From Wikipedia, the free encyclopedia
Влади́мир Галактио́нович Короле́нко (от ыйын 15 (27) күнэ 1853 с., Житомир — атырдьах ыйын 25 күнэ 1921 с, Полтава) — нуучча суруйааччыта, ыраахтааҕы саҕана өрөбөлүссүйэниэрдэри, өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн саҥа былааһы утарааччылары көмүскэһэр гуманист дьайыксыт быһыытынан биллибитэ, эдэрчи сылдьан Саха сиригэр Аммаҕа көскө олоро сылдьыбыта.
Эдэр сылдьан Владимир политиканан дьарыктаммыт, ол түмүгэр Москватааҕы Петровскай сир оҥоһуутун академиятыттан үүрүллүбүт. 1879 с. народниктар түмсүүлэригэр кыттан Саха Сиригэр Аммаҕа көскө ыытыллыбыт. Аммаҕа үс сыл олорбута 1881 сыл ахсынынньытыттан 1884 сыл балаҕан ыйыгар диэри. Ол онно сытан оскуола тэрийэн оҕолору үөрэтэр уонна хас да кэпсээн суруйар, ол быыһыгар "Макар түүлэ" (1883), "Соколинец" (1885) курдук биллэр кэпсээннэри. Бу олорбут кэмин кэлин үтүө тылынан ахтыбыта:
это был «самый здоровый период жизни, когда мы с товарищами занимались земледельческим трудом».
«Если бы мне лично предложили жить в Америке — или в Якутской области, — поверите ли Вы, что я бы, вероятнее всего, выбрал последнее...».
(Улановаҕа суругуттан[1])
Саха сирин олохтоохторун туһунан суруйбут айымньыларыгар элбэх саха тылын киллэрбитин чинчийээччилэр бэлиэтииллэр[2]. Манна олохсуйбут кэлии дьон түргэнник сахатыйалларын бэлиэтии көрбүтэ.
Көстөн төннөөт Короленко Алын Новгородка, Санкт-Петербурга, Полтаваҕа олоро сылдьыбыт. Өктөөп революциятын ылымматаҕа, ол гынан баран саҥа былааска утары турбатах.
1921 с. Полтава куоракка, тыҥа ыарыытыттан ыалдьан өлбүт.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.