1978 сыл.
Туох буолбута
Муус устар
- Муус устар 14 — Грузин тылын судаарыстыбаннай статуһун уларытыыны утаран Тбилисигэ демонстрация буолбут. ССРС салалтата 1977 сыллаахха ылыныллыбыт ССРС Конституциятыгар олоҕуран грузин тылын судаарыстыбаннай статуһун суох гыныан баҕарбыта. Элбэх дьон утарбытын иһин тыл статуһа оннунан хаалбыта. Бу күн Грузияҕа 1990 сыллаахха Тыл күнүнэн биллэриллибитэ.
- Муус устар 29 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ "Ханидо уонна Халерха" ааптарыгар Семен Куриловка уонна Ньурбаттан төрүттээх Дьокуускай билиҥҥи киинин сүрүн дьиэлэрин ("Лена" гостиница, ЛОРП дьиэтэ, Өксөкүлээх киинэ, АЛРОСА дьиэтэ уо.д.а.) бырайыактаабыт архитекторга Дмитрий Саввиновка анаммыт.
- Муус устар 29 — Данияҕа суутунан өлөрүүнү суох гыммыттар.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 3 — Бастакы спам электрон сурук АХШ арҕаа кытылын ARPANET ситимин бары аадырыстарыгар тарҕаммыт.
- Ыам ыйын 4 — ЮАР сөмүлүөттэрэ Ангола соҕуруу өттүгэр лааҕырга саба түспүттэрин түмүгэр 600-чэ киһи өлбүт.
- Ыам ыйын 31 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 8-с уочарата суох сиэссийэтигэр саҥа Конституция ылыныллыбыт.
Алтынньы
- Алтынньы 8 — Мирнэй улууһугар Орто Ботуобуйа ньиэптээх сиригэр 1530 миэтэрэ дириҥҥэ 15 килотонналаах «Вятка» ядернай дэлби тэптэрии буолбут. Бу ньиэптээх сиргэ уопсайа 7 ядернай дэлби тэптэрии буолбута, сыаллара — ньиэп хостонуутун чэпчэтии.
- Алтынньы 16 — Поляк Иоанн Павел II Рим папата буолбут. Бу бүрүстүөлгэ 1523 сылтан ыла аан бастан Италияҕа төрөөбөтөх киһи олорбут.
- Алтынньы 26 — Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ, WHO) уоспа вируһа айылҕаҕа симэлийбитин туһунан биллэрбит. Бу вакцинация биир улахан кыайыыта буолар.
Ахсынньы
- Ахсынньы 6 — Испанияҕа референдумнаан саҥа конституцияны ратификациялаабыттар.
- Ахсынньы 15 — Кытай уонна АХШ дипломатическэй сыһыаны көннөрөргө сөбүлэспиттэр. Бу саҕана ССРС уонна Кытай ыккардыларынааҕы сыһыан тыҥаан турар этэ. Инньэ гынан АХШ уонна Кытай Сэбиэскэй Сойууһу утары куомуннаспыттар. Бу түгэн Тымныы сэрии түмүгүн быһаарбыт дииллэр.
- Ахсынньы 27 — Испанияҕа саҥа конституция олоххо киирэн Франсиско Франко диктатурата тохтообут.
Төрөөбүттэр
- Тохсунньу 2 — Афанасий Поскачин — боксаҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ (2001).
- Тохсунньу 7 — Александр Иннокентьевич Самсонов — Айыы Уола (7.1.1978 — 12.10.1998) — саха эстрадатын ырыаһыта
- Тохсунньу 22 — Нестерова Елена Васильевна — филологическай билим кандидата
- Тохсунньу 25 — Владимир Зеленскай — Украина артыыһа, сценариһа, продюсера, телеведущайа, Украина 6-с бэрэсидьиэнэ (2019 сылтан ыла).
- От ыйын 30 — Филиппова Виктория Викторовна — аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар устуоруйалар үөрэтэр чинчийээччи, история билимин кандидата,
Өлбүттэр
- Малгина Феврония Николаевна (1888 - 1978)
- Виктор Афанасьевич Саввин (14.03.1908—1978) — Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа
- Яковлев Петр Ионович (22.02.1921—1978) — биллиилээх ыанньыксыт, Социалистическай Үлэ Геройа
- От ыйын 4 — Софронеев Петр Спиридонович (12.07.1919—04.07.1978) — сахалар устуоруйаларын үөрэтэр чинчийээччи, историческай билим кандидата.
- Сэтинньи 27 — Сэмэн Данилов - Семен Петрович Данилов - саха норуодунай поэта.
Wikiwand in your browser!
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.