Ыам ыйын 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 135-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 136-c күнэ). Сыл бүтүө 230 күн баар.
- 1682 — Москубаҕа стрелецтэр өрө туруулара. Бүөтүр I ол саҕана 10 саастаах этэ, регенинэн ийэтэ олорбута. Ийэтин аймахтарын Нарышкиннары уонна кинилэр диэки буолааччы байаардары өлөртөөбүттэрэ. Бу өрө туруу түмүгэр Арассыыйа икки ыраахтааҕыламмыта — Бүөтүр I атын ийэлээх ыарыһах убайа Иван V (Милославскайдартан) эмиэ ыраахтааҕы буолбута. 7 сыл иккиэн ыраахтааҕылаабыттара, кэлин Бүөтүр I улаатан, күүһүрэн баран убайын былаастан туораппыта.
- 1745 — статскай советник Генрих Конрад Саха сирин бойобуодатын дуоһунаһыттан уурайбыт, бу дуоһунаска балтараа сыл кэриҥэ олорбут — 1743 сыл балаҕан ыйын 19 күнүттэн. Дьокуускайга өлбүтэ биллэр.
- 1852 — Илин Сибиир генерал-губернатора предписание таһаарбыт. Бу дьаһалы толорон Саха Сирин уобаластааҕы бырабылыанньата уонна Киренскэй исправнига Саха Сирин Иркутскай губернияны кытта кыраныыссатын чуолкайдаабыттар.
- 1858 — Япония Хакодате куоратыгар Арассыыйа Импиэрийэтин бастакы консульствота арыллыбыт.
- 1909 — К. А. Волоссович экспедицията Нуучча Устьетыгар тиийбит. Онно олорон Улахан-Сис хайаны чинчийбит, онтон байҕал кытылынан Дьааҥы өрүскэ барбыт.
- 1915 — «День печати в Якутии» диэн ааттаммыт биирдэ эрэ тахсыбыт хаһыат тарҕаммыт. Эрэдээктэр - Е.Г.Олейникова.
- 1931 — Чыамайыкыга бастакы оскуоланы астарбыт учуутал Савва Михайловы Алтан Сарын дьыалатыгар эрийэн туппуттар. Ол сыл олунньу 18 күнүгэр ытыллыбыт. 1989 сылаахха буруйа суоҕунан реабилитацияламмыт.
- 1931 — Чурапчы райсоветын исполкома урукку Сулҕаччы Бабаҕатыгар (Одьулуун нэһилиэгэ) "Иһэр кэккэ" диэн ааттаах ТСОЗ тэриллибитин бигэргэппитэ.
- 1935 — Москубаҕа метрополитен бастакы линията аһыллыбыт.
- 1936 — Оҕо-ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕэ хаһыата "Бэлэм буол" бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Тирааһа 980 экземпляр эбит. Бастакы эрэдээктэринэн бэйиэт Абаҕыыныскай буолбут.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Нидерланд мөлтөх сэбилэниилээх аармыйата күүстээх утарылаһыы кэнниттэн ньэмэстэргэ бэриммит. Биэс сыллаах оккупация саҕаламмыт.
- 1940 — Америкаҕа бастакы МакДональдс ресторана аһыллыбыт.
- 1948 — Палестинаҕа Британия мандаата тохтоотун кытта Эгиипэт, Трансиордания, Ливан, Сирия, Ираак уонна Сауд Аравията Израильга саба түспүттэр, Араабтар уонна Израиль ыккардынааҕы 1948 сыллааҕы сэрии саҕаламмыт.
- 1972 — Москубаҕа аан бастаан Николай Якутскай "Көмүстээх үрүйэ" сэһэнинэн уһуллубут "Тайна предков" уус-уран киинэ көстүбүт. Сценарийын 1966 сыллаахха Лев Габышев суруйбута, онтун Таджикфильмҥа үлэлиир артыыска уонна режиссерга Марат Арыповка көрдөрбүтэ, киинэни устуу үлэтэ 1969 сыллаахтан саҕаламмыта. Сүрүн оруоллары саха артыыстара оонньообуттара.
- 1972 — Рюкю арыылара Японияҕа төннөрүллүбүттэр, 1945 сыллаахха АХШ ылбыта.
- 1975 — Дьокуускайга Политпрос дьиэтигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга 16 хомсомуолу БАМ тутуутугар атаарыы буолбут. Олор истэригэр Покровскайтан төрүттээх мас ууһа Гавриил Адамов баара.
- 1988 — аҕыс сылтан ордук Афганистааҥҥа турбут Сэбиэскэй аармыйа сэриилэрэ дойдуттан тахсыылара саҕаламмыт. Барыта 115 000 байыаннай тахсыбыта.
- 1999 — Арассыыйа Госдууматыгар бэрэсидьиэн Борис Ельциҥҥэ импичмент биллэрэр туһунан куоластааһын буолбут. Бэрэсидьиэни дуоһунаһыттан туоратарга уонна атын боппуруостары быһаарарга куолас тиийбэтэх.
- 2010 — 16 саастаах Австралия кыыһа Джессика Уотсон Сири соҕотоҕун тохтообокко устан эргийбит саамай эдэр киһи буолбут. 10 миэтэрэ уһуннаах парустаах оҥочото Сиднейтэн 2009 сыл алтынньы 18 күнүгэр тахсыбыт, 201 күн устата экватор соҕуруу өттүнэн устан (Антлантикаҕа экваторы быһа охсубут) төттөрү бу күн кэлбит. Австралия Улахан хомотугар күүстээх тыалга түбэһэ сылдьыбыт, мачтата үстэ ууга охсуллубут, долгуннар үрдүктэрэ 12 миэтэрэҕэ тиийэр эбит. Кыыс устарын тухары оҥочотун өрөмүөнүн туораттан көмөтө суох бэйэтэ оҥорбут. Кэлбитэ үс хонон баран кыыс 17 сааһын бэлиэтээбит.
- 1157 — Юрий Долгорукай, Суздаль кинээһэ, Киев улуу кинээһэ, Москуба төрүттээччитэ. Пиир кэмигэр сүһүрдэн өлөрбүттэрэ.
- 1857 — Василий Тропинин (1776 с.т.), аатырбыт нуучча реалист уонна романтик худуоһунньуга, мэтириэти суруйарынан биллэрэ.