Балык (лат. Pisces) диэн уу тоноҕостоох харамайа. Балык тымныы хааннаах, икки иккилии уонна хас да иккилии буолбатах лапчааннаах. Сир бары уу түөлбэтигэр баар.
Балык | ||||
---|---|---|---|---|
A giant grouper at the Georgia Aquarium, seen swimming among schools of other fish
The ornate lionfish as seen from a head on view | ||||
Биология классификацията | ||||
| ||||
Included groups | ||||
| ||||
Excluded groups | ||||
Tetrapods | ||||
Балык дьон олус улахан суолталаах аhылыга буолар. Балыктаан туталлар эбэтэр балык фермаларыгар иитэллэр. Балык ойуута былыр былыргыттан аан дойду сорох омуктарын култуураларыгар уонна итэҕэллэригэр баар.
Балык этэ мүлтүгүр быһыылаах — ол ууга түргэнник устарыгар көмөлөһөр. Кини төбөтө сыыйа көҥдөй көҕүс буолан барар. Оттон көҥдөй көхсө кутурукка кубулуйар. Көҥдөй көхсүн итиэннэ кутуругун уҥа-хаҥас куймаҥнатан, иннин диэки сыҕарыйар. Онуоха лапчааннара көмөлөһөллөр. Этэ-сиинэ уҥуох хатырыктарынан бүрүллүбүт.
Балыктар уу куйаарын араас миэстэтигэр олохсуйаллар: байҕалларга уонна тууһа суох ууларга (үрэхтэр, күөллэр, өрүстэр), уу үрүт өттүгэр уонна дириҥэр, сылааска уонна тымныыга. Балык уопсайа 20 тыһыынча кэриҥэ көрүҥэ баара биллэр. Саха Сиригэр балык 42 көрүҥэ үөскүүр. Биһиги дойдубут үгүс балыга олус минньигэс эттээх, эмис, аан дойдуга үөскүүр күндү балык ахсааннарыгар киирэр. Олортон хатыыс (осетр), тууччах (нельма), уомул (омуль), муҥур (чир), муксуун (муксун) курдук күндү балыктары ааттыахха сөп. Маны таһынан майаҕас (сиг), быраҥаатта (пелядь), күндүөбэй (ряпушка) диэн балыктар киэҥник биллэллэр.
Былыр саха сүрүн аһылыгынан күөл балыктара собо уонна мунду буолаллара.
- Баҕа балык (подкаменщик сибирский). Кыра кээмэйдээх, устата 12 см. Бу балык улахан төбөлөөх, суптугур кылгас эттээх, хатырыга суох, түөһүгэр улахан, сарбайбыт лапчааннардаах. Онтунан уу түгэҕиттэн тутуһар, хаамар уонна былыыкка көмүллэр. Баҕа балык таас быыһыгар сытан, уу былыыгын дэлби көбүтэр. Онто көхсүн үрдүгэр сөҥөн былыыгынан бүрүллэр уонна дьэ булдун кэтэһэн өр хамсаабакка сытар. Үрдүнэн кыра балык үөрэ устан аастаҕына, баҕа балык эмискэ ыстанан, биир балыгы тутан ылан ыйыстан кэбиһэр уонна эмиэ саһан сытар.
- Бил (балык)Бил (таймень). Тымныы сүүрүктээх үрэхтэргэ уонна өрүстэргэ үөскүүр. Ыйааһына 60 кг буолар.
- Хатыыс (осетр). Дойдубут тымныы, тыйыс климаттаах буолан бытааннык улаатар. 15—17 сааһыгар устата 60— 70 см буолар. Сороҕор 40 киилэҕэ тиийэ ыйааһыннаах хатыыһы туталлар.
- Кит акулата — ордук бөдөҥ балык. Кини уһуна 20 м. Ол гынан баран тиистэрэ олус кыралар.
- Үрүҥ акула — ордук кутталлаах, сиэмэх балык. Кынчаал көрүҥнээх сытыы тиистэрэ хас да эрээтинэн үүнэллэр.
Биһиги тууһа суох ууларбытыгар үөскүүр бөдөҥ сиэмэҕинэн сом буолар. Кини 1—2 м уһуннаах. Сыҥаахтарыгар элбэх, сүрдээх сытыы кыра тиистэрдээх. Дьабадьыларын диэкинэн бытыктаах. Сому «тууһа суох уулар акулалара» диэн ааттыыллар: кини бэл киһиэхэ саба түһэр.
- Балык уу түгэҕэр тимирдэҕинэ, сотору ардах кэлэр.
- Сордоҥ өрүс кытылыгар тахсыбатах буоллаҕына, уһун ардах, тыал-куус кэлэр.
- Балык күөгүгэ хаппат буоллаҕына, сотору кэминэн ардах кэлэр.
Өссө маны көр
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.