Өбрүөпэ Сойууһа (ӨС) диэн 27 Өбрүөпэ иллэрин политика уонна экономика холбоhуктара. 1992 олунньутугар ылыллыбыт Маастрихт Үлэҕинэн тэриллибитэ (1993 сэтинньитигэр чахчылаах буолбута). 500 млн олорооччулардаах, ЭУ номинал брутто аан дойду оҥоhугун 30% (16.8 трлн $) таhаарар.
Motto: United in diversity | ||||
Anthem: Ode to Joy(orchestral) |
||||
Political centres | Брүссель Лүксембург Страсбур | |||
Ил тыллара | 23
|
|||
Кыттааччы иллэр | 27
|
|||
Government | Sui generis | |||
- | Хамыыһыйа | Жозе Мануэл Баррозу (ЭДьП) | ||
- | Парламент | Ханс-Герт Пөттериҥ (ЭДьП) | ||
- | Сүбэ | Испания | ||
- | Эуропа Сүбэтэ | Мирек Тополанек (ЭД) | ||
Устуоруйата | ||||
- | Париж Үлэҕэ | 1951 муус устар 18 | ||
- | Ром Үлэҕэ | 1957 кулун тутар 25 | ||
- | Маастрихт Үлэҕэ | 1992 олунньу 7 | ||
Иэнэ | ||||
- | Бүтүннүүтэ | 4,324,782 km² (n/a) 1,669,807 sq mi |
||
- | Water (%) | 3.08 | ||
Олохтоохторо | ||||
- | 2008 estimate | 499,021,851 (n/a) | ||
- | Чиҥэ | 114/km² (n/a) 289/sq mi |
||
GDP (PPP) | 2007 (IMF) estimate | |||
- | Total | $14.712 trillion (n/a) | ||
- | Per capita | $28,213 (n/a) | ||
GDP (nominal) | 2007 (IMF) estimate | |||
- | Total | $16.830 trillion (n/a) | ||
- | Per capita | $33,482 (n/a) | ||
Gini (2005) | 31 (EU25) (Low) | |||
HDI (2005) | 0.959-0.813 (High) (n/a) | |||
Валюта | ||||
Time zone | (UTC+0 to +2) | |||
- | Summer (DST) | (UTC+1 to +3) | ||
Internet TLD | .eu |
ЕС бары кыттааччы иллэрин сокуоннарын системаларын биир стандартаан соҕотох баhаар тэрийбитэ, кини Түөрт Көҥүлү мэктиэлиир. Кини бүтүн эргиэн, агрикултуура, балыктааhын уонна регионнааҕы сайдыы политикаларын өйүүр. Уон алта кыттааччы дойду эуро диэн бүтүн валютаны ылыммыттара. ЭУ сүүрбэ биир дойдута NATO кыттааччылара. ЭУ Шенген Сөбүлэhиитигэр кыттыылаах дойдуларын (ол ахсааныгар ЭУ'тыгар киирбэт дойдулар) икки ардыларыгар пааспор контролын эhиитигэр улахан оруолу оонньообута.
ЕС омуктар икки ардыларынааҕы дьаhалта уонна супранационализм булкаас систематынан үлэлиир. Сүрүн институттара уонна органнара: Эуропа Комиссията, Эуропа Парламена, Эуропа Холбоhугун Сүбэтэ, Эуропа Сүбэтэ, Эуропа Кырдьыктабыл Суута уонна Эуропа Киин Баана. ЭУ олорооччулара Парламены хас биэс сыл аайы талаллар.
Билиҥҥи ЭУ 1951 алта дойду тэрийбит Эуропа чох уонна ыстаал холбоhуттан уонна 1957 Ром Үлэҕиттэн төрүөттээх. Онтон ыла холбоhук саҥа дойдулар киниэхэ кыттыhаннар улааппыт уонна саҥа политика эйгэлэрэ уонна институттар эбиллибиттэр.
Историята
Кыттааччы иллэр
Эуропа Холбоhуга 27 тутулуга суох суверен дойдулартан турар:
- Аустрия
- Бельгия
- Болгария
- Дания
- Германия
- Греция
- Ирландия
- Испания
- Италия
- Кипр
- Латвия
- Литва
- Лүксембург
- Мадьаар Сирэ
- Мальта
- Недерланд
- Польша
- Португалия
- Румыния
- Словакия
- Чех Республиката
- Швеция
- Финляндия
- Франция
- Хорватия
- Эстония
Кыттааччы буолууга официаллык кандидат дойдулар Македония уонна Түркийэ, Албания, Босния уонна Херцеговина, Монтенегро, Сербия, Украина, Молдова, Грузия. Эуропа Комиссията Косованы кандидат буолар кыахтаах дойдулар тиhиктэригэр киллэрбитэ, ол гынан баран кыттааччы иллэртэн сорохторо кинини, Сербияттан туспа, тутулуга суох дойду быhыытынан билинэ иликтэр.
Быһаарыылар
Сигэлэр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.