От ыйын 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 194-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 195-c күнэ). Сыл бүтүө 171 күн баар.
- Айыы итэҕэлигэр Дьылҕа үрүҥ суруга суруллар күнэ
- АХШ АХШ, Теннеси штаат — Натан Форрест күнэ
- Венгрия Венгрия — "Оҕус хаанын" бэстибээлэ[1]
- Казахстаан Казахстаан — Дойду куттала суох буолуутун уорганнарын үлэһиттэрин күнэ
- Монголия Монголия — Үс күннээх Наадам (Оонньуу) бүтэһик күнэ. Күрэхтэһиигэ үс үгэс буолбут көрүҥ киирэр: тустуу, ат сүүрдүүтэ уонна оҕунан ытыы. Дьахталлар ат сүүрдүүтүгэр уонна оҕунан ытыыга күрэхтэһэллэр
- Пакистаан Пакистаан — Кашмир толук буолбут дьонун күнэ
- Черногория Черногория — Судаарыстыбаннас күнэ. 1941 сыллаахха буолбут өрө турууга сыһыаннаах.
- Япония Япония — Обон (дьоп. お盆?) эбэтэр Бон (дьоп. 盆?), өлбүттэри ахтан ааһар күн (от ыйын 16 диэри). Буддистар бу үс күн тухары өлбүттэр дьиэлэригэр таарыйан ааһаллар диэн итэҕэйэллэр. Бон одори диэн үҥкүү сиэрэ-туома толоруллар.
- Б.э.и. 587 сыл — төгүрүктээһин кэнниттэн Иерусалимы Вавилон сэриилэрэ ылбыттар уонна Соломуон хыраамын урусхаллаабыттар.
- 1260 — Ливон уордьана XIII үйэҕэ саамай бөдөҥ хотторуута буолбут — Дурба аттынааҕы кыргыһыыга Литва Улуу княжествотын сэжриилэрэ үлтүрүппүттэр.
- 1728 — Витус Беринг Камчаатка кытылыттан хоту устан кэлин Бастакы Камчаатка эспэдииссийэтэ диэн ааттаммыт айанын сүрүн устуутун саҕалаабыт. Бу айан кэмигэр Азияны уонна Американы араарар байҕал силбэһиитинэн устан Чукотка байҕалыгар тиийбит, Америка кытылын көрбөтөх да буоллар, Азия Американы кытта холбоспотун быһаарбыт. Бу ситиһиитин кэлин улуу айанньыт Джеймс Кук сыаналаан, силбэһиини Беринг аатынан ааттаппыта.
- 1772 — Англия айанньыта Джеймс Кук устуоруйаҕа аан бастакы сири арҕааттан илин эргийэр айанын саҕалаабыт.
- 1793 — француз публициһа уонна өрөбөлүссүйэниэрэ Жан-Поль Марат сууна сырыттаҕына бэлиитик Шарлотта Корде өлөрбүт.
- 1857 — Лондоҥҥа Герцен «Колокол» сурунаал бастакы нүөмэрин таһаарбыт. Бу сурунаал Арассыыйаҕа бастакы оппозиционнай таһаарыыннан ааҕыллар.
- 1878 — Берлииннээҕи сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Балкааннар каарталара төрдүттэн уларыйбыт: Сербия, Черногория уонна Румыния Осмаан импиэрийэтиттэн букатын тутулуга суох буолбуттар.
- 1908 — Лондоҥҥа IV Олимпиада аһыллыбыт. Аан бастаан дьахталлар кыттыбыттар.
- 1930 — аан дойду футболга бастакы чөмпүйэнээтэ Уругвайга буолбут.
- 1938 — Говард Хьюз аан дойду рекордун олохтуур көтүүтүн кэмигэр Дьокуускайга түһэн ааспыт. Метеоролог кыргыттар тэлиэгэлээх атынан айанньыттары көрсө баран иһэр буоланнар, сөмүлүөт түһүөхтээх хонуутун үрдүнэн иккитэ эргийэргэ күһэллибит. Хьюз туһунан элбэх киинэ уһуллубута, онтон ордук биллэллэрэ Мартин Скорцезе устубут "Авиатора", онно Хьюз оруолун Ди Каприо толорбута.
- 1941 — Черногорияҕа дойдуну оккупациялаабыт итальянецтары утары өрө туруу саҕаламмыт. Үс нэдиэлэ иһигэр дойдуну барытын кэриэтэ хаппыт, ол эрээри өссө үс нэдиэлэннэн хам баттаммыт.
- 1944
- Аҕа дойду Улуу сэриитэ: 3-с Белоруссия фронун сэриилэрэ Вильнюс куораты нацистартан босхолообуттар.
- Аҕа дойду Улуу сэриитэ: 1-кы Украина фронун сэриилэрэ кимэн киириини саҕалаабыттар. Львов-Сандомир эпэрээһийэтэ саҕаламмыт.
- 1947 — Парижка мустубут Европа дойдуларын тас дьыалаҕа миниистирдэрэ Европа сөргүтүллэр былаанын ылыммыттар. Бу былааны АХШ госсэкиритээрэ Джордж Маршалл оҥорбута. Сэбиэскэй Сойуус сабыдыалыгар киирбит Илин Европа дойдулара уонна Финляндия бу Кэмпириэнсийэҕэ кыттартан батыммыттара.
- 1955 — ССРС-ка «Иностранная литература» сурунаал бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Сэрии иннинэ «Интернациональная литература» диэн сурунаал тахса сылдьыбыттаах эбит.
- 1973 — «Queen» бөлөх бастакы альбома тахсыбыт.
- 1985 — Аан дойду үрдүнэн (Лондоҥҥа, Филадельфияҕа, Москубаҕа, Сиднейга уо.д.а.) "Тыыннаах көмө" (Live Aid) диэн ааттаммыт аһымал рок-кэнсиэр буолбут. Бу урут буолбатах бөдөҥ аһымал аахсыйатын кэнниттэн (стадионнарга мустубут тыһыынчанан дьоҥҥо эбии аан дойду олохтоохторун 40% бу кэнсиэри быһа эпииргэ көрбүттэрэ) аһымал аахсыйалара атын таһымҥа, дойдулар ыккардыларынааҕы бэлиитикэ таһымыгар тахсыбыттара дииллэр, чинчийээччилэр.
- 1990 — Арассыыйа Федерациятын Киин баана олохтоммут.
- 1997 — Эбэлээх үрэх тардыытыгар "Анаабыр" бириискэҕэ (1999 сыллаахтан туспа ГОК статуһун ылбыта) алмааһы ылгыыр фабрика үлэҕэ киирбит. Бу АЛРОСА 13-с нүөмэрдээх фабриката аан дойдуга саамай хотугу буолар.
- 2009 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтигэр уларытыылар киирбиттэр.
- Б. э. инн. 100 сыл — Юлий Цезарь, Рим полководеһа уонна судаарыстыба дьайыксыта (б. э. инн. 44 с. өлб.)
- 1935 — Раиса Антонова төрөөбүт, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1940 — Елена Олбутцева төрөөбүт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист.