Уус-Алдан улууһа
From Wikipedia, the free encyclopedia
Уус-Алдан — Саха Сирин киин өттүгэр тайаан сытар улуус. Билиҥҥи көрүҥүнэн 1930 сыл тохсунньу 9 күнүгэр тэриллибитэ.
Уус-Алдан улууһа Усть-Алданский улус | |
Гиэрбэтэ | Былааҕа |
Дойду | Арассыыйа Арассыыйа |
Регион | Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ |
Улуус киинэ | Бороҕон |
Иһигэр киирэллэр | 21 олохтоох тэриллии |
Улуус баһылыга | Аммосов Василий Иванович |
Олохтоммут күнэ-дьыла | 1930, тохсунньу 9 |
Иэнэ | 18,3 тыһ. км² |
Климата | тосту-конт |
Олохтоох дьонун ахсаана • Чиҥэ • Омуктара • Конфессиялар | 23 тыһ. киһи 1,23 киһ./км² саха Айыы үөрэ5э |
Олохтоохторун аата | уус-алданнар |
Официальнай ситим-сир |
Киинэ — Бороҕон (7 тыһ. тахса киһи). Нэһилиэнньэлээх пууннара — 35, нэһилиэктэрэ — 22. Нэһилиэнньэтэ 2002 сыллаахха — 23 тыһ. тахса. Нэһилиэнньэ сир иэнигэр тиксиитэ — 1,23 киһ./км². Нэһилиэнньэ баһыйар үгүс өттө (2002 с.) — сахалар (98 %).
Улуус сирин-уотун иэнэ көнө хаптал сир. Улуус улахан өртө Саха киин хаптал сиринэн тайыыр. Тохсунньу орто температурата — -42 °C, от ыйыгар - +17…+18 °С. Сөҥүү түһүүтэ сылга 200–250 мм. Улууһу таарыйар улахан өрүстэр — Өлүөнэ, Алдан. Элбэх күөллэрдээх, олортон ордук улаханнара — Мүрү, Өнөр, Таргылдьыма.
Улууска бороҥ чох, тутуу матырыйаала буолар хостонор баай саппааһа булуллубута.
Уус-Алдан улууһа саха уустарын икки ордук бөдөҥ холбоһуктарыттан (Хаҥаластары тэҥэ) биирдэстэрэ — Бороҕон ууһун сирдэрин ылар. «Бороҕон» диэн ааты түүрдүү-моҥуоллуу уустар улуу иллэрин терүттээччи Чыҥыс Хаан тахсыбыт бордьигин ууһун аатыттан сэдиптииллэр. Уйбаан Белолюбскай уонна Майаҕатта Бэрт Хара төрөөбүт улуустара.