From Wikipedia, the free encyclopedia
Каратаев Игнатий Иванович — учуобунньуктар ааптардара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимнэрин кандидата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата.
Игнатий Иванович Орто Бүлүү улууһун Үһүс Тоҕус (билиҥҥитэ Тааһаҕар) нэһилиэгэр, Сытыган диэн алааска 1923 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр аҕыс оҕолоох ыалга сэттис оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата — Иван Тимофеевич Каратаев, ийэтэ — Агафья Вениаминовна. Тааһаҕар начальнай оскуолатыгар 1931 сыллаахха аҕыс сааһыгар үѳрэнэ киирбитэ. 1936—1937 сс. үѳрэх дьылыгар төрдүс кылааһы бүтэрэн, Хампа сэттэ кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
1940 сыллаахха Бүлүү куоратыгар үс ыйдаах куурсу бүтэрэн, 1940—1941 сыллардааҕы үөрэх дьыла саҕаланыытыгар үөрэммит оскуолатыгар учууталынан ананан тахсыбыта. Аармыйаҕа барыан иннинэ балтараа сыл учууталлаабыта: үлэлии сырыттаҕына олунньуга Өкүндү оскуолатыгар көһөрбүттэр, үөрэх дьылын түмүктээн баран Тааhаҕар оскуолатыгар төттөрү кэлэн учууталлыыр. 1941—42 үөрэх дьылын түмүктүүр.
1942 сыллаахха бэс ыйын 4 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барар. Арҕаа фроҥҥа сэриилэһэр. Сэттэ кылаас үөрэхтээх уонна учуутал буолан сэриилэһэрин быыһыгар үөрэнэн сержант званиялаах младшай командир буолар. Сэрии устата артиллерист, минометчик, автоматчик, разведчик быhыытынан хорсуннук сэриилэспитэ. Карпат хайаларга кыргыhар, Украинаны, Чехословакияны босхолоhор. Игнатий Иванович сэриигэ сылдьыытын туhунан «Саллаат суола» диэн автобиографическай кинигэ суруйбута. Бу кинигэтэ Кыайыы 50 сылын көрсө биллэриллибит айар союзтар куонкурустарыгар бастакы бириэмийэни ылбыта. Иккитэ бааhырар: бастакытыгар Воронеж куорат таһыгар кыргыһыыга ньиэмэс гранаататын үлтүркэйэ икки уллуҥахтарын дьөлүтэ түһэр. Иккиһин Днепры туорааһын иһин бөдөҥ кыргыһыыга «Тараҕай» үрдэли ылыыга оскуолак моонньугар түһэн кыл тыыннаах хаалар. Кыайыыны Оломоуц диэн Чехословакия куоратыгар көрсөр.
1946 сыл олунньутугар демобилизацияланан төрөөбүт дойдутугар эргиллэр.
1946—47 сс. үөрэх дьыла саҕаланыытыттан Тааһаҕар начальнай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн ананан 5 сыл үлэлээбитэ. Ити сылларга кэтэхтэн үѳрэнэн Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитэ. Онтон 1951 сыллаахха Бороҕон биэс кылаастаах оскуолатыгар саха тыла уонна математика учууталынан ананан олунньу ый бүтэһигэр дылы үлэлээбит. Онтон салгыы Бүлүүтээҕи райсовет сэкиритээринэн, өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыгар учууталынан, дириэктэринэн, РайОНО инспекторынан үлэлээбит.
1958—1963 сылларга Саха государственнай университетыгар үѳрэммитэ.
1966 сылтан 1989 сыллаахха пенсияҕа тахсыар дылы РСФСР Үѳрэҕин министэристибэтин Дьокуускайдааҕы филиалын Национальнай оскуолалар кыһалҕаларын чинчийэр институтугар научнай сотруднигынан үлэлиир. 1982 сыллаахха «Лингвистические основы обучения орфографии родного языка в начальных классах» диэн үлэнэн хандьыдаат диссертациятын кѳмүскээбитэ.
Игнатий Иванович салалтатынан саха тылыгар оҕону 6 сааһыттан үѳрэтэр толору учебно-методическай комплект бэлэмнэнэн тахсыбыта.
50-н тахса научнай үлэ, оскуола программатын, учебник, учебнай пособиялар уонна ыстатыйалар, ахтыы кинигэлэр ааптардара.
2014 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр өлбүтэ.
хос таһаарыылара: 1988
хос таһаарыылара: 1993
хос таһаарыылара: 1976, 1978, 1981
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.