Тохсунньу 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 12-с күнэ. Сыл бүтүө 353 күн (ордук хонуктаах сылга 354 күн) баар.
- Арассыыйа Арассыыйа — Прокуратура үлэһитин күнэ
- Алжир Алжир — Йеннайер (бербердэр халандаардарынан Саҥа дьыл). Алжирга эрэ 12 чыыһылаҕа бэлиэтэнэр судаарыстыба бырааһынньыга. Берберэр олорор атын дойдуларыгар Юлиан халандаарын кытта сөп түбэһэр
- Ииндийэ Ииндийэ — Ыччат күнэ
- Танзания Танзания — Занзибар өрөбөлүүссүйэтин күнэ (1964)
- Түркменистаан Түркменистаан — Кэриэстэбил күнэ (1881 сыллааҕы Гёк-Тепе (Күөх Төбө) кыргыһыытыгар охтубуттарга анаан).
- Б.э.и. 49 сыл — Юлий Цезарь баһылыктаах 13-с легион Рубикон өрүһү туораабыт. Урукку доҕордуулар Цезарь уонна Помпей ыккардыларыгар сэрии буолара саарбаҕа суох буолбут.
- 475 — Византия ыраахтааҕыта Зенон Константинопольтан күрээбит, былааһы кини генерала Василиск ылбыт.
- 1570 — Иоанн IV ыраахтааҕы (Уордаах Уйбаан) сэриилэрэ Новгород куоракка киирбиттэр, тыһыынчанан киһини, ол иһигэр оҕолору-дьахталлары, сордоон-муҥнаан өлөртөөбүттэр (сорох сыанабылынан 30 тыһыынча олохтоохтон аҥаарын, 15 тыһыынча киһини). Төрүөтэ — Московияттан арахсан Польшаҕа холбоһоору гыммыттар диэн сымыйа үҥсүү. Бу кэнниттэн куоракка ыарыы турбута, сут буолбута.
- 1918 (эргэ истиилинэн ахсынньы 30-гар) — Дьокуускай куоратын кулубатынан эсер Панкратьев В.А. талыллыбыт. Кини иннинэ кулубалаабыт эсер Эверстов И.Н. Сибиир уобаластааҕы дууматыгар дэлэгээтинэн барбыт.
- 1927 — Ташкент куоратыгар Саҥа Түүр Алпаабытын Бүтүн Сойуустааҕы Киин кэмитиэтин (ВЦК НТА) Пленума түмүктэммит. Бу мунньахха Саха сирин аатыттан ВЦИК чилиэнэ Василий Леонтьев кыттыбыт.
- 1930 — Дьокуускайга лесопилка тутуллубут.
- 1943 — «Искра» диэн ааттаах байыаннай эпэрээһийэ саҕаламмыт, ол түмүгэр Ленинград блокадата көҥү көтүллүбүтэ.
- 1945 — Сэбиэскэй Сойуус аармыйата Германияны утары улахан кимэн киирини саҕалаабыт.
- 1965 — 1963 сыллааҕы Саха АССР оройуоннарын административнай реформата көтүрүллүбүт. Тыа сирин уонна промышленнай оройуоннар "көннөрү" оройуоннар буолбуттар уонна бытарытыллыбыттар: Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Сунтаар, Уус-Алдан уонна Чурапчы оройуоннара сөргүтүллүбүттэр. Заречнай уонна Орто Өлүөнэ оройуоннара суох буолбуттар. Бу күн Мирнэй оройуонун тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
- 1967 — Америкаҕа Джеймс Бедфорд диэн уйулҕа үөрэҕин профессора аан дойду устуоруйатыгар бастакынан крионизацияламмыт, ол эбэтэр баҕар кэнэҕэһин тилиннэрэр ньыма көстүө диэн тоҥоруллубут.
- 1990 — Румыния урукку социалистыы лааҕыр дойдуларыттан бастакыннан хомуньуус баартыйатын боппут.
- 1998 — Европа 19 дойдута киһини клоннааһыны боборго сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- 2010 — Гаитига улахан сир хамсааһына буолбут. Түмүгэр 220 000-тан 300 000-ҕа дылы киһи өлбүт, Гаити киин куоратын Порт-о-Пренс үксэ урусхалламмыт.
- 1876 — Джек Лондон (1916 өлб.), суруйааччы («Белый Клык», «Зов предков», «Морской волк», «Смок Беллью» уо.д.а.).
- 1934 — Николай Иванов — 1959-1990 сылларга тохтобула суох Амма улууһун оскуолаларыгар дириэктэрдээбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.
- 1943 — Эдуард Васильев — саха живописеһа, РСФСР судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1941 — Василий Кейметинов — Баргачан — эбээн бэйиэтэ, суруйааччыта, филология билимин хандьыдаата.
- 1952 — Лазарь Афанасьев - Тэрис — "Айыы Үөрэҕин" түһэ, филология билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- 1964 — Джефф Безос — Эмиэрикэ урбаанньыта, Amazon.com интэрниэт-маҕаһыын төрүттээччитэ уонна тойоно, Blue Origin аэрокосмическай компания төрүтээччитэ уонна бас билээччитэ, уонна бэчээттиир дьиэ The Washington Post бас билээччитэ. 2017-2021 сылларга аан дойду саамай баай киһитэ.
- 1976 — Агата Кристи (1890 төр.), суруйааччы, аан дойдуга биллибит детективтэри суруйбута.