From Wikipedia, the free encyclopedia
Кири́ллица (кирииллиссэ) — хас да суолталаах тиэрмин:
Кирииллица аата бастакы славян алпаабыта глаголица ааптара Кириил аатынан ааттаммыт. Кирииллиссэни бэйэтин Кириил уонна Мефодий диэн миссионер манаахтар үөрэнээччилэрэ кэлин айбыттара. Урут Орто үйэлэргэ сыыппараны суруйарга эмиэ туһаныллара. Бастакы кирииллэссэнэн суруллубут суруктар IX уонна X үйэлэр кирбиилэригэр баар буолбуттара. Алпаабыт Болгарияҕа айыллыбыт буолуон сөп. Аан бастаан гириэк алпаабытын 24 буукубатыгар 19 гириэк тылыгар суох дорҕооҥҥо сөп түбэһэр буукубалары эппиттэр. X үйэттэн кирииллиссэни Руська туһанар буолбуттара.
Маннык славян тыллара кириллицаҕа олоҕурбут алпаабыттаахтар:
Арассыыйа суруктаах-бичиктээх омуктара бары кэриэтэ кириллицаҕа олоҕурбут алпаабыттаахтар. Бу сокуонунан мэктиэлэнэр.
Ону таһынан славян буолбатах омуктартан кириллица Монголияҕа уонна кэккэ урукку Сэбиэскэй Сойууска киирэр дойдуларга туттуллар.
Кирииллиссэни элбэхтэ уларыппыттара. Ордук улахан реформаны Иван Федоровтан саҕалаан печатниктар уонна судаарыста диэйэтэллэрэ, холобур, Бүөтүр I, оҥорбуттара. Реформа сүнньүнэн буукуба ахсаанын аҕыйатыыга уонна буукубаны судургутууга туһаайыллара. Ол эрээри, уустугурдуу да баара, холобур, Н.М. Карамзин XVIII үйэҕэ ё буукубаны е буукубаҕа умлауту (буукуба үрдүнээҕи икки туочуканы) эбэн оҥорбута.
Нуучча тылын аныгы алпаабытыгар 33 буукубалаах. 1918 с. алтынньы 10 күнүгэр тахсыбыт "Саҥа арпагыраапыйаны киллэрии туһунан" дэкириэтигэр саҥа алпаабыкка Арассыыйа 1918 сыл алтынньы 15 күнүттэн көспүтэ[2].
Казах тыла | А | Ә | Б | В | Г | Ғ | Д | Е | Ё | Ж | З | И | Й | К | Қ | Л | М | Н | Ң | О | Ө | П | Р | С | Т | У | Ұ | Ү | Ф | Х | Һ | Ц | Ч | Ш | Щ | Ъ | Ы | І | Ь | Э | Ю | Я | ||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Кыргыз тыла | А | Б | В | Г | Д | Е | Ё | Ж | З | И | Й | К | Л | М | Н | Ң | О | Ө | П | Р | С | Т | У | Ү | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Щ | Ъ | Ы | Ь | Э | Ю | Я | ||||||||||||||||
Молдавия | А | Б | В | Г | Д | Е | Ж | Ӂ | З | И | Й | К | Л | М | Н | О | П | Р | С | Т | У | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Ы | Ь | Э | Ю | Я | |||||||||||||||||||||
Монгол тыла | А | Б | В | Г | Д | Е | Ё | Ж | З | И | Й | К | Л | М | Н | О | Ө | П | Р | С | Т | У | Ү | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Щ | Ъ | Ы | Ь | Э | Ю | Я | |||||||||||||||||
Таджик тыла | А | Б | В | Г | Ғ | Д | Е | Ё | Ж | З | И | Й | Ӣ | К | Қ | Л | М | Н | О | П | Р | С | Т | У | Ӯ | Ф | Х | Ҳ | Ч | Ҷ | Ш | Ъ | Э | Ю | Я | |||||||||||||||||
Саха тыла | А | Б | В | Г | Ҕ | Дь | Д | E | Ё | Ж | З | И | Й | К | Л | М | Н | Ҥ | Нь | О | Ө | П | Р | С | Т | Һ | У | Ү | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Щ | Ъ | Ы | Ь | Э | Ю | Я | ||||||||||||
Русин тыла | А | Б | В | Г | Д | Е | Ё | Ж | З | И | Й | К | Л | М | Н | О | П | Р | С | Т | У | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Щ | Ъ | Ы | Ь | Э | Ю | Я | |||||||||||||||||||
Украин тыла | А | Б | В | Г | Ґ | Д | Е | Є | Ж | З | И | І | Ї | Й | К | Л | М | Н | О | П | Р | С | Т | У | Ф | Х | Ц | Ч | Ш | Щ | Ь | Ю | Я |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.