Атырдьах ыйын 25 диэн Григориан халандаарыгар сыл 237-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 238-c күнэ). Сыл бүтүө 128 күн баар.
- Бразилия Бразилия — Саллаат күнэ (порт. Dia do Soldado)
- Хотугу Кэриэйэ Хотугу Кэриэйэ — Сонгун күнэ. Бу күн Ким Чен Ир 1960 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн байыаннай суолга үктэммит. Сонгун диэн дойду бастаан байыаннайдары хааччыйыахтааҕын туһунан идеологията.
- Уругвай Уругвай — Тутулуга суох буолуу күнэ (Бразилияттан, 1825)
- Франция Франция — Босхолонуу күнэ (1944 сыллаахха Париж босхоломмут)
- 1604 — Лжедмитрий I поляк наемниктарын кытта Москубаҕа бохуотун саҕалаабыт.
- 1609 — Галилео Галилей бэйэтин бастакы телескобун Венеция салайааччыларыгар көрдөрбүт.
- 1810 — Англия атыыһыта Питер Дюранд аһылыгы ылтаһын бааҥкаҕа хаһаанар ньыманы патеннаабыт.
- 1875 — Англия моряга Мэтью Уэбб бастакынан Ла-Манш силбэһиитин харбаан туораабыт, бириэмэтэ — 21 чаас 45 мүнүүтэ.
- 1912 — Сахалар Уобаластааҕы сийиэстэрэ саҕаламмыт, балаҕан ыйын 2 күнүгэр түмүктэммит. Арамаанаптар динаастиялара ыраахтааҕылаабытын 300 сылыгар түбэһиннэрэн саха бас-көс дьоно мустан сийиэстээбиттэр. Санкт-Петербургка дэлэгээссийэ ыытыытын, ону кытары Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕаларын ырыппыттар. Сийиэс бэрэстээтэлинэн Василий Никифоров — Күлүмнүүр талыллыбыт.
- 1919 — Аан дойдуга бастакы дойдулар ыккардыларынааҕы Лондон-Париж куруук көтөр сөмүлүөт сырыыта олохтоммут.
- 1925 — Тоҥус өрө туруутун кэмигэр Ньылхаҥҥа олохтоохтор мунньахтара буолбут. Мунньахха ЦК РКП(б) уонна ВЦИК бэрэстэбиитэлэ Карл Байкалов тыл эппит. Тоҥус национальнай управлениетын бэрэстээтэлэ Захаров бу управление боломуочуйатын устарын уонна сааны-саадаҕы Саха АССР бэрэстэбиитэлигэр туттарарын туһунан эппит. Бу мунньахха Карл Байкалов урукку бастаанньаһыттарга амнистия биллэрбит.
- 1930 — Саха АССР Совнаркомун уурааҕынан Дьокуускайдааҕы үп-харчы техникума аһыллыбыт. 1944 сыллаахха дылы үп-харчы уонна экэниэмикэ техникума диэн ааттаах эбит, 1944—1976 сс. — үп-харчы уонна кредит техникума, 1976—1993 сс. — үп-харчы, 1993 сылтан — «И. И. Фадеев аатынан үп-экэниэмикэ кэллиэһэ».
- 1940 — Англия бомардировщиктара аан бастаан Берлини буомбалаабыттар.
- 1941
- ССРС уонна Англия Ирааны оккупациялаабыттар.
- Ньиэмэстэр Днепропетровскай куораты ылбыттар.
- 1944
- Париж ньиэмэстэртэн босхоломмут.
- Берлиҥҥэ «Идель-Урал» легион подпольетын кыттыылаахтарын өлөрбүттэр, ол иһигэр Гайнан Курмашевы уонна Муса Джалили.
- 1950 — Японияҕа Акиро Куросава «Расемон» киинэтэ тахсыбыт. Аныгыскы сылыгар киинэ Венециятааҕы киинэ бэстибээлигэр Сүрүн бирииһи ылбыта уонна айааччыларын аан дойдуга аатырдыбыта.
- 1960
- Римҥэ XVII Олимпиада саҕаламмыт.
- ССРС Кытай салайааччыьын Мао Цзэдуну догматизмҥа буруйдаабыт.
- 1973 — Бастакы томограф үлэлээбит.
- 1990 — Абхазия Үрдүкү Сэбиэтэ Абхазияны Грузияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1991
- Белоруссия тутулуга суоҕун биллэрбит.
- ССКП баайа-дуола Арасыыйа бас билиитинэн биллэриллибит.
- 1995 — Кириэмилгэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн алмаас бырамыысыланнаһын салгыы сайыннарыы туһунан кэпсэппит. Бу кэмҥэ дойдуга Чубайс уонна Сосковец салалталарынан бөдөҥ тэрилтэлэри атыылыыр (приватизация) залоговай аукционнар саҕаланан эрэллэрэ. Михаил Николаев АЛРОСА-ны приватизациялыыртан көмүскүүр соруктааҕа.
- 2012 — «Вояджер-1» космическэй хараабыл сулустар ыккардыларынааҕы космоска тахсыбыт бастакы киһи оҥоһуга буолбут.
- 1530 — Иван IV Васильевич Уордаах (1584 өлб.), бастакы нуучча ыраахтааҕыта (1547—1575 сылларга уонна 1576 сылтан).
- 1911 — Варвара Трофимова — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Бүлүү оройуонун «Дьокуускай» сопхуоһун ыанньыксыта. Дьиктитэ диэн Варвара Петровна 1932 сылтан баартыйалаах, салайар үлэҕэ үлэлээн баран бэйэтин баҕатынан 1946 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатыгар көспүтэ уонна 20 сыл ыанньыксыттаабыта. Саха сиригэр биир бастакыннан биир ынахтан 3, онтон 3,5 тыһыынча киилэ үүтү ыыры ситиспитэ.
- 1930 — Георгий Данелия — ССРС норуодунай артыыһа (1989), киинэ режиссера, сценариһа. «Золотой Овен» бириэмийэ лауреата (1994). ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин (1978), бырааттыы Васильевтар ааттарынан (1981), РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреаттара (1996).
- 1973 — Халбаакыга Альбина Николаева — саха тылын ойуулуур-дьүһүннүүр тылларын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- 1900 — Фридрих Ницше — ньиэмэс бөлүһүөгэ, иррационализмы уонна волюнтаризмы тутуһааччы, бэйиэт.
- 1921 — Владимир Короленко — нуучча суруйааччыта, Аммаҕа көскө ыытыллыбыт, онно оскуола тэрийэн оҕолору үөрэппит уонна саха олоҕор сыһыаннаах хас да кэпсээн суруйбут киһи.
- 1930 — Кеша Алексеев — Гражданскай сэрии дьоруойа. 1922 сыллаахха Чурапчы, Амма, Никольскай, Төхтүр, Покровскай сэриилэригэр аатыран, Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта.
- 1938 — Семен Донской (иккис) — саха судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, доруобуйа харыстабылын бастакы наркома, сахалыы бастакы учебниктар ааптардара.
- 1944 — Муса Джалиль — татаар бэйиэтэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 2012 — Нил Армстронг — Ый ньууругар бастакынан үктэммит астронавт.