From Wikipedia, the free encyclopedia
Экэниэмикэ диэн социал үөрэх. Табаар уонна сервис оҥоруутун, тарҕаныытын уонна туттуллуутун үөрэтэр. Экэниэмикэ диэн былыргы грек тыла: οἰκονομία (oikonomia, "дьиэ-уот салалтата"), οἶκος (oikos, "дьиэ") + νόμος (nomos, "үгэс" эбэтэр "быраап"). Билиҥҥи экэниэмикэ моделлара 19 үйэ бүтүүтүгэр быдан киэҥ бэлиитикэ экэниэмийэтин эйгэтиттэн сайдыбыттара.
Экэниэмикэ систиэмэлэрэ хайдах үлэлииллэрин уонна экэниэмикэ агеннара хайдах дьайсалларын быhаара сатыыр үөрэх. Экэниэмикэ анаалиhа дьон-сэргэ бары эйгэлэригэр туттуллар: биисинэс, үп-харчы, дьаhалта, кириминээл, үөрэҕирии, ыал, доруобуйа, быраап, политика, итэҕэл, социал үнүстүүттэр, сэрии уонна үөрэх.
Экэниэмикэ араас кээмэйдэрин икки ардыларыгар бүтүн уратылар бааллар, холобур: позитив экэниэмикэ ("тугун" быhаарар) икки норматив экэниэмикэ ("туох буолуохтаах" диир), экономика түөрүйэтэ икки туттуллар экэниэмикэ уо.д.а.
Экэниэмикэ икки сүрүн ураты салааларынан буолаллар микроэкономика ("кыра" экэниэмикэ, экэниэмикэ агеннарын майгыларын чинчийэр) уонна макроэкономика ("улахан" экэниэмикэ, бүтүн экэниэмикэ ыйытыылара: үлэтэ суох буолуу, инфляция, харчы уонна фискал политикалар).
Шумер ил куораттара шекель диэн табаар-харчы кээмэйигэр олохтонор эргиниини уонна баhаар экэниэмикэтин сайыннараллар эбит. Шекель нэчимиэн ыйааhынын тустаах кээмэйэ эбит. Бабилон юридическэй кодексынан бигэргэтиллибит эрдэтээҥҥи эккэниэмикэ систиэмэтин сайыннарбыт.
Меосопотамия, Грек, Ром, Индия, Кытай, Персия уонна Араб цивилизацияларыгар бэйэлэрин экэниэмикэ санаалара үөскээбиттэрэ. Биллиилээх былыргы экэниэмикэ өйдөөхтөрө Аристотель, Чанакья, Цин Ши Хуан, Акинотааҕы Томас уонна Ибн Халдун.
Классик экэниэмикэҕэ тутаах киhитинэн буолар Адам Смит. 1776 с. тахсыбыт Омуктар баайдара (The Wealth of Nations) диэн таһаарыытын "экэниэмикэ туспа дисциплина быhыытынан туhалаах төрөөһүнэ" диэбиттэрэ. Бу кинигэтигэр Смит сири, үлэһит күүhүн уонна капиталы омук баайын оҥоруутун үс фактора уонна сүрүн кылааттааччылара диэбитэ.
Смит көрүүтүнэн, бастыҥ экэниэмикэнэн буолар бэйэ салайыылаах баhаар систиэмэтэ, бу систиэмэ дьон экэниэмикэ кыһалҕаларын автоматынан толорон иhэр. Смит баhаар механизмын хас биирдии туспа киhи, кини бэйэтин тус туһатын ситиhээри, бүтүн дьоҥҥо-сэргэҕэ туhаны оҥороругар такыйар "көстүбэт илии" диэн курдук көрдөрөр.
Смит саҕалаабыт бүттүүн санаата бэлиитикэ экэниэмийэтэ уонна кэлин классик экэниэмикэ диэн ааттаныллыбыт. Бу санаа биллиилээх тутуhааччыларынан буолаллар Томас Малтус, Давид Рикардо уонна Дьон Стюарт Милл (1770 - 1870 сыллар).
Марксист экэниэмикэ классик экэниэмикэтиттэн төрүттээх. Карл Маркс үлэтиттэн тахсар. Маркс Das Kapital диэн сүрүн үлэтин бастакы тома 1867 тахсыбыта. Бу үлэтигэр Маркс болҕомтотун сыана үлэ түөрүйэтигэр уонна хайдах гынан капитал үлэни көлөһүннүүрүн быhаарарга уурбута. Бу сыана үлэ түөрүйэтин, мал сыаната кини оҥоруутугар киирбит үлэ күүһүнэн быhаарыллар.
Неоклассик экэниэмикэ 1870 - 1910 сс. быhыытын ылбыта. Неоклассик экэнэмистэр (холобур, Альфред Маршалл) "экэниэмикэ" диэн тиэрмины киэҥник тарҕаппыттара, "экэниэмикэ үөрэҕин" кылгас синонимын курдук. Кэлин "экэниэмикэ" тиэрмин урут киэҥник туттуллар "бэлиитикэ экэниэмийэтэ" диэн тиэрмины сыыйа солбуйбута. Бу экэниэмикэҕэ айылҕа үөрэхтэригэр туттуллар математика ньымаларын дьайыыларын бэлиэтэ буолар диэххэ син.
Неоклассик экэниэмикэ хааччыйыыны уонна ирдэбили баhаар тэҥнэһигэр сыана уонна ахсаан бииргэ холбоммут быhаарыларын курдук систиэмэлиир.
Микроэкэниэмикэҕэ, неоклассик экэниэмикэ көҕүлүүр күүстэри уонна хоромньулары быhаарыыны оҥорууга бүттүүн оруолу оонньууллар диир. Быhаччы холобур: түө бэйэ ирдэбилин атыылаhааччы түөрүйэтэ, кини сыаналар уонна барыс хайдах ирдэниллибит ахсааҥҥа дьайалларын көрдөрөр. Макроэкэниэмикэҕэ ити Кейнс макроэкэниэмикэтиниин эрдэтээҥҥи уонна уhун неоклассик синтезка көстөр.
Неоклассик экэниэмикэни утарааччылара да өйөөччүлэрэ да сороҕор ортодокс экэниэмикэ дииллэр. Аныгы баhаар экэниэмикэтэ сорох өттө неоклассик экэниэмикэҕэ олохтонор.
Кейнс экэниэмикэтэ (кейнсианизм) Дьон Мейнард Кейнс үлэтиттэн үөскээбитэ. Чуолаан эттэххэ Үлэ, интэриэс уонна харчы бүтүн теорията (1936) диэн кинигэтиттэн. Бу кинигэ аныгы макроэкэниэмикэни туспа эйгэ быhыытынан таhаарбыта.
Чикаготааҕы экэниэмикэ оскуолата көҥүл баhаары туруулаhыытынан уонна монетаризм санааларынан ордук биллиилээх. Милтон Фридман уонна монетаристар санааларынан, баhаар экэниэмикэтэ бэйэтэ бэйэтинэн буоллаҕына булгуччу бигэ туруктаах, онтон кэхтиилэр дьаhалта орооһуутуттан эрэ сылтаан буолаллар. Фридман этэринэн, холобур, Улуу кэхтии Federal Reserve System харчы хааччыйыытын аччаппытыттан сылтаан буолбут. Онуоха Кейнс этэринэн, Улуу кэхтии төрүөтүнэн инвестиция итэҕэhэ буолар.
Милтон Фридман Адам Смит уонна классик экономистар чопчулаан таhаарбыт сүрүн принциптарыттан элбэҕи туһалаахтык ылбыт уонна кинилэри сайыннарбыт.
Экэниэмикэ атын аан дойдутааҕы биллиилээх оскуолалара уонна хайысхалара: Аустрия оскуолата, Фрайбург оскуолата, Лозанна оскуолата, посткейнсианизм уонна Стокхолм оскуолата.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.