Арассыыйа
From Wikipedia, the free encyclopedia
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин эбэтэр Арассыыйа Федерацията (нууч. Российская Федерация) диэн Эуропа илин өттүгэр уонна Азия хоту өттүгэр сытар ил. Арассыыйа иэнинэн аан дойдуга ордук улахан ил (17 мөл 75 тыһ. 400 км² эбэтэр сир иэниттэн 11,46 % (1/9) ылар, иккис миэстэни ылар (Канада барыллаан икки төгүл кыра сири ылар).
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Российская Федерация |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Өрөгөй ырыата: Арассыыйа Бэдэрээссийэтин өрөгөйүн ырыата |
||||||
Киин куората (уонна саамай улахан куорат) | Москва 075 400) 55°45′N, 37°37′E | |||||
Ил тыла | Нуучча тыла уонна өссө 21 регионнооҕу тыллар, холобура Саха тыла | |||||
Олохтоохтор ааттара | Нууччалар, Сахалар у.д.а | |||||
Дьаhалтата | Федерал Өрөспүүбүлүкэтэ | |||||
- | Президент | Владимир Путин | ||||
- | Премьер миниистир | Михаил Мишустин | ||||
- | Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сүбэтин салайааччыта | Валентина Матвиенко (Единая Россия) | ||||
- | ГосДума салайааччыта | Вячеслав Володин (Единая Россия) | ||||
Остуоруйата (862)1 | Новгород тэриллиитэ | |||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 17 075 400 km² (1-я) 6 592 800 sq mi |
||||
- | Уу (%) | 13 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2008 estimate | 142 008 838 (9-е) | ||||
- | 2002 census | 145,166,731 | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 8,3/km² (209-й) 21,5/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $2 089 trillion (7-й) | ||||
- | Per capita | $14 704 (52nd) | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $1 289 trillion (11-й) | ||||
- | Per capita | $9 074 (54th) | ||||
Дьини (2005) | 40.5 | |||||
КСИ (2005) | ▲ 0.802 (high) (67th) | |||||
Валюта | Солкуобай (RUB ) |
|||||
Кэм зоната | (UTC+2 to +12) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | (UTC+3 to +13) | ||||
Ил домен | .ru (.su reserved), (.рф2 2009 с.) | |||||
Телефон кода | +7 | |||||
1 | Варягтары ыҥырыы күнэ-дьыла Арассыыйа судаарыстыбаннаһын саҕаланыытынан ааҕыллар; Арассыыйа билиҥҥи көрүҥэр бэдэрээссийэтин (РСФСР) быһыытынан 1917 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр олохтоммута. 1991 сыл ахсынньы 25 күнүттэн билиҥҥи аатын сүгэр. | |||||
2 | Кириллический, ожидается со второго квартала 2009 года.[1] |
Арассыыйа олохтоохторун ахсаана — 142 026,3 тыһ. киһи (2007 атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи Росстат дааннайынан [2] туох баар Сир нэһилиэнньэтиттэн 2,15 %), нэһилэнньэтин 4/5 Эуропа өттүгэр олорор. Киһи ахсаанынан аан дойдуга 8-с миэстэни ылар. Дьонун улахан аҥаара куораттарга олорор — 73,0 %. Арассыыйаҕа элбэх омук олорор: нууччалартан ураты (79,83 %) дойдуга 180-тан тахса атын омуктар олороллор. Арассыыйа ил тыла — нуучча тыла.
Арассыыйа 16 или кытта киирбиhэр, сиринэн: Норвегия, Финляндия, Эстония, Латвия, Литва, Польша, Бөлөрүүс, Украйиина, Грузия, Азербайдьан, Казахстан, Кытай, Монголия, Хоту Кэриэйэ, байҕалынан: Дьоппуон уонна АХШ.