Дмитриев Иннокентий Аксентьевич (Сиэн Чолбодук) (12.04.1931—16.05.2013) — суруйааччы, драматург, тылбаасчыт, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ньурба улууһун ытык олохтооҕо.

Thumb
Дмитриев Иннокентий Аксентьевич

Олоҕун олуктара

  • 1931 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр Ньурба оройуонугар Хордоҕойго (билигин Ньурбачаан) төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии ыар сылларыгар ааспыта, сэрии тулаайаҕа, аҕата Аҕа дойду көмүскэлин иһин олоҕун толук уурбут.
  • 1950 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединститут иһинэн педрабфагы бүтэрэн баран Уус Маайа улууһугар Нуотара, Майда оскуолаларыгар учууталлаабыт.
  • 1953—1957 сс. — Ньурбаҕа Араҥастаахтааҕы оҕо дьиэтигэр иитээччинэн, Куочай сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбит. Саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр, физкультуураҕа, биологиҕа үөрэппитэ.
  • 1962 с. — Саха государственнай университет саха салаатын бүтэрбит.
  • 1962 с. — Саха драматическай театрын литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
  • Ол кэннэ 7 сыл культура министерствотыгар искусство инспекторынан үлэлээбит.
  • 1969 сылтан өлүөр диэри — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ.
  • 2001 с. — Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • 2013 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр өлбүтэ.

Айар үлэтэ

Тылбаасчыт

30-н тахса араас омук драматын тылбаастаабыта. Ол иһигэр, пьесалар «Обжалованию не подлежит» Т. Абдумомунов, «Нэркэс» И. Юмагулов, «Белое платье матери» Ш. Хусаинов, «Черт в сундуке» Ц. Шагжин, «Проделки Долумы» Ч. Ойдов, «В ночь лунного затмения» М. Карим, «Хаарыан хампа күөх кытылым (Желанный голубой берег мой)» Ч. Айтматов пьесалара о. д. а.

Пьесалара

Пьесалара Саха театр, Ньурба норуодунай театрын о. д. а. театрдар сценаларыгар туруоруллаллар.
80 сааһын туоларыгар Манчаары Ньурбаҕа олорбутун туһунан дырааманы суруйбута «Манчаары тиһэх дьоло» диэн ааттанан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта[1].

Пьесаларын хомуурунньуктара
  • «Хара сурук (Черное письмо)» (1999)
  • «Земная суть моя» (2000)
  • «Изба с привидениями» (2001)

Кэпсээннэрин хомуурунньуктара

  • «Кэҕэ кулгааҕа (Подснежник)» (2002)
  • «Хордоҕой» (2003)
  • «В сторону дневного стояния солнца» (2004)
  • «Девять рассказов» (2004)
  • «Богиня Мичийэ» (2006)

«Ньургуһуннар» ырыа

Саха норуотун уоһуттан түспэккэ ылланар өлбөт үйэлээх «Ньургуһуннар» ырыа ааптара. Бу ырыа хоһоонун устудьуоннуу сылдьан суруйбута. [2].

«

Хара сир устун саас маҥнай
Хааман иһэр кэрэтиэн!
Сэрэммиттии аргыый аҕай
Сири көрөн иһэбин.

»

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ (1994)
  • «Гражданскай килбиэн» ураты Бэлиэ (2005)
  • Ньурба улууһун Ытык Киһитэ

Аатын үйэтитии

И. А. Дмитриев — Сиэн Чолбодук кэриэһигэр Дьөгүөр Бөтүрүөп анаабыт «Сүтүк» хоһооно[3].

«

Сүтүк, ыарахан сүтүк,
Иһийдэ Тыйаатыр саалата.
Этэргэ ыарахан, истэргэ ыарахан
Нөрүйдэ дуу, хара сиргэ, ньургуһун?

Чолбоннуу сыдьаайбыт олоҕуҥ
Оҥкулун булбута бу манна,
Лыҥкыныыр Эн дууһаҥ кылларын
Барытын арыйта — Тыйаатыр!
Ол онтон тыллаҥҥын сахалыы саҥартыҥ
Дойдугун аатырпыт «…хампа күөх кытылы…»
Умустуҥ муораҕа — далайга Эн көттүҥ
Кирискин бу Сиргэ алҕааҥҥын хааллардыҥ!

»

Быһаарыылар

Сигэлэр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.