From Wikipedia, the free encyclopedia
Кырыым татаардара (кырыымтат qırımtatarlar, къырымтатарлар, бр. ахс. qırımtatar, къырымтатар) эбэтэр кырыымнар[1][2][3] (кырыымтат qırımlar, къырымлар, ед. ч. qırım, къырым) — былыр Кырыымҥа үөскээбит омук. Түүр тылларыгар киирэр кырыым татаардарын тылынан саҥараллар.
Үксүлэрэ суннит мусульмааннар.
Үксүлэрэ Кырыымҥа (260 тыһ.) уонна онтон чугас Украина сирдэригэр, Турцияҕа, Румынияҕа (24 тыһ.), Узбекистааҥҥа (90 тыһ.[4], араас этиинэн 10 тыһ. 150 тыһ. дылы), Арассыыйаҕа (4 тыһ., үксүлэрэ Краснодаар кыраайыгар), Болгарияҕа (3 тыһ.) олороллор. Кырыым татаардарын тэрилтэлэрэ ааҕалларынан Турцияҕа сүүһүнэн тыһыынча кырыым татаардара олороллор, ол эрэн чуолкайа биллибиэт, тоҕо диэтэххэ Турция олохтоохторун омугун бэчээккэ таһаарбат. Кырыымтан Турцияҕа көспүт дьон сыдьааннарын уопсай ахсаана билигин 5-6 мөл кэриҥэ, ол эрэн ол дьонтон сорохторо ассимиляциялананнар бэйэлэрин кырыым татаарынан буолбакка, кырыымтан кэлбит тууроктарынан ааҕыналлар[5].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.