From Wikipedia, the free encyclopedia
Эуро (бэлиэтэ: €; кода: EUR) диэн Эуропа Униятын 27 кыттааччы иллэриттэн 20 билинэр валюталара.
Эуро | |||||
| |||||
ISO 4217 кода | EUR (978) | ||||
---|---|---|---|---|---|
Туттааччылар | Эурозона (19)
List
| ||||
Unofficial user(s) | List
| ||||
Инфляция | 2.1% | ||||
Source | ECB, Сэтинньи 2008 | ||||
Method | HICP | ||||
Күөнэ | 8 currencies
| ||||
Бэлиэтэ | € | ||||
Хос аата | Биир тэҥ валюта | ||||
Плюрал | See Euro linguistic issues | ||||
Манньыаттар | |||||
Субуллук туттуллаллар | 1, 2, 5, 10, 20, 50 cent, €1, €2 unless otherwise stated as rarely used | ||||
Дэҥник туттуллаллар | 1 and 2 cent (applies to Finland and The Netherlands) | ||||
Банкноталар | |||||
Субуллук туттуллаллар | €5, €10, €20, €50, €100 | ||||
Дэҥник туттуллаллар | €200, €500 | ||||
Киин баан | Эуропа Киин Баана | ||||
Уэбсайта | www.ecb.int | ||||
Принтер | List
| ||||
Уэбсайта | List
| ||||
1999 сыллаахха айыллыбыта, ол гынан баран 2002 сыл тохсунньу 1 күнүгэр дылы электроннай валюта курдук үлэлиирэ. 2002 сыллаахха Европа Сойууһун 12 дойдута бэйэлэрин валюталарын тохтоппуттара уонна харчыларынан евроны эрэ ылынар буолбуттара. Икки ый устата урукку валюталары туттарыахха сөп этэ уонна маҕаһыыннарга төлүөххэ сөп этэ. Ол гынан баран олунньу 28 күнүттэн бааннарга эрэ уларытахха сөп.
2007, Словения 13-c дойду буолбута. 2008 сыллахха Мальта уонна Кипр холбоспуттара. 2009 сыллаахха Словакия 16-с дойду буолбута. 2011 Эстония 17-с дойду буолбута. 2014 Латвия 18-с дойду буолбута. 2015 Литва 19-с дойду буолбута.
Сэттэ араас банкнота баар, хас биирэ араас өҥнөөх, кээмэйдээх уонна сыаналаах: €5 (бороҥ), €10 (кыһыл), €20 (халлаан күөх), €50 (оранжевай), €100 (от күөх), €200 (араҕас), €500 (фиолетовай).
Манньыаталар араас сыаналаахтар: €0.01, €0.02, €0.05, €0.10, €0.20, €0.50, €1, €2. Хас банкнота аайы араас Европа тутуута уруһуйдаммыт. Бары еврозонаҕа банкноталар бары биирдэр, онтон манньыаталар араас араастар, биир өттө бары дойдуларга тэҥ, онтон атын өттүгэр хас дойду символа уруһуйдаммыт. Ол курдук билигин 12 дойду арааһа туттуллар. Манньыаталара араас да буоллар ханнык баҕар дойдуга туттуллуохтарын сөп. 2004 сыллаахха Европа Униятыгар уон дойду холбоспуттара уонна евроны ылынар былааннаахтар. Ол буолуон иннинэ сорох экономика услуобуйаларын көннөрүөхтээхтэр.
Евро символынан икки кэрдиилээх грек эпсилон буукуба буолар: €. Сорох дьон ону Латыын улахан С буукубатын уонна тэҥнэһии бэлиэлээх (=) диэн ааттыылар. Оннук суруйуу табыллыбат буоллаҕына, судургутук евро диэн суруйуу эмиэ көҥүллэнэр.
Эурозона кыттааччы иллэрэ:
Европа Юниятын чилиэнэ да буолбатар бу дойдулар евроны киэҥник тутталлар:
Бу дойдулар Экономика уонна Үп Униятыгар (EMU) кытталлар.
Атын дойдулар харчылара билигин евроны кытта ситимнэһэ тураллар, ол аата евро 1% сыаната үрдээтэҕинэ, бу валюталар сыаната эмиэ 1% үрдүүр.
Бу үпкэ-харчыга туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.