Сиһилии Сыллар, Уоннуу сыллар ...
Сап
1931 сыл.
Тохсунньу
- Тохсунньу 24 — Москубаҕа «Ромэн» тыйаатыр олохтоммут, билигин үлэлиир сыгаан тыйаатырдарыттан саамай кырдьаҕастара.
Олунньу
- Олунньу 1 — Союзкино киин фабрика арыллыбыт (билигин «Мосфильм»).
- Олунньу 18 — Саха АССР Совнаркома тыа хаһаайыстыбаны мехснизациялыыр туһунан уураах ылбыт. МТСтары тэрийэргэ соруммуттар. Бу уурааҕынан маҥнайгы МТСтар Абаҕаҕа (Өлүөхүмэ) уонна Намҥа тэриллибиттэрэ. Нам МТС директорынан Винокуров И.Е. анаммыта.
Кулун тутар
- Бүлүүгэ "Колхоз суола" диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы сахалыы улуус хаһыата тахсыбыт. Бу сыл алтынньы 15 күнүгэр иккис сахалыы улуус хаһыатын бастакы нүөмэрэ Чурапчыга тахсыбыта ("Социализм суола"). Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улуус хаһыатынан нууччалыы тахсыбыт "Алдан оробуочайа" буолар, бастаан кини Алдан уокуругун хаһыата этэ (улуус таһымыттан арыый үрдүк). Бастакы нүөмэрэ 1928 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Томмокко тахсыбыта, 1930 сыллаахха оройуон хаһыатын статуһун ылбыта[2].
Муус устар
- Муус устар 23 — Саха АССР Совнаркома "Өлүөнэттэн Бүлүүгэ диэри суол тутарга" диэн уураах ылбыта.
Ыам ыйа
- Ыам ыйын 10 — ЯЦИК «О национальных районах и внешних границах Якутской АССР» диэн уурааҕа тахсыбыта. Бу уурааҕынан эбэҥкилэр олорор сирдэригэр хас да оройуон тэриллибитэ уонна Чукотка национальнай уокуруктан Саха АССР састаабар Арҕаа Туундара сирэ киирбитэ, ыам ыйын 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуона диэн ааттаммыта.
- Ыам ыйын 15 — Чыамайыкыга бастакы оскуоланы астарбыт учуутал Савва Михайловы Алтан Сарын дьыалатыгар эрийэн туппуттар. Ол сыл олунньу 18 күнүгэр ытыллыбыт. 1989 сылаахха буруйа суоҕунан реабилитацияламмыт.
- Ыам ыйын 15 — Чурапчы райсоветын исполкома урукку Сулҕаччы Бабаҕатыгар (Одьулуун нэһилиэгэ) "Иһэр кэккэ" диэн ааттаах ТСОЗ тэриллибитин бигэргэппитэ.
…национальнай оройуоннар тэриллибиттэрэ: Аллайаха, киинэ Аллайыаха; Муома, киинэ Муома өрүс төрдүгэр; Өймөкөөн, киинэ Өймөкөөн; Саккырыыр, киинэ Дьандабыл үрэххэ; Төмтөөн, киинэ Нагорнай бөһүөлэк; Томпо, киинэ Томпо өрүскэ; Уус-Маайа, киинэ Уус-Маайа; Усуйаана, киинэ Хаһаачыйа; Учур, киинэ Учур өрүс төрдүгэр; Аллараа Халыма, киинэ Нижнеколымскай.
…иккиһинэн Бүлүү-Марха оройуон киинэ Улуу Тоҕой диэн сиргэ көһөрүллүбүтэ. Тукулаан оройуонун киинэ Томмот куоракка көһөрүллүбүтэ уонна аата Томмот оройуона диэн буолбута.
…үсүһүнэн: Саха АССР тас чэрчитэ бигэргэммит.
…төрдүһүнэн: Илиҥҥи долгота 78° уонна 133° меридианнар икки ардыларыгар сытар Хоту океан арыылара Саха АССР сирдэринэн бигэргэммиттэрэ.
- Ыам ыйын 26 — Харбиҥҥа кыраныысса таһынааҕы саамай бөдөҥ нуучча тэрилтэтэ үөскээбит — Арассыыйа фашистыы баартыйата.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 1 — Сэбиэскэй Сойууска 90 металлургия собуотун тутуутугар Америка инженердэрэ кытталларын туһунан контракт түһэрсиллибит. Бу кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска балысхан тэтимнээх индустриализация барбыта.
- Бэс ыйын 2 сыллаахха Горнай оройуона тэриллибит. Арҕаа Хаҥалас уонна Нам оройуоннарын уһук нэһилиэктэрин сирин туспа оройуон гыммыттара.
Сэтинньи
- Сэтинньи 7 — Мао Цзэдун Кытайга сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэни тэрийбит. Бу өрөспүүбүлүкэ хомуньуустар хонтуруоллуур Кытай сорох оройуоннарыгар үс сыл, 1934 сыллаахха диэри, үөскүү сылдьыбыт. Онтон хомуньуустар «Уһун Айаҥҥа» турунан хоту көспүттэрэ.
- Сэтинньи 13 — «Дальстрой» тэриллибит — Халыма өрүһүн үөһээ тардыытыгар хаайыылаахтары үлэлэппит, суол уонна бырамыысыланнас тутуутунан дьарыктаммыт трест. «Дальстрой» 1930—1950 сылларга ССРС Хотугулуу-Илиҥҥи өттүн туһаҕа киллэриинэн, чуолаан кыһыл көмүс хостооһунунан, дьарыктаммыта. Саха АССР хотугулуу-илиҥҥи оройуоннара «Дальстрой» территориятыгар киирэр этилэр.
Ахсынньы
- Ахсынньы 5 — Москубаҕа Киристиэс Өрүһүйээччи таҥара дьиэтэ (Храм Христа Спасителя) тоҕо тэптэриллибит.