Сэтинньи 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 308-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 309-c күнэ). Сыл бүтүө 57 күн баар.
- Арассыыйа Арассыыйа — Сомоҕолоһуу күнэ
- Доминика Доминика — Уопсастыба туһугар үлэлиир күн
- Доминика Доминика — Дойду сомоҕолоһуутун уонна сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ ит. Giorno dell'Unità Nazionale e Festa delle Forze Armate
- Панаама Панаама — Былаах күнэ
- Тонга Тонга — Дойду күнэ
- Удмуртия Удмуртия (Арассыыйа) — Удмуртия судаарыстыбаннаһын күнэ
- Украина Украина — Тимир суол үлэһитин күнэ
- Израиль Израиль — Ицхак Рабины ахтар күн, судаарыстыба күнэ буолбатах эрээри киэҥник бэлиэтэнэр
- 1582 — Ермак Тобол өрүс кытылыгар Чуваш тумулугар буолбут кыргыһыыга Сибиир хаанын Кучум сэриитин үлтүрүппүт. Аҕыйах хонугунан Сибиир киин куоратын Искеры ылар. 1585 с. Кучум Ермаагы өлөрөн баран Искеры төннөрбүтэ.
- 1612 — Дмитрий Пожарскай уонна Кузьма Минин салалталаах норуот ополчениета Москуба Кытай-Куоратын поляк гарнизонуттан босхолообут. Поляктар Кириэмилгэ чугуйбуттар эрээри, сотору кэминэн бэриммиттэр. Манан былаас былдьаһыытыттан үөскээбит Дьалхааннаах кэм (Смутное время) сүрүннээн түмүктэммитэ. 1613 олунньутугар саҥа ыраахтааҕынан Михаил Романов талыллыбыта.
- 1660 — Боярин Василий Шереметев аармыйата Чуднов анныгар поляктарга бэриммит. Онон Русь Украина Уҥа кытылын сэриилиир кыаҕын сүтэрбитэ.
- 1708 — Украина гетмана Иван Мазепа Бүөтүр I ыраахтааҕыны утарарын биллэрбит уонна сэриитин швед хоруолун Карл XII сэриилэригэр холбуурдуу туруммут.
- 1736 — Дьокуускай куоракка кэлэ сылдьар учуонай Герард Миллер Оелго Куннеков уонна Идельги Бигеков диэн Хаҥалас кинээстэрин кытта кэпсэтэн Эр Соҕотох туһунан үһүйээни сурунан ылар. Оелго Тыгын уолун Беджоко (Бөдьөкө) хос сиэнэ, оттон Идельги — Тыгын уолун Ыбаха сиэнэ буолара ыйыллар. Ону тэҥэ Тыгынтан саҕаламмыт сэттэ көлүөнэни ааттаан туран, барыта 146 киһини ааттарын-суолларын суруйбут. Оелго маны таһынан бэйэтин эһэтин Мазары буоларын эппит[1].
- 1794 — Александр Суворов сэриилэрэ Праганы (Варшава аттынааҕы сэлиэнньэ) ылбыттар. Поляктар өрө туруулара хам баттаммыт. Бу кэнниттэн элбэх поляк дворяннара Сибииргэ көскө уонна хаатыргаҕа ыытыллыбыттара.
- 1890 — Лондоҥҥа бастакы сир аннынааҕы тимир суол аһыллыбыт — метро.
- 1920 — РСФСР иһигэр Удмурт, Марий уонна Калмык автономнай уобаластарын тэрийэр туһунан дэкириэт тахсыбыт. Ленин илии баттаабыт.
- 1921 — Дьокуускай уйуоһугар бандьыыттааһын тэнийбитинэн сибээстээн Илин Эҥэр буоластарыгар уонна Маайаҕа байыаннай балаһыанньа биллэриллибит.
- 1922 — Эгиипэккэ Ыраахтааҕылар хочолоругар Британия археолога Говард Картер уонна кини дьоно Тутанхамон фараон көмүүтүн булбуттар. Сотору кэминэн гробницаны арыйыыга сылдьыбыт сорох дьон өлбүттэрин кэнниттэн "фараон кырыыһын" туһунан сурах тарҕаммыт. Ол эрээри гробницаны арыйсыбыт дьон баһыйар үксүлэрэ кырдьар саастарыгар диэри тиийбиттэрэ.
- 1946 — Париж куоракка ЮНЕСКО төрүттэммит — Холбоһуктаах наассыйалар үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ.
- 1962 — Саха сирин эпииригэр аан бастакы телевизионнай ойуу бэриллибит.
- 2004 — Ил Түмэн уурааҕынан Марха уонна Хаҥалас бөһүөлэктэрэ Дьокуускай куоратын састаабыгар киирбиттэр.
- 2008 — АХШ-ка бэрэсидьиэн быыбара ааспыт. Өбүгэлэрэ Африкаттан төрүттээх киһи, Барак Обама, аан бастаан АХШ бэрэсидьиэнэ буолбут.
- 2009 — суруналыыс уонна артыыс Андрей И Шергин шахтатыгар түһүү шоу тэрийбит.
- 2011 — Ковров, Ломоносов, Таганрог уонна Камчааткатааҕы-Петропавловскай Сэрии албан аатын куоратын ытык аатын ылбыттар.
- 1840 — Дмитрий Каракозов (1866 с. суутунан өлөрүллүбүт), өрөбөлүссүйэниэр, Александр II ыраахтааҕын өлөрө сатаабыта.
- 1969 — Мэттью Макконахи, АХШ артыыһа, сценарист, режиссёр уонна продюсер, «Оскар» бириэмийэ лауреата.
- 1995 — Жиль Делёз (1925 төр.), француз бөлөһүөгэ.
- 2006 — Алитет Немтушкин (1929 төр.), Иркутскай уобаластан төрүттээх Красноярскай кыраай Туру бөһүөлэгэр олорбут эбэҥки суруйааччыта, бэйиэт. Эбэҥки араадьыйатын эрэдээктэрэ.
Марк Григорьев, Василий Алексеев Маһары Бозеков Кэбээйитээҕи, Горнайдааҕы сыдьааннара. — Бэрдьигэстээх: "Үлэ күүһэ" хаһыат эрэдээксийэтэ, 2021. — С. 6-7. — 48 с.