From Wikipedia, the free encyclopedia
Аһылык диэн киһи сииригэр анаан бэлэмнэммит айылҕаҕа үөскүүр уонна үүнэр эттиктэр ааттаналлар.
Киһи Айылҕаттан биир сүрүн тутулугунан аһыыр аһылыга буолар. Kиһи этэ-сиинэ Айылҕаҕа үүммүт эбэтэр үөскээбит аһылыгы эрэ бэйэтин туһугар туһанарга аналлаах. Аһаабакка эрэ киһи олус өр сылдьыбат.
Сир үрдүгэр аһылык саппааһа төһө элбэҕиттэн дьон-аймах ахсааннара олус улаханнык тутулуктанар. Урукку, дьахталлар бэйэлэрин харыстаммат кэмнэригэр ас-үөл эбиллэн биэрдэҕинэ дьон-аймах ахсааннара түргэнник эбиллэр этэ. Сахалар уруккута, аҥардастыы бултаан уонна ынах, сылгы ииттэн олорор эрдэхтэринэ ахсааннара 30 тыһыынчаттан ордубат эбит. Кэлин нууччалар кэлэннэр бурдугу үүннэрии саҕаланыаҕыттан, аһыыр аһылык саҥа көрүҥнэрэ арыллыахтарыттан ыла саха дьонун ахсааннара биллэрдик эбиллибитэ бэлиэтэнэр.
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, аһы-үөлү дэлэтии олус элбэх ыарахаттардаах. Айылҕабыт олус тымныы уһун кыһына, сайын ортото хаһыҥнар түһэллэрэ, сылаас, үүнээйи үүнэр кэмэ кылгаһа, сирбит-уоппут, почвабыт мөлтөҕө үүнээйилэр үүнэллэригэр үгүс уустуктары оҥороллор.
Амарах санаалаах сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун үксүлэрин аҥардастыы соҕурууттан таһан аҕалыллар кэлии аска көһөрбүттэрэ. Ханна эрэ Украинаҕа үүннэриллибит бурдугунан, Орто Азия фрукталарынан, Новосибирскай хортуоппуйунан хааччыйа сатаабыттара. Сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун үйэлэрэ кылгааһына аһыыр аһылык тосту уларыйыытыттан быһаччы тутулуктааҕа билигин дакаастана сылдьар.
Киһи олоҕор иһэр уута уонна аһыыр аһылыга сүрүн оруолу ылаллар. Тыыннаах буолуу, улаатыы, араас үлэни-хамнаһы оҥоруу киһиттэн элбэх эньиэргийэтэ ороскуоттанарын таһаарар. Ити ороскуоттары барыларын киһи аһыыр аһылыгынан толорон биэрэн иһэрэ ирдэниллэр.
Киһи олоун ханнык кэмнэригэр төһө эньиэргийэни, аһылыгы ороскуоттууруттан көрөн үс тус-туспа кэмнэргэ араарыахха сөп:
1. Оҕо улаатар, этэ-сиинэ эбиллэр кэмэ.
2. Киһи күүскэ үлэлиир-хамсыыр, элбэх эньиэргийэни ороскуоттуур кэмэ.
3. Кырдьан барыы, эньиэргийэ ороскуота лаппа аҕыйаан иһэр кэмэ.
Оҕо улаатан иһэр кэмин ханнык да эбии быһаарыыта суох, элбэх битэмииннээх, иҥэмтэлээх аһылыкка наадыйар кэмэ диэн ааҕаллар. Бу кэмҥэ оҕону сөптөөх аһылыгынан хааччыйыы оҕо этэ-сиинэ ситэри сайдан, улаатан, доруобуйата бөҕөргүүрүгэр туһалыыр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин эмиийин эмэрин тэҥэ туох аһылыгы аһаан-сиэн улааппыта этигэр-сиинигэр, өйүгэр-санаатыгар барытыгар дьайар.
Сэрии кэнниттэн төрөөбүт элбэх оҕолоох ыаллар уолаттара саастарынан кэккэлэһэн турдахтарына, кыра бырааттара уҥуоҕунан барыларыттан улаатан, үрдээн турара дьон аһыыр аһылыктара кэлин кэмҥэ сыыйа көнөн испиттэрин быһаччы туоһулуур көстүүгэ киирсэр.
Илиинэн үлэ элбэх эньиэргийэни, күүһү-күдэҕи эрэйэр. Тото-хана, иҥэмтэлээх аһылыгы аһаан биэрдэҕинэ эрэ киһи күүстээх үлэни үлэлиир кыахтанар. Дьахталлар эр киһилэрин хатаҕалаан аһата-сиэтэ сатыыллар. Кинилэр эр киһилэрэ саппаас эньиэргийэлэнэрин ситистэхтэринэ бэйэлэригэр үчүгэй буоларын, туһа тахсарын билэллэр. Элбэх эньиэргийэтин ороскуоттаабат да киһини «Баҕар туох эмэ тахсыа»,- диэн санааттан аһата, хатаҕалыы сатыыллара аһара баран хаалара эмиэ баар суол.
Эдэр дьахталлар ый аайы аҕыйыыр хааннарын толорон биэрэллэрин тэҥэ, бэйэлэрин эньиэргийэлэрэ эмиэ көҕүрүүр. Ону эмиэ аһылыгынан толорон биэрэн иһиэххэ наада. Киһи аһылыга олоҕор тахсар араас ороскуоттарын барыларын сабар, көҕүрээбит эньиэргийэлэрин толорон биэрэрэ ирдэнэр. Тымныы сиргэ олохтоох дьон аһылыктара олус иҥэмтэлээх буолуохтааҕа эньиэргийэ ороскуотунан эмиэ быһаарыллар. Киһи этин-сиинин биир тэҥ итиинэн хааччыйарыгар эмиэ аһылыгы ороскуотуур. Аһылык киһиэхэ бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр, олорор олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сөп түбэстэҕинэ киһи олоҕо табыллар, уһуур кыахтанар.
Айылҕа киһиэхэ дьайыыта дьыл кэмнэрин аайы уларыйан биэрэн иһэр. Сайын итиинэн дьайан киһиттэн ордук уутун ыган таһаарар буоллаҕына кыһын тымныынан дьайан эт-сиин бэйэтин ититинэрэ элбиирин үөскэтэр.
Айылҕа ити уларыйан биэрэр көрдөбүлүн тутустахпытына киһи аһыыр аһылыга сыл устата куруук биир тэҥ уонна биир көрүҥнээх буолара сатаммат, эмиэ уларыйан биэриэхтээх. Урукку кэмҥэ сахалар уһун үйэлээх эрдэхтэринэ аһыыр аһылыктара дьыл, Айылҕа уларыйан биэрэр кэмнэрин дьайыыларыгар сөп түбэһэр буола уларыйан биэрэр эбиттэр. Сайын элбэх уулаах аһылыктары аһыырыттан этэ-сиинэ ыраастанан туһата элбиир буоллаҕына кыһын сыалаах-арыылаах астартан киһи этин-сиинин ититинэр, тымныыны тулуйар кыахтанар. Тымныыга уһуннук сылдьар киһи элбэхтик сыалаах-арыылаах аһы аһыыра хайаан да наада.
Дьыл кэмэ уларыйан биэриитигэр сахалар аһыыр аһылыктара уларыйан биэрэр. Дьыл хайа кэмигэр ханнык аһылыктары киһи хото сиэхтээҕин быһаарарга бу кэмҥэ Айылҕаҕа үүнэр уонна Айылҕа биэрэр аһылыктарын билиэххэ наада. Бу үүнэр аһылыктары сибиэһэйдии, бэйэтин кэмигэр элбэхтик аһааһын Айылҕаны кытта тутулугу бөҕөргөтөрүн таһынан эккэ-сииҥҥэ ордук туһалаах.
Сааскы кэмҥэ саха дьоно бэрт аҕыйахтык аһыыллара биллэр. Саас, халлаан сылыйан барыытыгар киһи аһылыктан туттунан аҕыйахтык аһыыра ордук. Бу кэмҥэ киһи аҕыйахтык аһаатаҕына этигэр-сиинигэр кыһын устата, элбэхтик хамсаммат кэмҥэ, мунньуллубут араас сыалар симэлийэллэр, кирдэр, туустар таска таһаарыллаллар. Саас уонна күһүн киһи хайдах көрүҥнээхтик аһыыра ордугун быһаарар этиинэн «Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн баар. Бу этии киһи сааскы кэмҥэ кыратык аһаан сылдьарын, куруук аччыгын, аһыан баҕатыттан салбанарын, онтон күһүн элбэхтик аһыырын, идэһэтин этин сиэтэҕинэ тотон, санаата көнөн күлэ-үөрэ сылдьарын быһаарар. Сааскы аһылык иҥэмтэлээх буолан баран түргэнник иҥэрэ, аҕыйах соҕус буолара ордук.
Сайын күөххэ үрүҥ ас, үүт элбээн үүттэн оҥоруллар астары саха дьоно дэлэччи аһыыллар. Куйаас кэмҥэ сиэнэр аһылык аһыыта баһыйар соҕус буолара ордук туһалаах. Аһыы соҕус аһылык кэнниттэн киһи элбэх ууну иһэрэ кыаллар. Сайын саҕаланыытыгар аан маҥнай үүнэн, ситэн сиэнэр оттортон аһыы чочунаах, кииһилэ, араас оттор үрүҥ аһы кытта буккуспуттара, ымдааннар, үөрэлэр элбэхтик сиэнэллэрин тэҥэ балык ыыр кэмэ кэлэн киһи элбэхтик балыгынан аһылыктанара ирдэнэр. Сайын күөххэ сүөһү улаатар кэмэ буолан былыргы сахалар эти бэрт аҕыйахта, бэлиэ кэмнэргэ эрэ сииллэрэ биллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ биирдэ-эмэтэ онтон-мантан булуу, булт эҥин этин сиэһини «Туох эмэ хараны сиэһин» диэн этэллэр.
Күһүн араас бытархай булт-ас этин сиэһини тэҥэ отон арааһа ситэн, олору киһи элбэхтик сиэн битэмииннэри хаһаанар кэмэ.
Кыһын тымныы кэмҥэ сыалаах-арыылаах астары, эти сиэһин киһи тымныыны тулуйарын күүһүрдэр, эньиэргийэтин элбэтэр.
Былыргы кэмҥэ сахалар сиикэй арыы уһуннук кыайан хаһааныллыбатыттан дьэҥкир арыыны хаһаанан сылы быһа сииллэрэ. Дьэҥкир арыыны ынах арыытын уулларан ылыллар. Бу арыы киһиэхэ ордук туһалааҕын кытайдар аһылыкка элбэхтик тутталлара биллэрэр.
Киһи этэ-сиинэ, килиэткэлэрэ төһө эмэ кэминэн эргэрэн саҥа үөскээн иһэр килиэткэлэринэн солбуллан биэрэн иһэллэр. Киһи ханнык аһылыгы сиир даҕаны этэ-сиинэ ол аһылык састааптарыттан хомуллан саҥалыы үөскээн, толорунан биэрэн иһэр.
Дьон кырдьа баран истэхтэринэ үлэлээн-хамсаан, хамсанан-имсэнэн эньиэргийэни көҕүрэтэллэрэ аҕыйаан биэрэр. Бу кэмҥэ киһиттэн аһылыктан туттунууга ураты тулуурдаах буолуу эрэйиллэр кэмэ кэлэр. Урукку, элбэх эньиэргийэни ороскуоттуур кэмнэрин курдук аһыы-сии сырыттахтарына ыйааһыннара эбиллэн, уойан-тотон бараллара саҕаланар.
Уойбут-топпут киһи көрүҥүн сыыһа сыаналааһын дьон өйүгэр-санаатыгар былыргыттан иҥмит. Ол сыыһа сыаналааһын дьон бары байа-тайа сатыыр, баай киһини үтүктэр баҕа санааларыттан үөскээбит. Баай-тот дьон аһы-үөлү иҥэриммит, ньалҕарыйбыт көрүҥнэрэ, үчүгэй, баай киһи көстөр көрүҥүн үөскэппитэ, үгүс дьон өйүгэр-санаатыгар олохсуйан хаалбыт. Ол хаалбыт өйү-санааны дьон билигин даҕаны тутуһа сылдьаллара хомолтолоох. Yөрэх-билии сайдыбытынан туһанан бу көстөр көрүҥ сыыһатын таба өйдөөн, бэйэлэрэ билинэн, аһара аһаабат туһугар кыһаналлара буоллар доруобуйаларыгар улахан туһаны оҥоруо этилэр.
Киһи сааһыран истэҕинэ бэйэтин көрүнэн этэ-сиинэ эбиллэн иһиитин билэ сылдьара ордук. Киһи бэйэтигэр сөп буолар этин-сиинин быһаарыыны ыйааһынын үрдүгүн кытта тэҥнээн көрүүнэн оҥоруллар уонна ыйааһына үрдүгүттэн 100-н кыра буолуохтаах. 170 сантиметр үрдүктээх киһи ыйааһына 70 киилэ буолара ордук. Арай бу кээмэйтэн киһи ыйааһына 20 бырыһыантан ордуннаҕына уойбут киһиэхэ киирсэр.
Элбэҕи аһааһынтан бэйэтин сөптөөх быһыытыттан улаатан, эбиллэн хаалбыт эккэ-сииҥҥэ эбиискэ хааны хачайдыырыгар киһи сүрэҕэ эбии үлэни оҥорор буолан эрдэ сылайар, мөлтүүр. Киһи олоҕо уһуурун туһугар эбиискэ этэ-сиинэ суоҕа ордук диэн этиигэ бары үөрэхтээхтэр сөбүлэһэллэр.
Салайар, дьаһайар дьон эмис-тот көрүҥнэрэ бэйэлэрин доруобуйаларыгар букатын да кыһамматтарын көрдөрөр. Бу көстүү салайар, дьаһайар, дьон-норуот туһугар үлэлиир-хамсыыр ааттаах киһибит аһааһын-сиэһин диэки хайысхалаах быһаарыылары урутаан ылынарын илэ көрдөрөр. Соччо ыллыктаах, кэскиллээх санаата суох киһитин этин-сиинин баҕатын кыана туттубакка хос монньохтоммута уонна халыйа сылдьар хаһалааҕа көрдөрө сылдьар. Уойбут-топпут киһи доруобуйата мөлтөһүөр соҕуһун анал үөрэхтээхтэр эмиэ бэлиэтииллэр.
Ханнык баҕарар таҥара үөрэхтэрэ дьон уһун кэмҥэ үөрэтэн баһылаабыт олохторун үөрэхтэрин холбуу киллэринэ сылдьаллар. Олох үөрэҕин таҥара үөрэҕиттэн туспа арааран ылыы биир омук олоҕун устатыгар кыаллымыан сөп. Бу үөрэхтэр холбуу ситимнэнэн хаалбыттарын араарыы бэйэтэ туспа уустуктардаах. Омук олоҕо сайдыытыгар, дьонун өйдөрө-санаалара холбоһууларыгар таҥара ылбыт оруола ордук үрдүк буоллаҕына, бу омук дьоно бэйэлэрэ уларыйдахтарына, атын омукка холбостохторуна эрэ олохторун үөрэҕэ таҥараларын үөрэҕиттэн араарыллыан сөп. Олох үөрэҕин бары үчүгэй өрүттэрин барытын таҥараны кытта сибээстээһин олохсуйбута бу араарыы табылларын, кыалларын өссө уустугурдар.
Экономика сайдан иһиититтэн, аһыыр аһылык дэлэйиититтэн үөскээбит олох үөрэҕин биир үчүгэй өрүтүнэн аһылыктан туттунууга ыҥырара буолар. Дьон уһун олохторун тухары үөрэтэннэр киһи өйө-санаата аһыыр аһылыгыттан улахан тутулуктааҕын быһаарбыттар. Бу олус туһалаах билиини бары таҥаралар үөрэхтэрэ ылан бэйэлэрин ааттарыттан туһаналлар. Аһылыктан туттунууну таҥара үөрэҕэ бэйэтигэр ылынан араас постары оҥорон элбэхтик аһыыры аҕыйатарга ыҥырар. Бу үөрэх олус былыргы кэмҥэ арыгы иһиитэ өссө күүһүрэн дьон өйдөрүн-санааларын буортулуон иннинэ үөскээбититтэн киһи куһаҕан өрүттэрэ аҥардастыы элбэҕи аһыыртан тахсаллар диэн быһаарар.
Бары таҥара үөрэхтэрэ киһи аһыыр аһылыктан туттунарыгар ыҥыраллар. Итэҕэйэр дьону сөп-сөп кэлэн иһэр постары тутуһуннараннар оннооҕор күһэйэ, күүһүлүү эҥин сатыыллар. Бэйэтэ өйө-санаата мөлтөх киһини күһэйии эрэ күүһүнэн араас постар кэмнэригэр аҕыйахтык аһаан аһылыктан этин-сиинин сынньатан ыларын ситиһэллэр. Сөбүлээн көрөн аҕыйахтык аһааһыны киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн тулуйан, этин-сиинин күһэйэн кыайара олус уустугун, ыараханын иһин итинник постары, аһылыктан туттунар кэмнэри оҥорон көмөлөһөллөр.
Киһи сөбүлээн көрөн, этигэр-сиинигэр сөп буоларынан аҕыйахтык аһыырын ситиһиитэ, кини өйүн-санаатын олус улахан кыайыытыгар тэҥнэнэр, өй-санаа олус күүһүрбүтүн быһаарар. Киһини өйө-санаата кыайа-хото салайан этигэр-сиинигэр, доруобуйатыгар туһалааҕы оҥороругар тириэрдэр. Сорох дьон бэйэлэрин өйдөрө-санаалара мөлтөөн кыаммакка таҥара үөрэҕин көмөтүгэр, постары оҥорон аһыылларын хааччахтыылларыгар наадыйаллар. Бары таҥара үөрэхтэрэ аһара аһаабат буолуу киһи этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар туһаны оҥорорун итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыллар.
Аһыыр аһылыкка туттунар буолуу үөскээһинэ, аан бастаан өйү-санааны күүһүрдэн, эт-сиин көрдөбүллэрин тулуйарга тириэрдэр. Сөбүлээн көрөн, аһара барбакка аһааһын эти-сиини бөҕөргөтөр, өйү-санааны күүһүрдэр, ол иһин киһи уһун үйэлэниини ситиһэн олоҕун уһатарыгар олук буолар.
Экономика сайдан, олох тупсан иһиитэ ас-үөл дэлэйэригэр тириэрдэн дьоҥҥо эбии көрдөбүллэри үөскэтэр, үчүгэй, сымнаҕас, бары баҕара саныыллара барыта баар олоҕун ситиспит дьон ураты тулууру, дьулууру үөскэтиннэхтэринэ, өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтүннэхтэринэ эрэ минньигэстэн минньигэс аһылыгы аһара элбэҕи сиэбэккэ үөрэнэр кыахтаахтар.
Олох тупсан, ас-үөл дэлэйэн иһиитэ киһиттэн тулуура, дьулуура өссө эбиллэн биэрэн иһиитигэр күһэйэр. Хас биирдии саҥа көлүөнэ дьон төрөппүттэринэээр ордук тулуурдаах, дьулуурдаах, ол аата өссө өһөс буоллахтарына эрэ, өйдөрө-санаалара мөлтөөн-ахсаан хаалбакка, салгыы олохторугар сайдыыны ситиһэр кыахтаналлар. Былыргы сахалар олох итинник үөрэҕин арааран билэннэр, баһылааннар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун оҥороннор, оҕолорун иитэллэригэр быһаччы туһана сылдьыбыттар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр бу өс хоһооно төрөппүттэринэээр өссө тулуурдаах, дьулуурдаах дьону иитэн улаатыннарарын утараннар, бобоннор, куһаҕан өйдөбүллээх, өһөс майгылаах, салайааччыга аанньа бас бэриммэт киһини иитэр диэн этэллэрэ. Билигин ырыынак кэмэ кэлэн, киһи бэйэтин кыаҕа төһөнөн үрдүк даҕаны тугу эмэ ситиһиитэ эмиэ соннук буоларынан уонна олох сайдан иһиитэ түргэтээн, бу өс хоһоонун көрдөбүллэрин төрөппүттэр дьэ таба өйдөөннөр, оҕолорун иитиигэ хайаан да тутуннахтарына эрэ, кэлэр көлүөнэлэрэ салгыы сайдыыны ситиһэр кыахтанар кэмнэрэ кэлэн турар. (1,5).
1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.