Кулун тутар 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 87-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 88-c күнэ). Сыл бүтүө 278 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Азербайджан Азербайджан — Азербайджан куттала суох буолуутун уорганнаырн күнэ
  • Кабардино-Балкария — Балкаар омугун барҕарыытын уонна балкаар судаарыстыбаннаһа сөргүтүллүүтүн күнэ[1]
  • Чехия Чехия — «педагогика аҕата» диэн ааттаммыт Ян Амос Коменскай төрөөбүт күнэ
  • Кытай Кытай, Тибиэт — Тибиэт олохтоохторо кулуттааһынтан босхоломмут күннэрэ

Түбэлтэлэр

  • 37Калигула Рим импиэрийэтин принцепсэ буолбут (бастакы импэрээтэрдэр б.э.и. 27 сыллаахтан 284 сыллаахха диэри, үс үйэ тухары өрөспүүбүлүкэни "салайсар" принцепстэр этилэр, былаастара сокуонунан хааччахтааҕа)
  • 364 — Рим импиэрийэтэ Арҕаа уонна Илин импиэрийэлэргэ арахсыбыт (импэрээтэр Валентиниан импиэрийэ илин өттүн Валент диэн инитигэр салайтара биэрбит).
  • 1462Иван III Москуба улуу княжествотын баһылыгынан буолбут.
  • 1763Екатерина II бирикээһинэн Ростов уонна Ярославль митрополита Арсений дуоһунаһыттан үүрүллүбүт уонна көскө ыытыллыбыт.
  • 1776 — Москубаҕа Большой тыйаатыр олохтоммут.
  • 1795Речь Посполита хотугу өттө Курляндия уонна Земгалия герцогствота Арассыыйа импиэрийэтин сорҕотунан буолбут[2].
  • 1809Франция Испанияны Медельин аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
  • 1854Кырыым сэриитэ: Франция уонна Британия Арассыыйаҕа сэриини биллэрбиттэр.
  • 1910 — Францияҕа бастакы ууттан көтөр уонна ууга түһэр Fabre Hydravion гидросамолету Анри Фабр көтүппүт.
  • 1922 — Дьокуускай чугаһыгар Маҥан туһаайыытынан Намсыыр күөлгэ кыһыллары кытта үрүҥ бастаанньыттар кыргыспыттар. Хотторон баран I Үөдэй нэһилиэгин Спасскай таҥаратын дьиэтигэр 100-чэ киһилээх этэрээт түспүт. Хамандыыр — Турнин диэн саха киһитэ.
  • 1930 — Константинополь уонна Ангора куораттар саҥа туурактыы ааттаммыттар — Стамбул уонна Анкара.
  • 1939 — генерал Франко сэриилэрэ үс күннээх сэрии кэнниттэн Мадрид куораты ылбыттар.
  • 1953ССРС-ка хаайыылаахтары амнистиялыыр туһунан ыйаах тахсыбыт.
  • 1956Максим Аммосов реабилитацияламмыт.
  • 1959КНР судаарыстыбаннай сэбиэтэ Тибиэт бырабыыталыстыбатын ыспыт.
  • 1969 — Греция бэйиэтэ, Нобель бириэмийэтин лауреата Гиоргос Сеферис Грецияҕа былааһы ылан олорор байыаннай хунтаны утары аатырбыт тылын эппит.
  • 1976 — Польша айанньыта Кристина Хойновская-Лискевич Лас-Пальмастан (Канаар арыылара) бастакы соҕотох дьахтар сири эргийэр устуутун «Мазурек» диэн шлюбунан (9,5 м) саҕалаабыт. Икки сыл кэриҥэ буолан баран 1978 сыл кулун тутар 21 күнүгэр саҕалаабыт сиригэр этэҥҥэ төннүбүтэ.
  • 1979 — АХШ-ка ядернай энергетика биир саамай ыар содуллаах саахала — Три-Майл-Айленд АЭС саахала буолбут.
  • 2009 — бу чыыһылаҕа планета үрдүнэн олорор дьоннор бары «Сир чааһа» (нуучч. «Час Земли») диэн улахан аһымал акция ыыппыттар. Бу акция сүрүннээн «баараҕай сылыйыыны» (нуучч. «глобальное потепление») утары охсуһуу.

Төрөөбүттэр

  • 1592Ян Амос Коменскай (1670 өлб.), чиэх гуманист-педагога, суруйааччы, түмэт дьайыксыт.
  • 1868Максим Горькай (өлб. 1936) — нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, элбэх айымньылара сэбиэскэй оскуола бырагырааматыгар бааллара, билигин да хас да айымньыта Арассыыйа оскуолатыгар үөрэтиллэр.
  • 1945 — Усуйаанаҕа Евдокия Федорова — Саха сирин демографиятын чинчийээччи, география билимин доктора.

Өлбүттэр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.