Сиһилии Сыллар, Уоннуу сыллар ...
Сап

1929 сыл.

Туох буолбута

Хаһан буолбута чопчуланыахтаах

  • Сангаардааҕы таас чох руднига үлэтин саҕалаабыт (каменно-угольный рудник).

Олунньу

  • Олунньу 17 — кулун тутар 4 — Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр VI сийиэстэрэ буолбут. Сийиэс бастакы биэс сыллаах былааны (1929-1933 сылларга) бигэргэппитэ. Сүрүн быһаарыларынан суолу күүскэ тутуу, хостуур бырамыысыланнаһы сайыннарыы (көмүс, таас чох) уонна сири хаттаан үллэрии буолбута[1].

Кулун тутар

  • Кулун тутар 4 — Сэбиэттэр VI сийиэстэрэ түмүктэммит. Сийиэс 1929 сылга ходуһаны, бааһынаны уонна уһаайба сирдэрин хаттаан үллэрэргэ диэн быһаарыы ылбыт.
  • Кулун тутар 9ЯЦИК саха тылын суругун-бичигин биирдэһиллибит (унификацияламмыт) түүр-татаар алпаабытыгар көһөрөргө диэн быһаарыы ылбыт.

Ыам ыйа

Бэс ыйа

  • Бэс ыйын 5Үлэ уонна көмүскэл сэбиэтэ (ССРС-ка 1937 сыллаахха диэри үлэлээбит салайар уорган) дойду үрдүнэн массыына-тыраахтар станцияларын (МТС) арыйтыыр туһунан уураахтаабыт.

От ыйа

  • От ыйын 3 — Саха АССР Совнаркома Дьокуускайга республика суолталаах балыыһа тутарга диэн быһаарыы ылбыт.

Атырдьах ыйа

Алтынньы

  • Алтынньы 13 — Ола оройуоннааҕы исполкома Илиҥҥи Эбээн (Нагаевтааҕы) культбааза тутар туһунан быһаарыныы ылыммыт. Мантан Магадаан куорат тутуллуута саҕаламмыт.
  • Алтынньы 20Сэбиэскэй Сойууска ВКП(б) киин кэмитиэтэ кэлимсэ коллективизация бэлиитикэтин биллэрбит. Ас-үөл оҥорон таһаарыытын чэпчэтэр туһугар тыа сиригэр чааһынай хаһаайыстыбалары холбоон холкуостары уонна сопхуостары тэрийэн саҕалаабыттар. Маҥнай утаа коллективизация утарсыыны көрсүбүт, ас-үөл оҥоруута аччаан 1932-1933 сыллардаахха хоргуйуу тахса сылдьыбыт. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрэ үрдээбиттэр. Социализм систиэмэтэ ыһыллыбытын кэннэ Илин Европа дойдулара деколлективизацияны ыыппыттара, сири чааһынай бас билиигэ төннөрбүттэрэ.
  • Алтынньы 24АХШ фондовай биржаларыгар "хара чэппиэр" — акциялар сыаналара күр гыммыттар. Бу күн Улуу кэхтии диэн уон сыл кэриҥэ салҕаммыт улахан экэниэмикэ кириисиһин саҕаланыытынан ааҕыллар. Улуу кэхтии баай да дьадаҥы да дойдулары улаханнык охсубута. Тус барыс, түһээн киириитэ, барыстар уонна сыаналар түспүттэр, дойдулар ардыларынааҕы эргиэн 50%-тан тахса аччаабыт. Үлэтэ суох буолуу АХШ-ка 25% диэри улааппыт, сорох дойдуларга 33% буолбут.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 1 — Булуҥҥа сэбиэскэй былааһы суулларбыттар. Булуҥҥа уонна Күһүүргэ хомуньуустар тутуллубуттар, радио, маҕаһыын уонна астаах-үөллээх, араас табаардаах ыскылааттар былдьаммыттар. Былаастарга бу түбэлтэ туһунан ый 24 күнүгэр эрэ биллибит. Быыкап мыыска, Уус Өлөөҥҥө, Бороҕоҥҥо уонна Хара Уулаахха суһаллык кыһыл дружиналар тэриллибиттэр. Верхоянскайтан Е. Петров салалталаах кыһыл этэрээт тахсыбыт, Дьокуускайтан Булуҥҥа А. С. Доль хамаандалаах Хотугу холбоммут этэрээт (Якутский северный сводный отряд) ыытыллыбыт. Сотору кэминэн сэбиэскэй былаас сөргүтүллүбүт.
  • Ахсынньы 5Таджик ССР төрүттэммит.
  • Ахсынньы 19 — Ииндийэ национальнай кэнгириэһэ Ииндийэ тутулуга суох буолуутун туһунан декларация ("Пурна Сварадж") таһаарбыт.
  • Ахсынньы 27 — Иосиф Сталин кулаактары «кылаас быһыытынан эһэр» туһунан тыл эппит. Бу бэлиитикэни толорон 1930-1931 сылларга 1,8 мөл. киһи социализм өстөөҕө аатыран күүһүнэн көскө ыытыллыбыта. Кулаактааһын уонна тэҥҥэ ыытыллыбыт коллективизация судаарыстыба сири баһылыырын, тыа хаһаайыстыбатын хонтуруолга ылыыны хааччыйбыттара, куоракка үлэһит илиини элбэппиттэрэ.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.