Алдан (өрүс)
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Алдан өрүс диэн Өлүөнэ өрүс уҥа салаата, уһуна 2273 км, тэнийэн сытар иэнэ 729 тыһ. км², салаалартан уһуннара буолар уонна өрүс уутун 30% сүүрдүүтэ Алдаҥҥа тиксэр.
Алдан өрүс | |
---|---|
Төрдө | Становой хребет |
Ханна түһэрий | Өлүөнэ өрүс |
Тардыытын дойдута | Россия |
Уһуна | 2273 км |
Орто түһэрэр уута | 5060 м³/с (төрдүн аттыгар) |
Бассейнын иэнэ | 729 000 км² |
ГВР | 18030600112117300000011 |
Алдан өрүс Становой сис хайа хоту өртүттэн саҕатын ылар. Өрүс үөһэ өттүгэр элбэх таас боруоктаах, алын өттүгэр хас да үөскэ арахсар. Улахан салаалартан: уҥа - Төмтөөн, Учур, Маайа, Ааллаах Үүн; хаҥас - Амма, Нуотара, Тыры уонна Таатта. Өрүс 10 км уһун салааларын ахсаана 275. Тэнийэн сытар иэнигэр Алдан өрүс 114 тыһ. тахса уу сүүрүгүрэр салаалардаах уонна 51 тыһ. тахса күөллэрдээх.
Алдан өрүс сыллааҕы уутун ороскуота 5060 м³/сек. Халаан уута ыам ыйтан от ыйыгар дылы бэлиэтэнэр, уу таһыма 7 - 10 м. дылы үрдүүр, ороскуота - 30—48 тыһ. м³/сек. Муус туруута алтынньы ыйтан ыам ыйыгар дылы.
Алдан өрүскэ хатыыс балык элбэхтик тарҕаммыт. Борокуоттар Томмот куоракка дылы сылдьаллар, борокуот сүрүн тиксэр сирэ: Томмот, Уус-Майа, Хаандыга. Алдан өрүс кытылыгар кыһыл көмүс, таас чох, сүлүүдэ, уран сытар сирдэрэ биллэр.
Алдан өрүс салааларыгар ГЭС каскада тутуллуохтаах.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.