1923 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 10 — Үрүҥнэр өттүлэриттэн 250-ча киһилээх, кыһыллар өттүлэриттэн 67 киһилээх Төҥүлүтээҕи кыргыһыы буолбут. Үрүҥнэр Мэҥэ улууһун киинин Төҥүлүнү ылаары саба түспүттэр даҕаны үс чаас кэриҥэ ытыалаһыы кэнниттэн чугуйбуттар.
- Тохсунньу 21 — ЯЦИК бастакы сиэссийэтигэр Саха АССР Совнаркомун бастакы састааба талыллыбыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, солбуйааччытынан С.Н. Донской-I, наркомнарынан: ис дьыала — С.М. Аржаков, сир — С.Н. Донской-I, атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнас — А.Л. Бахсыров, үөрэх — С.Н. Донской-II, юстиция — А.Д. Стефанюк, үп — А.А. Семенов, РКИ наркомун эб. быстах кэмҥэ толорооччу — П.Л. Киренскэй, доруобуйа харыстабылын управлениетын сэбиэдиссэйэ — И.Н. Скрябин уо.д.а.
- Тохсунньу 21 — Саха сиринээҕи Ситэриилээх Киин кэмитиэт (ЯЦИК) бастакы сиэссийэтигэр Бэрэстээтэлинэн Былатыан Ойуунускайы талбыттар.
- Тохсунньу 31 — Совнарком уурааҕынан Совнарком бөрөсүүдьүмэ анаммыт: бэрэстээтэл И.Н. Барахов, чилиэннэр — А.Д. Стефанюк уонна А.А. Семенов.
Олунньу
- Олунньу 2 — Полковник Рейнгард баһылыктаах пепеляевецтар офицерскай батальоннара соһуччу саба түһэн Амма солобуодатын ылбыт. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 20 киһи өлбүт, 32 киһи бааһырбыт, кыһыллартан 3 киһи өлбүт, 49 киһи билиэҥҥэ түбэспит. Бу буолуон 4 күн иннинэ Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амматтан Уус-Майа диэки үрүҥнэргэ утары айаннаабыт эбит.
- Олунньу 13 — Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амма өрүһүн хочотугар киирэн Саһыл Сыһыы диэн сиргэ үрүҥнэри кытары кыргыспыт. Аатырбыт 18 хонуктаах Саһыл Сыһыы көмүскээһинэ саҕаламмыт.
- Олунньу 27 — Чурапчыттан Аммаҕа айаннаан иһэр Ефим Курашов кыһыл этэрээтэ генерал Ракитин уонна полковник Худояров үрүҥ этэрээтин 3 чаастаах кыргыһыы түмүгэр кыайбыт.
Кулун тутар
- Кулун тутар 2 — Үрүҥ генерал Пепеляев күүстэрин кытары быһаарыылаах кыргыһыы буолбут. 6 чаастаах хапсыһыы кэнниттэн Карл Байкалов кыһыл этэрээтэ Амма солобуодатын ылбыт.
- Кулун тутар 3 — Курашов уонна Мизин этэрээттэрэ Саһыл Сыһыы осадатын устубуттар.
- Кулун тутар 4 — Ефим Курашов этэрээтэ Амма сэлиэнньэтиттэн 18 биэрэстэлээх сиргэ Саһыл Сыһыыга төгүрүктээһиҥҥэ 18 хонук олорбут Иван Строд этэрээтин быыһаабыт.
- Кулун тутар 4 — Семен Канин баһылыктаах үрүҥ этэрээтэ Орто Халыманы ылбыт. Ревкомовецтары уонна атын кыһыллары өлөрбөтөхтөр, үүрэн эрэ кэбиспиттэр.
- Кулун тутар 15 — кыһыллар генерал Ракитин этэрээтин кытта сэриилэһэн баран Мүрү сэлиэнньэтин (билигин Уус Алдан Бороҕоно) ылбыттар.
- Кулун тутар 16 — Кыһыллар генерал Ракитин үрүҥ этэрээтин тобоҕун кытары кылгас хапсыһыы кэнниттэн Мүрү сэлиэнньэтин (билиҥҥитэ Бороҕону) ылбыттар.
Муус устар
- Муус устар 6 — Саха АССР бырабыыталыстыбата Алдаҥҥа Томмот уонна Орто Салаа үрэхтэригэр Вольдемар Бертин уонна хайа маастара Кузьма Низковских баһылыктаах көмүс көрдүүр бөлөҕү ыыппыт. Аны сайын Вольдемар Бертин уонна бу эргин олохсуйбут саха Михаил Тарабукин Незаметнай үрэҕэр кыһыл көмүс булбуттара, Алдан куората олохтоммута.
- Муус устар 15 — Диабеттаахтарга инсулин аныыр буолбуттар.
- Муус устар 18 — Ф. Э. Дзержинскэй ыйыытынан «Динамо» спортуопсастыба тэриллибит.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 1 — Саһыл Сыһыыга хотторон баран Анатолий Пепеляев Айааҥҥа төннөн тиийбит.
- Ыам ыйын 4 — «Саха омук» культурнай сырдатар уопсастыба бырабылыанньата М. К. Аммосовка «Саха омук» бочуоттаах чилиэнин аатын иҥэрбит. Төрүөтэ: Саха уобалаһыгар автономияны ыларга дохсуннук уонна сыралаһан охсуспутун иһин.
- Ыам ыйын 29 — ССРС-ка Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Сойуустара тэриллибит.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 6 — Соловки арыыга хаайыы лааҕыр аһыллыбыт. Саха сиригэр гражданскай сэрии үрүҥнэр өттүлэригэр кыттыылаахтарын бу лааҕырга ыыталлара.
- Бэс ыйын 7 — Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүт. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.
- Бэс ыйын 17 — Степан Вострецов кыһыл этэрээтэ Айаан пордун ылбыт. Кыһыллар генерал Пепеляев этэрээтин эмискэччи төгүрүйэн охсуһуута суох 103 офицеры, 230 саллааты, ону кытары Анатолий Пепеляевы бэйэтин билиэн ылбыттар.
- Бэс ыйын 19 — Алдан куората олохтоммут. Бу күн Незаметнай үрэҕэр аҕыйах билэр дьонун кытары көмүс сууйа сылдьар саха Михаил Тарабукин уонна Дьокуускайтан кэлбит трудовой артель салайааччыта латыш Вольдемар Бертин кыһыл көмүс булбуттар.
- Ыам ыйын 29 — ССРС-ка Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Сойуустара тэриллибит.
- Бэс ыйын 24 — САССР Совнаркомун иһинэн былаанныыр хамыыһыйа тэриллибит (1947 с. Совмин Госплана диэн ааттаммыта)
- Бэс ыйын 25 — Саха сирин идэлээх сойуустарын бастакы сийиэстэрэ саҕаламмыт. 32 делегат кыттыбыт.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 26 — Владивостоктан "Ставрополь" борохуотунан кэлбит кыһыл этэрээт Орто Халыманы үрүҥнэртэн босхолообут. Сотору кэминэн үрүҥнэр тобохторо хотугу улуустарга барыларыгар кэйгэллэммиттэрэ.
Балаҕан ыйа
- Балаҕан ыйын 19 — ЯЦИК иһинэн Физкультура сэбиэтин тэрийэр туһунан ЯЦИК бөрөсүүдьүмүн уурааҕа тахсыбыт.
- Балаҕан ыйын 30 — Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха АССР павильона аһыллыбыт. Тэрийээччи В.В. Никифоров-Күлүмнүүр тыл эппит. Онно 40-ча экспонаат кыттыбыт. Онтон сороҕо эһиилигэр Рим куоракка буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа ыытыллыбыт.
Алтынньы
- Алтынньы 13 — Туурсуйа киин куората Истанбултан Анкараҕа көһөрүллүбүт.
- Алтынньы 16 — Walt Disney Company төрүттэммит. Билиҥҥитэ Walt Disney аан дойдуга биир саамай улахан финансовай бүддьүөттээх, элбэх барыһы киллэрэр медиакорпорация буолар. Уолт Дисней компаниятын Дьулус съеһэ.
- Алтынньы 29 — Осман Импиэрийэтэ ыһыллыбытын кэннэ Туурсуйа Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Мустафа Кемал (кэлин Ататүрк диэн буолбут).
- Алтынньы 29 — ЯЦИК уонна Совнарком уураахтарынан Үөрэх наркомата уонна Доруобуйа хзарыстабылын управлениета холбоһон Үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркомата буолбуттар.
Сэтинньи
- Сэтинньи 8 — Германияҕа Мюнхен куоратыгар Пиибэ путча буолбут. Адольф Гитлер бэйэтин куомуннаахтарын кытары судаарыстыбаннай переворот оҥоро сатаабыта кыаллыбытах. Гитлер судаарыстыбаны таҥнарыыга буруйданан 5 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут, ол эрээри 9 ый ааспытын кэннэ босхоломмут. Бу путч кинини Германия үрдүнэн аатырдыбыта.
- Сэтинньи 15 — "Кыым" хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт.
Ахсынньы
- Ахсынньы 10 — 15 — II Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэрэ буолбут. Отчуоттуур дакылааты Совнарком бэрэстээтэлэ И.Н. Барахов оҥорбут. Сийиэс бырабыыталыстыба үлэтин өйөөбүт, сэбиэскэй былааһы салгыы бөҕөргөтөр, оройуоннааһыны түргэтэтэр, нэһилиэнньэ уопсай култууратын үрдэтэр уонна төрөөбүт тылынан ааҕыыны-суруйууну сайыннарар туһунан сорук туруорбут.
Төрөөбүттэр
- Павлов Семён Павлович — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, разведчик.
- Тохсунньу 15 — Каратаев Игнатий Иванович, үөрэх кинигэлэрин ааптардара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- Тохсунньу 30 — Леонид Гайдай — киинэ режиссёра, сценарист, артыыс, ССРС норуодунай артыыһа.
- Кулун тутар 4 — Шепелева Надежда Семеновна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа (2013).
- Кулун тутар 17 — Илин-Хаҥалас улууһугар Наахара нэһилиэгэр Николай Устинов - Буйака — Нам улууһун Таастааҕар учууталлаабыт, саҥа суруйан испит суруйааччы, Аҕа дойду сэриитигэр баран 1945 с. өлбүтэ.
- Кулун тутар 18 — Николай Баишев-I — аатырбыт 1945 сыллааҕы "Верхоянскай—Дьокуускай—Верхоянскай" хайыһар эспэдииссиэйтин чилиэнэ.
- Муус устар 1 — Габышев Лев Михайлович, саха худуоһунньуга, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- Муус устар 18 — Апросимов Георгий Ефимович, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, учуутал.
- Ыам ыйын 6 — Владимир Абрамович Этуш төрөөбүт, театр уонна киинэ артыыһа, педагог («Кавказская пленница», «Иван Васильевич меняет профессию»).
- Атырдьах ыйын 27 — Никифоров Семен Осипович (1923—1980), саха суруйааччыта, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- Балаҕан ыйын 1 — Николаев Семен Иванович (Сомоҕотто) (1923—2004), история билимнэрин кандидата.
- Алтынньы 6 — Яшар Кемаль — курд омуктан төрүттээх Турция реалист-прозаига, бэйиэтэ уонна быраабы көмүскээччитэ. Элбэх төгүл литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтигэр хандьытаат буолбутунан, ону кытта, тутулуга суох Курдистаны олохтооһун уонна Турцияҕа гражданскай уопсастыбаны тэрийээһин актыыбынай кыттыылааҕа буоларынан биллибит.
- Ахсынньы 5 — Копырин Николай Захарович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл үөрэҕин билимнэрин кандидата, литератураны ырытааччы. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Өлбүттэр
- Олунньу 20 — Сухэ-Батор (1893 төр.), Монголия өрөбөлүүссүйэтин салайааччыта.
Литература
- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.