![cover image](https://wikiwandv2-19431.kxcdn.com/_next/image?url=https://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/c/c5/Foods.jpg/640px-Foods.jpg&w=640&q=50)
Ас
From Wikipedia, the free encyclopedia
Ас диэн киhиэхэ уонна да атын хамсыыр харамайдарга аһылык буолар туох эмэ. Ол аата баһыйар аҥаардара карбогидраттартан, сыалартан, ууттан уонна протеиннартан турар бородуукталар, эттиктэр. Үөскүүр айылҕаларынан ас буолуохтарын сөп үүнээйилэр, хамсыыр харамайдар, тэллэйдэр уонна кинилэр оҥорон таһаарбыт оҥоhуулара (холобур, үүт), өссө туһунан араарыахха сөп ферменнаммыт, ол аата микробтар уларыппыт бородуукталарын (холобур, арыгы). Былыр дьон бултаан уонна сир астаан ас булаллара. Билигин аан дойдуга ас улахан өттүн анаан үүннэрэн, иитэн уонна балыктаан ылаллар.
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/c/c5/Foods.jpg/640px-Foods.jpg)
Аһы-үөлү, эбэтэр бэйэтэ чэпчэки аһы аһыыр аһылык. Ону тэҥэ сууламмыт эбэтэр түһэрбит диэн ааттыыллар[1].
Хас биирдии омук бэйэтэ туспа ас астыыр үгэстэрдээх. Араас култуураларга аhы араастаан астыыллар уонна бэлэмнииллэр.