украина — Чернобыль саахалын ликвидациятын кыттыылаахтарын чиэстиир күн
- Япония Япония — Түөрт уон сэттэ ронины ахтар-саныыр күн. Бу күн Сэнгаку-дзи диэн Токиоҕа баар таҥара дьиэтигэр көмүллэ сытар даймену уонна кини рониннарын ахталлар. Бу XVIII үйэҕэ буолбут түбэлтэни дьоппуоннар бэриниилээх буолуу холобурун быһыытынан былыргыттан билинэллэр
- 1774 — Cекунд-майор Степан Шатилов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1778 сыллаахха дылы сулууспалаабыт.
- 1782 — Монгольфье ини-биилэр Францияҕа бастакы салгын шаарын көтүппүттэр; дьоҕус, киһитэ суох салгын шаара икки килэмиэтир курдук устаны көппүт (1,2 миилэ). Бу арыйыы Жозеф Монгольфье уот үрдүгэр куурдулла ууруллубут сууйуллубут таҥас өрө көтөрүн бэлиэтии көрбүтүттэн саҕаламмыта. Нөҥүө сылыгар ини-биилэртэн аҕалара Этьен балаҕан ыйыгар хоруол көрөн турдаҕына Парижка салгын шаарынан хойу, куһу уонна бөтүүгү көтүппүтэ. Онтон алтынньы 15 күнүгэр Этьен Монгольфье бэйэтэ көппүтэ.
- 1812 — Баараҕай Аармыйа (фр. Grande Armée) тиһэх саллааттара Арассыыйаттан үүрүллүбүттэр.
- 1900 — Квант механикатын төрөөбүт күнэ: ньиэмэс учуонайа Макс Планк хара эттик сандаардыытын сокуонун туһунан дакылаат аахпыт.
- 1911 — Руаль Амундсен экспедицията аан маҥнайгыннан Соҕуруу полюска тиийбит.
- 1918 — Британия Холбоһуктаах хоруоллугар бырабыыталыстыба быыбара буолбут, дьадаҥылар уонна 30 сааһыттан аҕа дьахталлар аан бастаан куоластаабыттар (эр дьон 21 саастарыттан куоластыыр бырааптаахтара).
- 1939 — ССРС Финляндияҕа саба түспүтүн иһин Нациялар Лигаларыттан таһаарыллыбыт.
- 1960 — ЮНЕСКО Үөрэҕирии эйгэтигэр дискриминацияны утары охсуһуу туһунан конвенцияны ылыммыт.
- 1971 — Бангладеш босхолонор сэриитэ: Илин Пакистааҥҥа 200-тэн тахса үөрэхтээҕи ытан өлөрбүттэр.
- 1992 — Абхазия сэриитэ: Ткварчели сэлиэнньэттэн дьону тиэйэн иһэр бөртөлүөт суулларыллыбыт, 52 киһи өлбүт, ол иһигэр 25 оҕо өлбүт. Бу кэнниттэн сэриигэ Арассыыйа Абхахия өттүгэр кыттыыта күүһүрбүтэ.
- 1994 — Кытайга Янцзы өрүһүгэр аарыма улахан «Үс хапчаан» быһыты тутан саҕалаабыттар. «Үс хапчаан» аан дойду саамай ыарахан ыйааһыннаах тутуута буолар, массата 65,5 млн тонна кэриҥэ. Кини уу хаайар сирин толороору өрүс кытылыттан 1,3 млн киһи көһөрүллүбүт. Манна кыталык кыстыыр айылҕата уларыйан, ахсаана аҕыйаабыт.
- 1995 — Югославия сэриитэ: Парижка Дейтоннааҕы сөбүлэҥҥэ биир өттүттэн Югославия, иккис өттүттэн Хорватия, үһүс өттүттэн Босния уонна Герцеговина илии баттаабыттар.
- 2004 — Францияҕа биллиилээх кэрэ көстүүлээх күргэ, Мийо Виадуга, аһыллыбыт. Күргэ уһуна — 2 460 м, үрдүгэ — 341 м, 2016 сыллаахха диэри аан дойдуга саамай үрдүк этэ.
- 2017 — Walt Disney хампаанньа 21st Century Fox хампаанньаны 52,4 миллиард дуолларга атыыласпытын туһунан биллэрбит (ол иһигэр 20th Century Fox киинэ устуудьуйаны).
- 1503 — Нострадамус (Мишель де Нотрдам) — аатырбыт Франция бырааһа, алхимигэ, бэйиэтэ, астролога уонна билгэлээччитэ.
- 1546 — Тихо Браге — Дания астронома, астролога уонна алхимигэ.
- 1906 — Никита Григорьев (23.01.1989 өлб.) — филология билимин кандидата, кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сахалыы ааҕар кинигэлэр ааптардара.
- 1916 — Анна Васильева — өр сылларга Амма улууһун Бөтүҥ сельсоветын исполкомун бэрэстээтэлэ, обкомҥа уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр талыллан үлэлээбит, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Амма улууһун ытык киһитэ.
- 1938 — Иннокентий Пахомов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх реформатора, 1992-2004 сылларга СӨ Сир реформатын уонна сир ресурсаларын судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, сири олохтооһун туһунан элбэх кинигэ ааптара.