From Wikipedia, the free encyclopedia
Салгын кут диэн оҕо улаатан иһэн 5 эбэтэр 6 сааһыттан сайыннаран иһэр өйө-санаата ааттанар.
Бу ыстатыйаҕа Салгын кут 1 ыстатыйа иһинээҕитэ көһөрүллүөхтээх уонна онтон утаарыы туруоруллуохтаах. Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп. Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар {{Холбуурга}} халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. |
Сахалар итэҕэллэрин үөрэҕин биир салаатынан кут-сүр үөрэҕэ буолар. Кут-сүр үөрэҕэ Айылҕа тыынар-тыыннаахтарыгар барыларыгар дьайар. Салгын кут туһунан суруйуох иннинэ кут-сүр үөрэҕэр төһө билии мунньуллубутун аан маҥнай түмэн көрүллэр:
Сахалар билэллэринэн Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтара иккилии: буор уонна ийэ куттаахтар. Салгын кут киһиэхэ эрэ сайдан барар. (1,67).
Айылҕаҕа буола турар уларыйыылар киһи өйүгэр-санаатыгар, салгын кутугар киирэн мунньустан иһэллэр. Салгын кут айылҕа түргэнник буола турар уларыйыыларын ылар. (2,24).
Киһи үөрэҕи-билиини ылан иҥэринэр дьоҕура салгын куттан тутулуктаах. Салгын кут киһи чараас эйгэтин үөскэтэр. Ити эйгэҕэ киһи туруга, баҕата, санаата иҥэн сылдьар. Үөрэнии салгын кут иҥэрэр дьоҕуругар олоҕурар. Салгын кукка ким эрэ кута түстэҕинэ, киһи ол түспүт кут майгынын ылар, билиитин иҥэрэр, интэриэһин тутуһар. (3,128).
Курууппа ойуун салгын кут кэлбэт гына бардаҕына киһи иирэр диир эбит. Киһи түһээн ону-маны көрөрө - салгын кут сырыыта. Түһээн өлбүт киһини көрүстэххинэ, ол аата эн салгын кутуҥ кини салгын кутун көрөр эбит. (4,34).
Салгын кут маннык быһаарыыларын барытын мунньан баран ырытан көрдөхпүтүнэ бу кут эмиэ өй-санаа мунньустуута буолара чахчы. Бу өй-санаа ийэ кут курдук үгэскэ кубулуйа илик буолан сахалыы эттэххэ «көтөн» хаалар кэмнэрдээх. Өй-санаа мунньустан элбээн истэҕинэ, толкуйдуур, быһаарар күүһэ эбиллэн иһэрин бэлиэтинэн оҕо улаатан иһэн ону-маны өйдүүр, тугу оҥорбутун умнубат, өйдөөн хаалара эбиллэр. Оҕо умнугана суох буолуута салгын кута сайдан иһэрин, үөрэҕи-билиини ситиһиитин биир бэлиэтэ буолар.
Оҕо улаатан иһэн үөрэҕи-билиини баһылаан, өйө-санаата сайдыыта, сахалыы салгын кут диэн ааттанар. Бу салгын кут өйө-санаата сайдыбытын бэлиэтинэн оҕо тугу оҥорбутун өйдүү сылдьар уонна бэйэтэ кэлин тугу оҥоруохтааҕын билэр, умнубат буолуута ааҕыллар.
Оҕо улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла бэйэтэ тугу гыммытын, ханна сылдьыбытын умнубакка өйдүү сылдьар буолар. Сити кэмтэн ыла саҕаланан кини салгын кута сайдан, туспа баран иһэр. Бу кэмтэн ыла саҕалаан киһиэхэ «Мин бэйэм» диэн өйдөбүл киирэн, күүһүрэр, бэйэтэ оҥорбутун өйдүүр, умнубат. Онтон ол иннинээҕи, өссө кыра эрдэҕинээҕи өйө-санаата, оччолорго тугу оҥорбута, бэйэтэ өйдөөбөтөҕүн да иһин ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан, иҥэн сылдьар.
Киһи хара төрүөҕүттэн үлэлииргэ, тугу эмэ туһалааҕы оҥорорго сүрэҕэ суох, эти-сиини хамсатыы элбэх эньиэргийэни, күүһү-күдэҕи эрэйэр. Сүрүн чааһа эт-сиин буолан куруук сынньалаҥнык, бэйэтин этин-сиинин, буор кутун эрэйдээбэккэ эрэ, быстах баҕа санааларын толоро сылдьыан баҕарар. Ити баҕа санаалар барылара киһи буор кутун, ийэ кутун баҕа санаалара буолаллар. Бу быстах баҕа санаалары барыларын баһыйар уонна дьоҥҥо ордук туһалаах өттүн, үлэ-хамнас диэки салайан биэрэргэ аналлаах туспа күүс баар буоллаҕына эрэ киһи киһилии майгылаах, туох эмэ туһалааҕы оҥорор буола улаатар. Бу күүс, өй-санаа, салгын кут буолар. Kиһиэхэ салгын кута сайдыыта киһи өйүн-санаатын сайыннаран, үөрэҕи-билиини баһылаан «Киһилии киһи» буолуутугар тириэрдэр.
Сахалар салгын куту быһаарыылара психолог Рон Хаббард толкуйдуур өй-санаа диэн быһаарыытыгар сөп түбэһэр. (5,52).
Салгын кут сайдыыта түргэн. Оҕо улаатан улахан киһи буолуутугар дьон-норуот үйэлэр тухары үөрэтэн билбиттэрин үксүн кэриэтэ билэр буола үөрэнэр. Өссө сорохтор бэйэлэрин үйэлэригэр аһара сайданнар, саҥаны арыйыылары эмиэ оҥороллор. Оҕо улаатан, бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн, салгын кута сайдан истэҕинэ, араас быстах баҕа санааларын, ийэ кутун өйүн-санаатын, баһыйа тутан салайар киһи буолан бардаҕына элбэх туһалаах үлэни-хамнаһы оҥоруон сөп кыахтанар.
«Киһи тылын истимтиэ»,- диэн этии «Үөрэҕи ылынымтыа киһини» бэлиэтиир этии. Улахан, үөрэтэр киһи тылын болҕомтолоохтук истэн ылынан иһэр киһи үөрэҕи-билиини баһылыыра түргэн. Салгын кут сайдан барыытыгар сыһыаннаах этиинэн: «Киһилии киһи атын дьон сыыһаларын көрөн, истэн үөрэнэр, онтон ыараханнык, эрэйдэнэн үөрэнэр киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр»,- диэн баар. Бу этии киһи үөрэҕи баһылааһына эмиэ икки араастааҕын уонна үөрэх киһиэхэ киирэн иҥиитэ эмиэ тус-туспа буолалларын арааран бэлиэтиир.
Салгын кут өйө-санаата ыһыллаҕас ситэ чиҥии, үгэс буола илик санаалар буолаллар. Салгын кут өйө-санаата сотору умнуллан суох буолан иһэллэр, биир эмэ олус дириҥник өйдөммүт өрүттэр эрэ ордон хаалаллар. Kиһи кинигэни аахтаҕына эбэтэр киинэни көрдөҕүнэ сүрүн өрүттэрин быстах-быстах сирдэринэн өйдөтөлөөн хаалар. Манна ордук киһини соһутар, урут буолбатах быһыылар аан бастаан өйдөнөллөр. Интэриэһинэйэ суох кинигэ түбэстэҕинэ ханан эрэ баһын-атаҕын эрэ өйдөөн хаалан баран сотору аатын кытта умнан кэбиһиллэр.
Аҥардастыы салгын кута сайдыбыт киһи түүлүгэр үгүстүк көтөр, үөһээ ыраах сылдьар, баҕа санааларын араас көстүүлэрин көрүөн сөп. Түүлгэ киһи олус ыраах, сир көстүбэт үрдүгэр көтө сылдьар буолуута хаһан да туолбат ыра санаалар элбэх буоллахтарына көстөр бэлиэ буолар.
Салгын кут эти-сиини кытта быһаччы сибээһэ, тутулуга суох. Бу кут эккэ-сииҥҥэ атын куттар: ийэ эбэтэр буор куттар нөҥүө, ол куттар сөбүлэстэхтэринэ эрэ дьайар кыахтаах.
Салгын кут аҥардастыы сайдыыта кэлтэй сайдыылаах, этэ-сиинэ эрчиллиитэ суох, мөлтөх доруобуйалаах, быстах, туруга суох өйдөөх-санаалаах киһини үөскэтэр.
Туруга суох өйдөөх-санаалаах дьон аан маҥнай арыгыһыт, наркоман буолаллар. Kинилэр өйдөрө-санаалара чэпчэки, олус көтө сылдьыы диэки салаллан хаалыылара итирэ, өйдөрө көтө сылдьар кэмин ордук сөбүлүүр буолалларыгар тириэрдэр. Аҥардастыы салгын кут сайдыыта дьон олоҕор, Орто дойду сайдыытыгар олус улахан охсуулаах буолара сабаҕаланар.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи бэйэтин өйүгэр-санаатыгар олус сөп түбэһэрэ дакаастанар. Киһи хара төрүөҕүттэн ыла дьаныһан туран дьарыктанан бэйэтин буор, ийэ куттарын эрчийэн, салгын кутун сайыннаран истэҕинэ олоҕор сайдыыны ситиһиэн, дьоҥҥо элбэх туһаны аҕалыан сөп. (6,89).
Арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр оҕоҕо буор уонна ийэ кута үөскээһиннэрин быһааран билбэттэриттэн аҥардастыы салгын куту, үөрэҕи-билиини иҥэриниини сайыннара сатыыллар. Үөрэҕи-билиини оҕоҕо иҥэриини арҕааҥҥы үөрэхтээхтэри быһаччы үтүктэр иитээччилэр уонна үөрэтээччилэр кыайа-хото туталлар. Арай бу үчүгэй үөрэнээччилэр тоҕо куһаҕан, сиэрэ суох, ыар быһыылары оҥороллор диэни кыайан быһаарбаттарыттан олору оҥорооччу эдэрдэр эбиллэн иһэллэр.
Үөрэҕи билиини бэйэ өйүнэн-санаатынан иҥэринэн иһии киһи салгын кутун үөскэтэр. Салгын кут оҕо тугу оҥорорун умнубат буолбут кэмиттэн, ол аата биэс эбэтэр алта сааһыттан ыла сайдан барар. Аныгы үөрэх кыһалара оҕо салгын кутун сайыннарыыны, үөрэҕи-билиини иҥэриини утумнаахтык ыыталлар. Олох ханнык эмэ түргэнник кэлэн ааһар кэмигэр киһи өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмэ кэлэн ааһарын аахсыбаттарыттан, атаах буола улааппыт эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара тоҕо эбиллэн иһэллэрин кыайан быһаарбаттар.
Сахалар оҕону иитэр, үөрэтэр үөрэхтэригэр эрдэлээн үөрэтэн иһии диэн өйдөбүл баар. Сайдан иһэр оҕо өйө-санаата саҥаны билээри-көрөөрү кэмэ кэлэн истэҕинэ, барыны-бары билэр улахан киһи оҕону батыһыннара сылдьан бэйэтэ көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэн үөрэтэн иһиитин «Эрдэлээн үөрэтэн иһии» диэн ааттанар. Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин билэн тугу барытын эрдэттэн үөрэтэн, билиһиннэрэн, үчүгэй быһыылары талан ылан маннык оҥоруллар диэн көрдөрөн, биллэрэн, ону бэйэтигэр оҥорторон, оннук үгэс үөскээһинин ситиһии буолар.
Бу үөрэтии көрүҥэ бастаан иһиитэ биир сүрүн тутулуктаах. Ол тутулугунан оҕо аан маҥнай билбитин, соһуйа көрбүтүн олус кытаанахтык, дириҥник иҥэринэригэр, ол билиитэ ийэ кутун быһалыы үөскэтэн, хаһан даҕаны умнубатыгар олоҕурар.
Үчүгэй быһыылары оҕоҕо аан бастаан оҥотторон соннук үгэстэр ийэ кутугар иҥэллэрин ситиһии үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар тириэрдэр.
Төрөппүттэр оҕолорун эрдэттэн үөрэтэн биэриилэрэ хойутаан хааллаҕына, оҕо бэйэтэ онтон-мантан көрөн-истэн, тутан-хабан эбэтэр кимтэн эмэ, атын киһиттэн истэн-көрөн син-биир ону билиэ, оҥоруо эрээри, киһи быһыытыгар, сиэргэ-майгыга сөп түбэспэт буоларын тэҥэ, үгүстүк сыыһа туттан, бу быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп.
Үөрэҕи ылыныы икки өрүттээҕин быһаарар уонна дириҥэтэн биэрэр «Yөрэҕи ылымтыа киһи дьон сыыһаларыттан көрөн, онтон үөрэҕи бытааннык ылынар киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр» диэн этии баар.
Yөрэҕи ылымтыа киһи араас суруйуулартан билэн-көрөн, ааҕан, истэн билиитэ-көрүүтэ түргэнник сайдар. Маннык билии хаһан үгэскэ кубулуйан киһини бэйэтин салайара олус ыраах, онтон киһи бэйэтин сыыһаларыттан үөрэммитэ ордук дириҥник, уһуннук умнуллубат гына иҥэринэн уратыланар уонна “дириҥ билиигэ” кубулуйар.
Сахаларга өсөһүннэрэн үөрэтии диэн баар. Бу үөрэх улаатан иһэр оҕоҕо өсөһөр санааны үөскэтэринэн кыайыыга-хотууга, ситиһиигэ дьулуурун улаатыннарыыга туһалыыр аналлаах. «Бачча улаатан бараҥҥын маны кыайбаккын дуо?» диэн этии бу үөрэх сүрүн төрүтэ буолар уонна оҕо улаатан барыны-бары кыайар-хотор санаата эбиллэн иһэриттэн күүс ылар, ол иһин дьайар күүһэ улаатар.
Yөрэхтэн-билииттэн киирэр өй-санаа киһи быһыытын уларытара эмиэ ийэ кут нөҥүө барар. Ханнык баҕарар билии киһиэхэ үгэһи үөскэттэҕинэ эрэ, киһини бэйэтин салайар, бу үөрэҕэ этэрин тутуһар кыахтанар. Киһи ханнык баҕарар быһыытын ийэ кута хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьарынан саҥа үгэс ханан эрэ уруккуну баһыйдаҕына эрэ толоруллар кыахтанар. Оҕо ийэ кутугар уорар куһаҕан диэн өйдөбүл иҥэн сылдьар буоллаҕына, кэлин улааппытын кэннэ тугу эмэ уоруохха диэн санаа киирэн да кэллэҕинэ, бэйэтин тохтотунан уорумуон, ылымыан сөп.
Кыра эрдэҕинэ оҕону атаахтатыы, бары баҕатын толоруу, көҥүлүнэн барыыга, туохха барытыгар аһара бара сылдьарга үөрэтии соннук өй-санаа ийэ кутугар иҥэн уурулларын үөскэтэр. Бу киһи кэлин, улаатан да баран атаахтыы, ону-маны көрдүү сылдьар буоларын таһынан, аһара баран, сыыһа туттан кэбиһэр кыахтанар. Кэлэр көлүөнэлэр киһилии өйдөөх-санаалаах, көрсүө, сэмэй буола улааталлара ийэ куттарын иитииттэн тутулуктаах.
Сахалар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар ыксаллаах, ыгыллыбыт, итирбит кэмҥэ көтөн эбэтэр баайыллан хаалар өйбүт-санаабыт салгын кут диэн буолар. Итирбит киһи бары киһилии үөрэҕэ, билиитэ барыта көтөн хаалбытын кэннэ ийэ кута, кыра эрдэҕинэ иитиллибит үөрэҕэ, үгэстэрэ быһаччы салайаллар. Ол иһин итирдэхтэринэ үгүстэр бэйэлэрин көрүнэр, атаахтыыр, киһиргиир санаалара киирэн кэлэрэ улаатарыттан сыыһа-халты туттуналлара элбээн хаалара, куһаҕан быһыылар үксүүллэригэр тириэрдэр.
Сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһанан оҕо, киһи өйүн-санаатын, куттарын уратыларын билии уонна олоххо, оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныы сайдыылаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьонтон ирдэнэр кэмэ кэллэ.
1. «Илин» сурунаал. 2000 с. N 1.
2. Саха төрүт культурата. 11 чааһа. Саха республикатын үөрэҕин министерствота. Учууталга көмө. Дьокуускай: 1992.- 80 с.
3. Афанасьев Л.А. Айыы үөрэҕэ. Дьокуускай: «Ситим» КиФ, 1993.- 184 с.
4. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» Нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.
5. Л.Рон Хаббард. Дианетика. Современная наука душевного здоровья. Учебник по дианетике. / Пер. с англ. под общей ред. М.И.Никитина. - Москва: Воскресенье, Нью Эра Пабликейшнс Груп ( Совместное издание ). 1993.- 576 с.
6. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.