Сиһилии Сыллар, Уоннуу сыллар ...
Сап
1990 сыл.
Олунньу
- Олунньу 2 — ЮАР бэрэсидьиэнэ Фредерик де Клерк Африка национальнай кэҥгириэһэ бобуллуута уһуллубутун биллэрбит уонна Нельсон Манделаны хаайыыттан таһаартарыам диэбит.
- Олунньу 7 — ССКП Киин кэмитиэтэ Горбачев туруорсуутунан хомуньуус баартыйа ССРС-ка былааска монополиятын тохтоппут.
- Олунньу 11 — Соҕуруу Африкаҕа дьон бырааптарын туһугар турууласпыт актыбыыс Нельсон Мандела түрмэ хаайыытыттан 27 сыл буолан баран босхоломмут. Сотору кэминэн кини Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта.
- Олунньу 26 — Чехословакияттан сэбиэскэй сэриилэр тахсыылара саҕаламмыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 4 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин XII ыҥырыытыгар быыбар буолбут. Манна дьокутаатынан кимнээх талыллалларыттан сүрүн мөккүөр түмүгэ тутулуктааҕа: Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлэ ким буолуохтааҕа быһаарыллыбыта — обкуом бастакы сэкиритээрэ Юрий Прокопьев дуу, соторутааҕыта Үрдүкү сэбиэт бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ буолбут Михаил Николаев дуу. Быыбар түмүгэр элбэх саҥалыы көрүүлээх дьон дьокутаат буолбуттара, холобур, Дьокуускай биир уокуругар суруналыыс Уйбаан Уһуунускай, Аммаҕа суруйааччы Баһылай Харысхал, Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Андрей Борисов (хос быыбарга) уо.д.а. эдэр дьон. Бу саҥа дьокутаат куорпуһа муус устар 25 күнүгэр Михаил Николаевы Үрдүкү сэбиэт бэрэстээтэлинэн улахан утарылаһыыта суох талбыта[1].
- Кулун тутар 4 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
- Кулун тутар 9 — Берлиҥҥэ икки Германия холбоһоллорун туһунан кэпсэтии саҕаламмыт.
Муус устар
- Муус устар 24 — «Хаббл» телескоп «Дискавери» хараабылтан ыытыллыбыт.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 4 — Латвия Үрдүкү Сэбиэтэ Латвияны ССРС састаабыгар күүс өттүнэн киллэриини сыыһанан аахпыт уонна Латвия Өрөспүүбүлүкэтин тутулуга суох дойдунан биллэрбит.
- Ыам ыйын 4 — Латвийскай ССР өрөспүүбүлүкэ тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан декаларация ылыммыт, ССРС-тан тахсыбыт.
- Ыам ыйын 8 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт, онон Эстония ССРС-тан тахсыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ сүбүрүнүтүөтү өссө 1988 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр биллэрбитэ, ол эрээри Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбакка олорбута.
- Ыам ыйын 9 — Бүлүү Дьөккөнүтүттэн төрүттээх учуутал Николай Кондаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Бу наҕараада кинини өлбүтүн кэннэ булбута. Дьиҥэр, сэрии кэмигэр артиллерия эдэр лейтенаана взводу хамаандалаан Одер өрүһү туораабытын, плацдарм ылбытын, өстөөх алта пулеметун суох гыммытын иһин өссө ол саҕана дьоруойга түһэриллибитэ.
- Ыам ыйын 16 — РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһэ саҕаламмыт (бэс ыйын 22 күнүгэр диэри буолбута). Бу сийиэскэ Арассыыйа сүбэрэнитиэтин туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ, ырытыллыбыта, уонна бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыта. Маны ССРС-тан тахса илик атын өрөспүүбүлүкэлэр бэлиитиктэрэ кыраҕытык кэтээн көрбүттэрэ.
- Ыам ыйын 22 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ үс киһиэхэ туттарыллыбыт: суруйааччы Рафаэль Баҕатаайыскайга, композитор Валерий Кацка, бэйиэт Михаил Тимофеевка.
- Ыам ыйын 22 — Microsoft хампаанньа Windows 3.0 программаны таһаарбыт.
- Ыам ыйын 25 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Рыжков "салайыллар ырыынак экономикатыгар" көһөр бырагырааманы билиһиннэрбит.
- Ыам ыйын 26 — Грузинскай ССР Прибалтика үс өрөспүүбүлүкэтин кэнниттэн төрдүһүнэн сүбэрэнитиэти биллэрбит.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 1 — Джордж Буш уонна Михаил Горбачев химическэй сэрии сэбин оҥорууну тохтотор туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
- Бэс ыйын 8 — Арассыыйа түмэнэ (парламена) Арассыыйа сокуоннара ССРС сокуоннарыттан үрдүктэрин туһунан сокуон ылыммыт.
- Бэс ыйын 12 — РСФСР норуодунай дьокутааттарын I сийиэһигэр Арассыыйа тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ылыныллыбыт.
- Бэс ыйын 20 — Узбекскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
- Бэс ыйын 23 — Молдавскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
От ыйа
- От ыйын 16 — Украинскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
- От ыйын 18 — Саха ССР судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин туһунан Декларация бырайыага бэчээккэ дьүүлгэ тахсыбыт.
- От ыйын 20 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ Михаил Николаев ССРС бэрэсидьиэнигэр Михаил Горбачевка приемҥа сылдьыбыт. Бу кэнниттэн Горбачев сорудаҕынан Михаил Николаев ССРС совминын бэрэстээтэлэ Николай Рыжковтуун, ССРС Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Анатолий Лукьяновтыын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Национальностар сэбиэттэрин бэрэстээтэллэрэ Рафик Нишановтыын көрсүтэлээбит. Ол эрээри, бу көрсүһүүлэр сүнньүнэн улахан түмүгү биэрбэтэхтэр, онон Борис Ельцинныын ситимнэһэр туһунан быһаарыы ылыллыбыт[1]
- От ыйын 27 — Белрусскай ССР сүбэрэнитиэти биллэрбит.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 6 — РСФСР Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Борис Ельцин Татарскай АССР-га тыл этэригэр: "Сүбэрэнитиэти төһөнү ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн аатырбыт тылларын эппит. Бу этии тэлэбиидэнньэнэн эмиэ этиллибит, онтон Башкирскай АССР-га сылдьан эмиэ: "Былаастан төһөнү сатаан ыйстаргытынан ылыҥ" диэн бигэргэппит. Билигин бу этиитин иһин Ельцины буруйдууллар, ол эрээри, сорох устуоруктар санааларынан, бу этии Арассыыйа Федерациятын чөл хаалларбыта, өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, арахсан барыыларын тохтоппута. Бу кэнниттэн урукку АССР-дар утуу-субуу сүбэрэнитиэт биллэрбиттэрэ эрээри федерацияттан тахсыбатахтара.
- Атырдьах ыйын 9 — Карельскай АССР Арассыыйа Федерациятын өрөспүүбүлүкэлэриттэн бастакыннан сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри Арассыыйаттан арахсарын туһунан эппэтэҕэ.
- Атырдьах ыйын 19 — Нүөрүҥгүрү куораттан Дьокуускайга көтөн иһэр 85 пассажирдаах ТУ-154 сөмүөлүөтү 15 хаайыылаах былдьаабыт, Красноярскайынан Ташкеҥҥа тиийбиттэр. Онно 45 пассажиры босхолообуттар, 4 хаайыылаах бэриммиттэр. Уоннааҕылара Пакистааҥҥа Карачи куоракка көппүттэр, онно хаайыылаахтары барыларын тутан хаайбыттар, сууттаан баран өлөрүүгэ уурбуттар. Икки террорист бэйэлэригэр тиийинэн өлбүттэр, биир итииттэн сылтаан хаайыыга өлбүт. 1991 сыллаахха атыттарын өлүөхтэригэр дылы хаайыыга сытарга диэн бириигэбэрдэрин уларыппыттар.
- Атырдьах ыйын 22 — Туркменскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 23 — Армянскай ССР ССРС-тан тахсарын туһунан биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 24 — Армянскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 24 — Таджикскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит.
- Атырдьах ыйын 31 — Татарскай АССР РСФСР өрөспүүбүлүкэлэриттэн иккиһинэн (бастакы Карельскай АССР этэ) сүбэрэнитиэт биллэрбитэ, ол эрээри федерацияттан тахсарын туһунан эппэтэҕэ.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 4 — Михаил Николаев Борис Ельцинныын аан бастаан сирэй көрсөн кэпсэппит. Бу көрсүһүү улахан суолталаах буолбута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтэ Арассыыйаны мөлтөппөтө этиллибитэ. Борис Ельцин ылыныллыахтаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүбэрэнитиэтин туһунан декларацияны утарыа суох уонна ытыктыах буолан эрэннэрбитэ[1].
- Балаҕан ыйын 27 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суверенитетын Декларацията ылыныллыбыт.
Алтынньы
В 1990 году, с 9 по 14 октября в Барнауле проходил фестиваль, на который были приглашены две якутские группы По итогам выступлений был признан супер-группой фестиваля.
Сэтинньи
- Сэтинньи 12 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
- Сэтинньи 12 — Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
- Сэтинньи 14 — Арҕаа Германия бэйэтин конституциятыгар уларытыы киллэрэн Польшаны кытары Одер — Нейсе өрүстэринэн ааһар кыраныыссаны билиммит. Бу кыраныысса Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн олохтоммута. Кыайыылаах кыттыгастыы дойдулар Германия илиҥҥи өттүттэн элбэх сири былдьаан Польшаҕа биэрбиттэрэ уонна онно олорбут ньиэмэстэри арҕаа үүрбүттэрэ. Арҕаа Германия Одер — Нейсе лиинийэтин өр билиммэтэҕэ, оннооҕор урукку сирдэрин күүс өттүнэн төннөрүөх буолара. Ол эрэн Илин уонна Арҕаа Германиялар холбоһоллоругар тас дойдулар көҥүл биэрэллэрин мэктиэтигэр ити кыраныыссаны билиммитэ.
- Сэтинньи 19 — Парижка Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт.
- Сэтинньи 24 — Сүбэрэнитиэт биллэриллибин кэннэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ саҥалыы сайдыахтаах оҥкулун оҥорбуттар. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ совминын бэрэстээтэлэ Владислав Шамшин уонна быраабыыталыстыба атын чилиэннэрэ бааллара.
- Сэтинньи 28 — Британия премьер-миниистирэ Маргарет Тэтчер Консерватордар партияларын салайан бүппүт, онон премьер дуоһунаһыттан уурайбыт. Икки дуоһунаһыгар иккиэннэригэр кинини Джон Мейджор солбуйбут.
Ахсынньы
- Ахсынньы 9 — Лех Валенса быыбарга кыайан Польша аан бастакы быһа куоластааһынынан талыллыбыт бэрэсидьиэнэ буолбут.
- Ахсынньы 11 — Албания үрдүнэн устудьуоннар уонна оробуочайдар уулуссаҕа тахсыбыттар, тиһэҕэр бу Албанияҕа хомуньуус былааһа сууллуутугар тиэрдибитэ.
- Ахсынньы 15 — Киргизскай ССР сүбэрэнитиэт биллэрбит. Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ Кыргыстаан судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылбыт.
- Ахсынньы 26 — РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
- Ахсынньы 27 — Борис Ельцин Саха сиригэр көтөн кэлбит, бу иннинэ совмин 603№ уурааҕар суһаллык илии баттаттарбыт уонна ол уураах тиэксин аҕалбыт. Ол күн киэһэ Михаил Николаевтыын биир бииргэ олорон кэпсэппиттэр, Сойуус былааһын кытта сатаспатын, баҕар сэбилэниилээх утары турсуу буолуон сөбүн кэпсээбит (аҕыйах ыйынан, кырдьык, путч буолбута)[3]. Аҕыйах хонук иһигэр Мэҥэ Хаҥаласка, Анаабырга, Мииринэйгэ сырытыннарбыттар, өрөспүүбүлүкэ хайдах олорорун дьиҥнээхтик, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах ыраахтарын көрдөрбүттэр.
- Ахсынньы 27 — Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
- Ахсынньы 29 — Борис Ельцин Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин бэһис сиэссийэтигэр сылдьыбыт, Саха ССР сүбэрэнитиэтин билинэрин туһунан официальнайдык эппит.