Түүр омуктар (атыннык түүр дьоно эбэтэр түүрдэр) диэн Эуразия хоту, киин уонна арҕаа өттүлэригэр олорор түүр тылларынан саҥарар уруулуу омуктар.
Түүр омуктар |
---|
Түүр тыллара ил статустаах дойдулара уонна аутоном регионнара. |
Ахсааннара |
165 мөлүйүөнтэн тахса Бу дойдулар түүрдэр төрүт сирдэрэ эбэтэр эмигрант быhыытынан бааллар: Узбекистан, Азербайдьан, Казахстан, Кыргызстан, Түркменистан, Хоту Кипр Түрк Республиката, Кытай (Синдьээҥ Уйгур Аутоном Региона), Монголия, Арассыыйа, Иран, Болгария, Молдова (Гагауз Республиката), Ирак, Сирия, Греция, Румыния, Арҕаа Эуропа (Германия, Франция, Холбоhуктаах Хоруоллук, Недерланд, Бельгия, Швеция), АХШ, Канада, Афганистан, Пакистан, Аустралия, Финляндия, Мадьаар Сирэ, Польша, Түркийэ, Беларусь уонна Украина. |
Олорор сирдэрэ |
Аччыгый Азия уонна Орто Илин, Хапхаас, Орто Азия, Илин Эуропа уонна Балканнар, Сибиир, Арҕаа Кытай, Арҕаа Монголия уонна иммигрант түмсүүлэрэ Аустралияҕа, Хоту Америка уонна Арҕаа Эуропа дойдуларыгар. |
Тыллара |
Түүр тыллара. |
Итэҕэллэрэ |
Тэҥриизм, Ислам, Христианизм, Буддизм, Иудаизм, Шаманизм, Атеизм, Агностицизм уонна Синкретизм. |
Омуктар
Түүр омуктар ахсааннарыгар киирсэллэр:
- Азербайдьаннар
- Алтайдар
- Балкардар
- Башкиирдар
- Дулгааннар
- Гагаузтар
- Ирак түркүмэннэрэ
- Йөрүктэр
- Карачайдар
- Карайдар
- Каракалпактар
- Карапапактар
- Казахтар
- Кумыктар
- Кырыымчактар
- Кыргызтар
- Кырыым татаардара
- Месхети түүрдэрэ
- Нагайбактар
- Ногайдар
- Кашкайдар
- Салардар
- Сахалар
- Сибиир татаардара
- Татаардар
- Тофалардар
- Түүрктэр
- Түркүмэннэр
- Тывалар
- Уйгурдар
- Узбектар
- Чуваштар
- Чулымнар
- Хакаастар
Онтон таhынан, былыргы, билигин суох хуннулар, кыпчактар, авардар, булгардар, хуннар уонна хазардар эмиэ түүр омуктар этилэр.
Олорор сирдэрэ
Түүр омуктар олус киэҥ сиргэ тарҕанан олороллор: Илин Эуропаттан уонна Сир ортотунааҕы байҕалтан Сибииргэ уонна арҕаа Кытайга дылы.
Ордук элбэх түүр дьоно олороллор Арҕаа уонна Орто Азияҕа, Арассыыйаҕа, Кытайга, хоту Иракка уонна хоту Ираҥҥа.
Билигин кэмҥэ алта тутулуга суох түүр илэ баар: Азербайдьан, Казахстан, Кыргызстан, Түркийэ, Түркменистан уонна Узбекистан. Ил суверенитеттаах түүр аутономиялара бааллар Арассыыйа Федерациятыгар (Башкортостан, Татарстан, Чувашия, Хакасия, Тыва, Саха Сирэ, Алтай Республиката, Кабардино-Балкария уонна Карачай-Черкесия), Кытайга (Синдьээҥ Уйгур Аутоном Региона), Молдоваҕа (Гагауз Сирэ) уонна Украинаҕа (Кырыым Аутоном Республиката). Түүр дьоно олорор регионнардаах дойдуларынан буолаллар Иран, Ирак, Грузия, Болгария, Македония, Греция, Тадьикистан, Афганистан уонна Монголия.
Арҕаа Эуропа уонна Америка дойдуларыгар, уонна Аустралияҕа түүрдэр иммигрант быhыытынан тиийэн олороллор.
Түүр аат
"Түүр" ("Түрк") аат аан бастаан алтыс үйэҕэ Күөх түүрдэр ааттарыгар сыhыаннаах ахтыллар. Кытай императора 585 c. Ишбара диэн Күөх түүрдэр хааннарыгар суруйбут суругугар, кинини "Улуу Түрк Хаан" диэн ааттыыр. Орхон бэлиэ суруктарыгар (735) "Түрк" уонна "Түрүк" диэн тыллар бааллар.
История
Тыл
Түүр тыллара алтай тылларын ыалыгар киирэр. Алтай тылларын ыалыгар 66 тыл киирэр, кинилэринэн 348 млн киhи саҥарар, сүрүннээн орто уонна хотугулуу илин Азияҕа.
Түүр тылларын үксүн географияларынан бөлөхтүүллэр: огуз (соҕуруулуу арҕаа), кыпчак (хотугулуу арҕаа), илин (уйгур тыла), хоту (алтай уонна саха тыллара) уонна туспа (чуваш тыла). Атын классификациялар элбэхтэр.
Түүр алпабыыттара үгүс түүр тылларыгар туттуллар бичиктэртэн (руналар) турар бэйэ бэйэлэриниин майгыннаhар этилэр. Түүр алпабыыттарынан суруллубут бэлиэ суруктар илин Монголияттан уонна Илин Түркистантан арҕаа Балканнарга дылы булуллаллар. Булуллубут бэлиэ суруктар үксүлэрэ VIII — X үйэлэрдээҕилэр. Түүр алпабыыттара түөрт бөлөххө арахсаллара, олортон Орхон бөлөҕө ордук биллиилээх.
Кэлин түүр тыллара араб, кирилл уонна латин алпабыыттарыгар көспүттэрэ.
Митология
Итэҕэл
Галерея
- Рукоку уонна Тойок манускриптара, ордук былыргы биллэр түүр алпабыыта.
- Күөх түүрдэр бичиктэрин копията, Анкара
- Орхон бичигинэн суруллубут бэлиэ сурук, Кызыл
- Алтан Орда Арассыыйаҕа кимэн киириитэ, 1382.
- Мехмет II Константиноплга киириитэ.
- Саттар Хан (1868-1914) диэн Иран Кадьар периодын бүтүүтүн сүрүн революционера.
- Мустафа Кемал Ататүрк саллааттарыныын, Чанаккале, 1915.
- "Gökçeada Öğretmen Okulu" (Гөкчеада арыы) сэбилэнилээх студеннара гректар арыыга саба түһүүлэригэр утарсарга бэлэм тураллар, 03.12.1967.
- Самед Бехренги (1939-1969) диэн Иран Азербайдьанын социалист суруйааччыта, оҕолорго анаан суруйбут кинигэлэринэн биллэр.
- Карачай кырдьаҕастара, XIX үйэ
- Эргийэр дервиштар, Түркийэ
- Кашкай каравана, Иран
- Кырыым татаар саллаата Поляк-Литва Доҕордоhуутун саллаатын кытта охсуhар
- II Байезид султаны Тимур бас бэриннэрэр, Анкара кыргыhыытын кэнниттэн
- Баабыр, Моҕол Империятын төрүттээччитэ.
Дьон
- Азербайдьан кыргыттара
- Карачай үҥкүүтэ (Арассыыйа)
- Узбек студеннара (Узбекистан)
- Түркүмэн кыыhа (Түркменистан)
- Кыргыз манасчыта (Кыргызстан)
- Азербайдьан музыканнара
- Минусинскай татаардара (Арассыыйа)
- Узбек кыыhа (Узбекистан)
- Долган
Түүр иллэрин былаахтара
- Карачай-Черкессия
- Хоту Кипр Түрк Республиката
Өссө маны көр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.